«Хаксык» ТХПК урут уруккуттан хороҕор муостааҕы, сыыспай сиэллээҕи иитиинэн уонна сибиэһэй эт атыытынан дьарыктанар. Кэнники сылларга бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйа сыаҕын арыйан, баҕа санаалара туолан, эриллибит эт, кэтилиэт оҥорон олохтоох маҕаһыыҥҥа атыыга таһаараллар. Санатан этэр буоллахха, 2022 сыллаахха «Хаксык» кооператив Хаҥалас улууһун гранын ылан «төбөлөрүн» элбэттилэр, сыах тутуннулар, араас тэрил ылыннылар. Быйылгы кыстык хайдах ааспытын туһунан тэрилтэ салайааччытыттан Тамара Осиповаттан туоһуластым.
«Хаксык» ТХПК ынах сүөһүтүн уопсай ахсаана 364 төбө, мантан 130 ыанар ынах, билигин олортон 75% төрөөн турар. Кэнники сылларга төрүөхпүт үчүгэй, ол иһин сыыйа-баайа элбэтэн иһэбит. Үүппүтүн төгүрүк сыл «Хаҥалас-Аска» туттарабыт. Сылын аайы үүт туттарыытын былаанын толоробут.
Оннук гынан кыстыкпытын этэҥҥэ туораатыбыт. Сүөһүбүт аһын, оту-сиилэһи бэйэбит дьаһанар буолан үчүгэй хаачыстыбалаах. Ол да буоллар, кыһынын үлэһиттэр тиийбэттэр. Билигин 10-ча үлэһиттээхпит. Сотору кэминэн, сайылыкпытыгар көһүөхпүт. Онно икки эрэ ыанньыксыт үлэлиир уонна сүөһүлэр мэччирэҥҥэ тахсаннар үлэ үмүрүүр. Инникитин оҥорон таһаарар бородууксуйабытын өссө элбэппит киһи диэн баҕа санаалаахпыт. Сүөһү иитиитигэр эдэр ыччаты угуйохха, үөрэтиэххэ, сыһыарыахха наада. Саха омук төрүт дьарыгын умнумуоххайыҥ. Тыа хаһаайыстыбата баар буоллаҕына биһиги улууспут, нэһилиэктэрбит тупсуохтара, сайдыахтара диэн бигэ эрэллээхпин. Онон төһө кыайарбытынан, тугу сатыырбытынан этэнҥэ үлэлии-хамныы сылдьабыт, — диэн Тамара Афанасьевна кэпсээтэ.
Татьяна Владимирова.