Хаҥалас улууһун Хахсык нэһилиэгин сирдэрэ

Хас биирдии сир-дойду ааттаах-суоллаах буолар. Күн-дьыл ааһан ааттар умнуллуохтарын, сүтүөхтэрин уонна уларыйыахтарын сөп. Хаҥалас улууһун Хахсык нэһилиэгэ сахалар былыргыттан олохсуйбут сирдэрэ буолар. Билигин манна Төхтүр нэһилиэгин КП-тан сайылыга буолан Хахсыкка сайыҥҥы кэмҥэ дьон-сэргэ тоҕуоруһар, хороҕор муостаах ынах сүөһү, бэл ону ситэрэн сыппай сиэллээх сылгы элбиир. Сыл атын кэмигэр манна чуумпу, бэл айылҕа барахсан тугу эрэ кэтэспиттии иһийэр. Баҕар, кини түҥ былыргыны былыт саппыт Эллэй саҕанааҕы үөскээбит Хаҥалас улууһун эбэтэр 1863 сылтан 1889 сыллаахха дылы, барыта 26 сыл устата Хахсык Хаҥаласка саха нэһилиэктэрин управата буолан олох күөстүү оргуйар кэмнэрин саныыра буолаарай… Ол кэннэ төһөлөөх кэм кэрдии устан аастаный?

Арай ол былыт саппыт быданнааҕы кэмнэри Хахсык сирин ааттара санаталлар. Сир аата дойду историятын кытта быстыспат ситим буоларын бары билэбит. Онон биһиги бүгүн киин архыыптан булуллубут уонна бэчээккэ тахсыбыт араас ыстатыйалартан, биирдиилээн дьон кэпсээннэриттэн билбит, чинчийбит сирдэрбит ааттарын ырытыы, чопчулааһыммытын билиһиннэрэбит.

Хаҥалас төрүччүтэ

Өлүөнэ өрүскэ аан бастаан кэлэн олохсуйбут эбит сэһэҥҥэ киирбит Омоҕой баай. Ол олордоҕуна XVI-с үйэҕэ Эллэй эмиэ өрүһүнэн устан кэлэр. Соҕотох кэлбитин иһин Омоҕой кинини Эр-Соҕотох Эллэй диэн бэлиэтээн ааттаабыт. Эллэйтэн үөскээбиттэр: Экин Абаҕан, Дэхси, Хогоһун, Дойдууһа Дархан. Дойдууһа Дархан үс уоламмыт – Молдьоҕор, Мунньан уонна Мөлөтөй Оххон ойуун. Тыгын алта уоллаах: Чаллай, Бөдьөкө, Марҕа, Төгөн, Өлкөрөй, Бас-Төрөрөй. Чаллай оҕото суох эбит. Бөдьөкөттөн Маалтааны нэһилиэктэрэ үөскээбиттэр. Марҕаттан Нөмүгү, Эргис нэһилиэктэрэ тэнийбиттэр. Төгөнтөн Дьэр, Өлкөрөйтөн Өктөм, Бас Төрөрөйтөн Хахсык нэһилиэгэ үөскээбиттэр. Ити курдук Хаҥалас улууһун нэһилиэктэрэ улуу Тыгын сыдьааннарыттан тэнийбиттэр.

Биллиилээх историк, этнограф, фольклорист Г.В. Ксенофонтов Иркутскайдааҕы этнография кафедратыгар үлэлии сылдьан 1921 с. Саха сиригэр командировкаҕа ананар. Дойдутугар кэлэн иһэн Куллаты үрэҕин төрдүттэн үөһэ халдьаайы тыа быыһыгар киһи мэҥэ тааһын булбут. Мэҥэ тааска Эллэйтэн саҕалаан 14 көлүөнэ дьон аата оҥо быһан суруллубут. Бу кэмҥэ таас суругун бүтүүтүгэр «Памятник сооружен Иоаном Галактионовичем Шадриным лета 1878 года» диэн суругунан түмүктэммит эбит. «Маннык мэҥэ таас мэнээк туруоруллубатах буолуохтаах». «Кэлэр көлүөнэ ыччаттар кимтэн кииннээх, хантан хааннаах дьон буолалларын биллиннэр-көрдүннэр диэн суруйбут буолуохтаах… Мантан көстөрүнэн 10-с көлүөнэн сылдьар Молтуун диэн киһиттэн Молтуун уонна Эриэн аҕа ууһа үөскээн-тэнийэн барбыттар», — диэн бэлиэтээн турар Лиханов Владимир Иванович, тыл билимин кандидата. Молтуун 1770 сыллаахха сүрэхтэммит уонна Павел Шадрин ааты ылбыт. Онон Хахсык төрүччүтэ Молтуун буолуон сөп эбит. Кэлин бу мэҥэ тааһы 1946 сыллаахха А.П. Окладников булан аахпыт, үөрэппит уонна Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэлгэ туттарбыт.

Хахсык сирин ааттара

1897 сыллаахха Бүтүн Россия үрдүнэн бастакы биэрэпис ыытыллыбыт № 26 докумуона Киин архыыпка харалла сытар. Ол кэмҥэ аҕа ууһунан олорбуттар. Бу аҕа уустара биир сиргэ кэриэтэ төбүрүөннээн олорор кэмнэрэ эбит. Ол курдук, Хахсыкка үс аҕа ууһа олорбут: Молтуун ууһа, Эриэн ууһа уонна Ыстыйа ууһа. Кинилэр олорбут сирдэрин аатын төһө кыалларынан топоним быһыытынан кылгастык да буоллар ырытыы оҥордубут.

Молтуун ууһа

Молтуун ууһугар киирсэллэр Шадриннар, Алексеевтар, Прокопьевтар, Платоновтар, Поповтар, Захаровтар. Кинилэр 26 хаһаайыстыбалаахтар диэн архыып докумуонугар ыйыллыбыт. Барыта 90 киһи баарыттан эр киһитэ – 50, дьахтара – 30. Олорбут сирдэрин ааттара Хабах Уолба, Үрэх Үрдэ, Хатыҥ Күрүө, Үрэх Кырдала, Хабах Обото, Тииттээх Кырдала, Муҥур Харыйа.

Молтуун ууһа олорбут сирдэрин аата

Хабах Уолба. Уолба — уолбут эбэтэр хоруллубут күөл онно сир. Бу күөл уута арыт уолар, арыт толору буолар быһыылаах.

Үрэх Үрдэ – сыырдаах үрэх, Хатыҥ Күрүө – хатыҥ сиэрдийэтинэн тутуллубут күрүө. Тииттээх Кырдала – тиит мас дэхси сиргэ үрдээн тахсыбыт сэдэх оттоох хонуу сирэ, Муҥур Харыйа – төбөтө быстыбыт, сарбыллыбыт харыйа.

Ыыстыйа ууһа

Ыыстыйа ууһугар киирсэллэр Егоровтар, Федоровтар, Слепцовтар, Преловскайдар, Михайлов. Бу аҕа ууһугар эр киһитэ – 39, дьахтара – 30, хаһаайыстыба – 16, олохсуйбут сирдэрэ Торбостоох, Төҥүргэстээх, Быраан Анна, Бойуот.

Ыыстыйа ууһа олорбут сирдэрин аатыттарын ырыта

Торбостоох. Ини-бии Михаил уонна Семен Петрович Шадриннар бу кыракый күөлгэ торбос ууга түспүтэ диэн кэпсээн тураллар. Ону бэлиэтээн ити аат үөскээбит буолуон сөп.

Төҥүргэстээх – бу тыл синонима чөҥөчөк. Мас тостон дуу, кэрдиллэн дуу төрдө эрэ хаалбыт буолуон сөп. Онон өйдөнөр.

Эриэн Ууһа

Эриэн ууһугар киирсэллэр Абрамовтар, Барашковтар, Кириллиннэр, Широкихтар, Еремеевтар, Кривошапкин, Яковлев. Олорбуттар: эр дьон – 34, дьахтар – 26. Олохсуйбут сирдэрэ Сыһыы, Тииттээх Үрдэ, Тииттээх Кырдала, Хатыҥ Күрүө.

Эриэн ууһа олорбут сирдэрин аатын ырытабыт

Тииттээх Үрдэ трасса аннынан былыр Улахан Тииттээх күөл диэн баар эбит. Тииттээх диэн сир элбэх. Тэнийбит аат. Онтон бу Улахан Тииттээх. Саха саамай үрдүк, кэтит, элбэх салаалаах маһы ытыктыыр, сүгүрүйэр, атыттартан чорботор. Ону Хахсык дьоно кэрэхсээн, ытыктаан күөллэрин Улахан Тииттээх күөл диэн ааттарбыттара буолуо. Билигин ол аатын санатан Тииттээх Үрдэ диэн буолбут.

Хатыҥ Күрүө. Бастакы сабаҕалааһын. Күрүөнү хатыҥ маһынан туппуттара буолуо дуу. Саарбах. Саха күрүөҕэ хатыҥы туһаммат.

Иккис сабаҕалааһын. Иван Галактионов диэн дьикти киһи олоро сылдьыбыт. Кини мэҥэ тааска төрдүн-ууһун суруйан хаалларбыт үтүөлээх диэн суруйан турабыт. Өссө кини Мэллэкэ быраанын үрдүгэр 5 миэтэрэ үрдүктээх кириэһи туруорбут. Мантан Эркээни хочотун кэрэ көстүүтүн көрүөххэ сөп эбит. Өссө айылҕаны таптыыр, сыаналыыр буолан дьикти кэрэтик үүммүт мастары харыстаан күрүөлүүр идэлээх эбит. Баҕар бу сир аата ону кытта ситимнээҕэ буолаарай?

Сыһыы. От үүнэр сииктээх киэҥ хонуу сир. 2019 с. сэтинньи ыйга Широких Алексей Дмитриевич аймахтарын кытта «Ситим» кыраайы үөрэтээччилэр бу сиргэ анаан-минээн сылдьыбыппыт. Сыһыы соҕуруу өттүгэр Широкихтар олох сирдэрэ бу диэн быһаарбыттара Алексей Дмитриевич аймахтара. Онно сылдьан бу сиргэ норуотун туһугар үлэлээбит ытык киһибитигэр анаан кини аатын үйэтитэр суруктаан мэҥэ тааста туруоруохха диэн биир санааҕа кэлбиппит. Онон ол баҕабыт Широких А.Д, үбүлүөйдээх быйылгы сылын ааспакка туолара буоллар дии саныыбын.

Түмүктээн эттэххэ…

Араас кэмнэргэ Хахсык, Төхтүр дьаама, Кыһыл Сулус (былыргы төрүт аата 2-Өктөм) Маалтааны нэһилиэктэрин түмпүт билиҥҥи Төхтүр нэһилиэгэ киэҥ баай историялаах, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр киэн туттар үлэһит дьоһун дьонноох. Холобур, Шадриннар педагогическай династиялара, норуот хаһаайыстыбатыгар үрдүк көрдөрүүлээх кэргэннии Ф.Д. уонна Д.Н. Яковлевтар, Н.Н. Ефимов, И.Г. Андреева, А.Н.-Ким-Кимэн.

Онон, хас биирдиибит дойдубут историятын үөрэтиэхтээхпит, билиэхтээхпит, эдэр көлүөнэҕэ тарҕатыахтаахпыт уонна киэҥ туттуохтаахпыт.

 

Сина Лиханова, СӨ үтүөлээх учуутала, кыраайы  үөрэтээччи, Төхтүр с.

Читайте дальше