История
Покровскайга киин бибилэтиэкэҕэ түмүллэн Хаҥалас кыраайы үөрэтээччилэрин, историктарын кулууба бибилэтиэкэр Людмила Колесова уонна улуус дьаһалтатыттан Борис Протодьяконов салайыыларынан үлэлиир. Кулууп чилиэннэрэ батсаапка бөлөхтөөхтөр. Онно ким баҕарар историябытыгар, үгэстэрбитигэр, итэҕэлбитигэр сыһыаннааҕы билбитин-көрбүтүн үллэстэр. Кулууп туспа былаан оҥостон үлэлиир, араас тэрээһиннэри ыытар.
Батсаап бөлөххө кыраайы үөрэтээччилэр, историяны кэрэхсээччилэр сонун иһитиннэриилэрэ күннэтэ тахсар, ким ханнык хайысхаларынан, тугу интэриэһиргииллэринэн санаатын үллэстэр. Ол курдук, Ойтон «Эллэйаада» оҕолор научнай экспедицияларын үлэтин энтузиаст-педагог Прокопий Ноговицын сырдатар, олус кэрэ хаартыскаларынан доҕуһуоллууруттан киһи дууһата сырдыыр. Иһитиннэрэр хайысхата олус киэҥ – тыынар тыыннаах, айылҕа харыстабылыттан саҕалаан история, былыргы үгэстэргэ, сир-дойду, халлаан уларыйыыларыгар тиийэ. Олус интэриэһинэй иһитиннэриилэри кыраайы үөрэтээччи Раиса Федорова ыытар. Кини Хаҥаласпыт историятын хасыһар, ол иһигэр уустары, норуот чулуу дьонун туһунан сырдатар. Иккис Эргис диэн нэһилиэк баар эбит, Хаҥаласка. Уруккута 1-кы Эргис диэн баарын этэр. 1914 сыллаахха эрэ икки Эргис буолан арахсыбыттар. Былыр Дугда диэн аҕа ууһа олоро сылдьыбыт уонна билиҥҥи Горнай сиригэр көспүт. Бөтөҕөстөөх диэн сир уруккута бастакы Эргискэ баарын этэр. Худуоһунньук Афанасий Осипов төрөөбүт дойдута. Дьикти түбэлтэни кэпсиир, 60-с сылларга бу сиртэн Мытаахха дьону көһөртөөбүттэр эбит. Онтон кэлин манна дьон төннөн кэлбитигэр хатан турбут тиит мас тиллэн кэлбит. Айылҕаҕа дьикти көстүү үгүс.
Кулууп кыттыылаахтара, историянан дьарыктанааччылар төрүт-уус сүдү дьоммут туһунан араас киһи кэрэхсиэх матырыйааллары ыыталлар – суруйуулартан тэттик киинэлэригэр тиийэ. Ол курдук, Борис Протодьяконов Тыгын Дархан, Маһары Бозеков генеалогиятыгар, Президент култуура фондатыттан документальнай киинэлэри ыыппыта билиини байытар. Киинэлэр тустарынан, ол иһигэр саха киинэтигэр санааларын, сонуннарын бу эйгэҕэ үлэлэһэр Прокопий Ноговицын эмиэ элбэҕи сырдатарын көрөбүт. Документальнай-сырдатар кросс-форматнай бырайыакка режиссердар Марина Калинина («Вечная память народа» киинэ), ону сэргэ Михаил Лукачевскай («Вертолет», «Там, где танцуют стерхи» киинэлэр) о.д.а. айар үлэлэрин билиһиннэрэрэ олус бэрт. Күрэх быйыл сайын түмүктэммитин кэпсээбитэ.
Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ Россия Империятыгар бастакынан киирбит регион буолар. Биһиги сирбитинэн сырыы суола тэлиллэн судаарыстыбабыт илин диэки тэнийдэҕэ. Онно биһиги Маһарыбыт норуот дипломатын быһыытынан 17-с үйэҕэ тус дуогабардарынан салайтаран сүдү үлэни саҕалаабыта биллэр. Дьаһаах төлөөһүнүгэр киин былааһы кытары сөбүлэҥ олохтоһон, итэҕэлгэ киирэн үтүө сыһыаны ситиспитэ биллэр. Дьэ итинэн сиэттэрэн политика, экономика саҥа саҕахтара арыллан Сахабыт сирэ билигин дойдубут киэҥ сиринэн тайаан судаарыстыбаннастанан олорор.
Историктар, кыраайы үөрэтээччилэр кулууптарыгар араас идэлээх, дьарыктаах дьон кытталлар. Бары Хаҥалас төрдүн-ууһун, былыргытын, аныгытын сырдатыыга, дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдиигэ дьоһун үлэни ыыталлар. Наукаҕа, докумуоннарга тирэҕириэххэ диэн суруйаллар кыраайы үөрэтээччилэр.
Историяны үөрэтиигэ эдэр көлүөнэ кыттан эрэрэ үөрдэр. Оннооҕор Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатын оҕолорун үлэлэрэ араас тэрээһиннэр быыстапкаларыгар толкуйга түһэрэллэр. Кэлин сылларга маннык тиэмэлэри самодеятельнай худуоһунньуктарбыт сир-сир аайы ылсан иһэллэрэ, түрдьэ үлэлэригэр көстөрө астыннарар.
Бибилэтиэкэбитигэр кииннэнэн тэриллибит кулууп билигин манна анал Муннуктанан эрэр, онно биһиги улууспут историятыгар анаммыт кинигэлэр уонна архыып докумуоннарын көрдүүр литература мунньуллан туруоҕа. Ким интэриэһиргиир кэлэн билсиэн сөп.
Дьиҥинэн, быдан дьыллар мындааларыгар хаҥаластар киэҥ сиринэн тэнийэн олорбуттара биллэр. Хаҥалас улууһа диэн архыыпка атамаан Иван Галкин суруйбутунан 1631/32 сыллардаахха ыйылла сылдьар. Мунньан Дархаммыт Эркээни хочотугар олорбут буоллаҕына, Тыгын тойоммут Улуу Туймаада баһылыгынан биллэрэ. Билиҥҥи Саха сирэ атаҕар туруутугар араас быыһык кэмнэр ааспыттара. Оннооҕор Ороскуоттаах кулуба отутунан сылларга сууттаһан Илин, Арҕаа Хаҥаластар баар буола сылдьыбыттара. 1860 сыллартан Арҕаа Хаҥалас буоллахпыт, сирбититтэн мэҥэлэр, өлүөхүмэлэр тииһинэллэр, оннооҕор сэбиэскэй кэмҥэ Горнай улуустаннахпыт, Маалтааныларбыт бараллар… 1937 сыллаахтан Орджоникидзевскай оройуон буола сылдьыбыттаахпыт. Малдьаҕардар форумнарыгар ыраах Халыма сириттэн, Ньурбаттан, Горнайтан, Мэҥэттэн кытары кэлэн көрсүһэн бартара. Бу күннэргэ Хаҥалас бибилэтиэкэтигэр кииннэнэн үлэлээн эрэр кулууп чилиэннэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Хаҥалас төрүт уустарын нэһилиэстибэтигэр научнай-практическай конференцияҕа кыттаары бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Бүгүн Хаҥаласка бэлиэ күн — төрүт ааппыт төннүбүт күнэ. Тойон ууһа дэнэр хаҥаластарга эҕэрдэ үтүөтэ буоллун!
Людмила Аммосова.