Бу күннэргэ Дьокуускайга Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар түмэллэригэр Хаҥалас иистэнньэҥнэрэ киирэн XIX-с үйэ биир дойдулаах дьахталларын таҥастарын сөргүтэн көрдөрөн таҕыстылар.
— Хаҥаластан бу «Үрүҥ туллук» көрдөрүүгэ норуот маастардара хаартыскаттан сиэттэрэн тикпит таҥастарбыт кэллиэксийэтин билиһиннэрдибит, — диэн кэпсээтэ норуот мастара Анисия Фадеева. – Мин Тиит Арыы Ксенофонтовтар кыргыттарын хаартыскатын таҥаһын көрдөрдүм, «Надежда» кулууппут чилиэннэрэ хааман-сиимэн билиһиннэрдилэр. Нөмүгүттэн маастардар Валерияна Никифорова, Виктория Ноговициналаах меценат Герасим Соловьев архыыбыттан көстүбүт хаартыскаттан мааны таҥас кэллиэксийэлэртэн эмиэ дьон сөҕө махтайа көрдүлэр. Маннык тэрээһиннэр санаабытын көтөҕөллөр, ииспит историябытын билэргэ көмөлөһөр. Олус да мааны, кичэллээхтик тигиллибит таҥастары таҥна сылдьыбыттар эбит урукку үйэҕэ олорбут мааны, үөрэхтээх дьахталларбыт!
Кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ноговицын иһитиннэрбитинэн, ити Нөмүгү маастардара тикпит таҥастарын үөрэтиигэ «Уран уус» түмсүү үс сылтан ордук матырыйаалларын булууга, таҥыыга бириэмэтэ барбыт. Манна сүбэһитинэн-амаһытынан ХИФУ Хотугулуу-Илин култууратыгар уонна тылыгар институтун фольклор уонна култуура кафедратын доцена Светлана Петрова уонна биллэр этнограф Александра Прокопьева ылсан сүбэлээн-амалаан үлэлэспиттэрэ кэрэхсэниэн сөп диэтэ. Светлана Петрова сүүһүнэн хаартысканы харайан илдьэ сылдьыбыт Анастасия Игнатьева-Колосовалыын көрсүһэн интэриэһиргээн хаһыс да сылын алтыһа сылдьар Нөмүгү иистэнньэҥнэрин ылсалларыгар сүбэлээн, бэйэтэ үлэлэһэн бу кэрэ көстүүмнэри сөргүппүттэр. Манна 60 кырынаас тириитэ, 102 саарба тыһа туттуллубута сөхтөрөрүн кэпсээтэ. Хаартыскаҕа Герасим Соловьев кэргэнэ Елена Оросина (хаҥас өттүгэр олорор кыыс кимэ өссө биллибэт), меценат кыыһа Евдокия Соловьева турар).
Бу кэллиэксийэлэр аныгыһын саҥа быыстапкаларга кыттыахтара.
Людмила Аммосова.