Култуура сонуна
Хачыкаат кулууба сэбиэскэй былаас саҕанааҕы тутуу буолан хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут дьиэ. Бастаан үлэҕэ киирэригэр 1995 сыллаахха аҥардас дьиэтэ эрэ баар эбит буоллаҕына, билигин манна аныгы киһи сынньалаҥыгар эппиэттиир тэриллэринэн толору хааччыллан турар. Кулуупка ыаллыы сытар Кыһыл Үрүйэ сэлиэнньэтин кытта холбоон барыта 7 киһи үлэлиир. Дириэктэринэн 23 сылын СӨ култууратын туйгуна Галина Игнатьева буолар.
—Быйыл күһүнҥү үлэбит дьылын үтүө сонуннаах саҕалыыбыт. Муниципальнай тэрээһиннэргэ аналлаах олохтоох көҕүлээһини өйөөһүн бырагыраамматынан кулууп сыанатыгар 3 мөл. 400 тыһыынча солкуобайга лед—экран ыллыбыт. Култуура тэрилтэлэрин материальнай—техническэй базаларын бөҕөргөтүүгэ аналлаах бырагырааманан гран «суруйан», 423 тыыһынча солкуобайга саҥа аппаратура кэллэ. Уонна өссө киинэ көрдөрөргө аналлаах проекторы, роутеры, экраны, компьютеры холбоон сотору кэминэн нэһилиэкпитигэр саҥаттан саҥа киинэлэри көрдөрүөхпүт. Бу тэриллэри ылыыга 2 мөл. солкуобай СӨ үп—харчы министиэристибэтиттэн, 1 мөл. солкуобай Хачыкаат нэһилиэгин дьаһалтатыттан уонна спонсордарбыт Алиш Забидоглы Мамедовтан, нэһилиэкпит олохтоохторуттан 60 тыһ. солкуобай түмүлүннэ. Онон Хаҥалас улууһугар нэһилиэктэртэн лед — экран биһиэхэ бастакынан баар буолла. Аҕыйах хонугунан балаҕан ыйын 27 күнүгэр, үөрүүлээх түгэнҥэ саҥа тиэхиньикэбитин нэһилиэкпит дьонугар—сэргэтигэр үлэлэтэн көрдөрүөхпүт. Үлэһиттэрим манна анаан анал үөрэх ааспыттара, онон сотору кэминэн аныгылыы тэтимҥэ киириэхпит. Киинэ экрана сотору кэминэн таҥыллан саҥа киинэлэри өрөспүүбүлүкэкиин куоратын киинэтеатырдарын кытары тэҥҥэ көрүөхпүт.
Бу киинэ экранын ыларга олохтоох дьаһалтабыт 293 тыһ.солк. эбии төлөөн, куруутун буоларын курдук, сүҥкэн көмөнү оҥордо. Дьаһалтатын үлэһиттэригэр Сардана Ефимоваҕа, Александр Тихоновка, Варвара Чужихха, баһылыкпытыгар Ирина Оболкинаҕа куруутун саҥа саҕалааһыннарбытын өйүүллэрин иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит, — диэн барытын кэритэ сылдьан көрдөрө-көрдөрө, үөрэ—көтө Галина Игнатьева кэпсээтэ.
Татьяна Владимирова.