Аҕыйах хонуктааҕыта «Дьөһөгөй» сылгынан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга,Чурапчы улууһун бааһынайдарын Ассоциациятын салайааччыта С.В. Сивцев,кини ойоҕо- үлэһитэ, 9 оҕо ийэтэ, улууспут чиэһин «Далбар хотун» күрэххэ көмүскээри сылдьар Я.И. Сивцева,олору тэҥэ биллэр фермердэр Мындаҕаайыттан М.К. Луковцева, Хадаартан Л.Н. Ноева, Чакыртан И.В. Ануфриев уонна мин Хаҥалас улууһугар тиийэн бэрт сонун тэрээһиннэргэ сылдьан, көрбөтөхпүтүн көрөн олус астынан, сөҕөн- махтайан кэллибит.
М.Е.Николаев Киинигэр, кинигэ сүрэхтэниитигэр
Хаҥалас Өктөмүн Чапаевыгар тутуллубут маҥнайгы президеммит Михаил Николаев баараҕай музей-Киинигэр тиийэн «Тыа сирэ — сайдыы киинэ» диэн Хаҥалас фермердэрин туһунан бэртээхэй кинигэ сүрэхтэниитигэр сырыттыбыт. Манна олохтоохтору таһынан ыалдьыт быһыытынан Кэбээйи, Бүлүү, Ньурба, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Чурапчы, Докуускай к. биллэр фермердэрэ, бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Ырытыыга Хаҥалас улууһун баһылыга О.В. Иринеев, СӨ бааһынайдарын, кэпэрэтииптэрин Ассоциациятын толорооччу дириэктэрэ З.Р. Бочкарева кыттан санааларын эппиттэрэ, бастыҥ үлэһиттэри, кинигэни оҥорбуттары эҕэрдэлээбиттэрэ, наҕараада туттарбыттара сүрэхтэнии суолтатын быдан үрдэттэ.
Онтон бу көрсүһүүнү сүнньүн тэрийбит киһинэн Хаҥалас бааһынайдарын Ассоциациятын салайааччыта, быйыл Арассыыйа оройуоннарын Ассоциацияларын 10 бастыҥ салайааччыларын ахсааннарыгар киирбит Розалия Петрова буолла. Онтон кинигэ сүрүн ааптарынан Николай Трофимов диэн 10- тан тахса кинигэни таһаартарбыт уоппуттаах киһи эбит. Кинигэни ырытыыга элбэх киһи, олор истэригэр мин, санааларбытын тиэртибит.
Аны бу дьаһал кэмигэр Хаҥалас улууһун баһылыга 41 эрэ саастаах, 1-гы Малдьаҕар (Улахан Аан) төрүт олохтооҕо, 5-с кылаастан көлө-илии звенотугар оттоһон, оробуочайдаан кэлбит, нэһилиэгэр баһылыктаан,былыргынан улуус кулубатыгар тиийэ үүммүт О.В.Иринеевы кытта кэккэлэһэ олорон, түгэни мүччү туппакка, улуус туһунан ыйыталаһан хааллым. Онно биллэххэ Хаҥалас улууһугар 18 нэһилиэгинэн 34 тыһ. киһи олорор эбит. Олортон улуустарын киинэ Покровскай куоракка, биһиги Чурапчыбыт сэлиэнньэтин саҕа, 12 тыһ. киһи олохсуйбут. Олег Валериевич тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурар эбит. Ол курдук тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар быйылгы бүддьүөттэн 50 (!) мөл. солк. үбү көрбүт. Түмүгэр, ити сүрэхтэммит кинигэттэн биллэххэ, кыра хамсааһын тахсыах курдук буолбут. Ол курдук, Хаҥалас улууһа 1990 с. 25,4 тыһ. ынах сүөһүтүттэн 2020 с. 9,2 тыһ. эрэ хаалбыт. Онтон 2022 с. 300 төбөнөн эбиллибит.Ити курдук 2020 сылтан көрдөрүүлэр улаатыыга барбыттар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кэнники сылларга тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүлэрин итинник улаатыннарбыт улуус баара биллибэт. Ол иһин эдэр баһылыкка ситиһиилэри баҕаран бэйэм санааларбын эттим, сибээстэһиэх буоллубут. Николаев-Киин музейын көрдөрдүлэр. Боруоста — оһуобай! Ол туһунан киһи төһө баҕарар суруйуон сөбө даҕаны хаһыакка миэстэ тиийбэтинэн тохтуум.
Тойон Арыыга, Михаил Павловка
Өктөмтөн Хаҥалас 1-гы Мальдьаҕар нэһилиэгэр, тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх Улахан Ааҥҥа аттанныбыт. Сүрүн сыалбыт — саҥардыы аатыран эрэр Михаил Павлов бааһынай хаһаайыстыбатын үлэтин билсии! Улахан Ааҥҥа чугаһаан иһэн, уҥа туораан, кини Хаастаах диэн сиргэ үс үлэһиттээх 159 субан сүөһү турар бэртээхэй хотонун көрөн аастыбыт. Бу сиргэ кини сайылыга баар уонна саҥа арыы сыаҕа тутулла турар.
Улахан Аан Өлүөнэ эбэни өҥөйөн, хайа үрдүгэр айылҕа барахсан анаан айбыт кэрэ сиригэр турар, өрөспүүбүлүкэҕэ аатырар «Бөртө» сылгы собуотунан уонна бэйэтин кэмигэр, ордук ыччат кутун туппут Айыы Уола ырыаһыт барахсан аатынан биллэр. Аны, мантан инньэ, биһиги көрсө баран иһэр Михаил Павлов аатынан эбии биллэрэ буолуо.Тоҕо? Ону салгыы аахтаххытына билиэххит.
Кини сүөһүтэ кыстыыр сүрүн базата, дэриэбинэни утары кэриэтэ сытар, Өлүөнэ эбэ биир киэҥ-куоҥ, быйаҥнаах Тойон Арыы диэн өрүс арыыта эбит. Михаил Васильевич хаһаайыстыбатын билиһиннэрдэ. Мин манна 12-с сылын биригэдьииринэн үлэлии сылдьар Марианна Семенованы кытары сылдьан хотоннорун кэрийдим, туоһуластым. Онно биллэххэ, күн бүгүн саҥа ньирэйдэри аахтахха, 1640 төбө ынах сүөһү иитиллэн турар үһү. Итинтэн кыстыыра 1500-кэ, онтон ынаҕа 500-кэ эбит. Онно 200 сылгыларын эбэн кэбиһиҥ! Бу сиргэ уопсайа 10-ча араас улахан эбийиэк тутуллубут. Олор истэригэр биир икки эрээттээх сахалыы хотонун уһуна кырата 150(!) м баар быһылаах. Санаан көрүҥ, 150 м усталаах хотону!
Дьоһун хаһаайыстыба
Павлов үс-хас алталыы эрээттээх саҥа матырыйаалынан туппут дыбарыас курдук хотоннордоох. Субан сүөһүлэрэ, ыанардара, ньирэйдэрэ бары тус-туспа хотоннорго тураллар. Биир хотон аҥарыгар, хаһан баҕарар туттарга бэлэм, анал уотууга турар бөскөйө уойбут сүөһүлээхтэр. Ый аайы 15-тии төбө курдугу туттан атыыга таһаараллар үһү. Хотонноро бары ыраастара, сырдыктара, ичигэстэрэ сүрдээх. Ханан даҕаны иҥнэйбит истиэнэ, хотойбут муоста, уу-хаар быччайбыта көстүбэт. Сүөһүлэрэ ыраастара, туруктара үчүгэй бөҕөлөр. Ынахтара симменталь, холмогор боруодалар, улахан бөҕөлөр. Ортотунан сылга 2400 киилэни ыыллар үһү. Былырыын 1200 т.үүтү бэйэлэрэ астаан-үөллээн батарбыттар. Билигин 300 ньирэйдэммиттэр. Күҥҥэ 3,3 т үүтү ыан туттараллар эбит. Билигин итиччэ үүтү күҥҥэ туттарар улуус да аҕыйах буолуо. Ньирэйдэрин тута арааран туспа хотоҥҥо ЗЦМ-н аһаталлар. Туруктара үчүгэй бөҕөлөр. Сайынын хаҥас биэрэккэ 3-4 сиринэн сайылыыллар эбит. Олорго эмиэ тутуу бөҕөнү ыыппыттар. Барыта, ортотунан, 70 үлэһиттээх үһү. Олору барыларын хамнастаан, дьиэнэн-уотунан босхо хааччыйан, этинэн-аһынан көмөлөһөн, үгүстэригэр соцпакеттарын төлөөн үлэлэтэр эбит. Биллэн турар, устугас, быстах үлэлээччилэр баар буолуохтара. Михаил бэйэтэ ортону үрдүнэн саар-тэгил уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх, этэргэ дылы, аҕыйахта саҥарар, элбэҕи үлэлиир, 61 саастаах саха саарына эбит.
Кулун тутар бүтүүтэ мин 85 сааспын туолуубар Чурапчыга кэлэ сырыттаҕына уонна бу сырыыга быстах-остох ыйыталаһан уонна ити үөһээ ахтыллыбыт кинигэттэн ааҕан биллэххэ, кини төрүт Улахан Аан олохтооҕо эбит. Кыра сырыттаҕына төрөппүттэрэ эрдэ олохтон баран, тулаайах хаалан, аймахтарыгар иитиллэн оскуоланы бүтэрбит. Аармыйа кэнниттэн тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн агроном идэтин ылбыт. Улахан Ааҥҥа хонуу-сүөһү биригэдьииринэн үлэлээбит, кэлин сопхуоска экэнэмиистээн да ылбыт. Олор барылара бүгүҥҥү улуу ситиһиилэригэр олук буолбуттара эрэбил. 1991 с. «Көмүөл» диэн бааһынай хаһаайыстыбатын тэриммит. Кэлин тус урбаанньыт буолбут. Ол быыһыгар хотоно умайан туга да суох хаала сылдьыбыт…
Ол бэйэтэ күн бүгүн ити 1500-кэ ынах, 200 сылгы сүөһүлээх, 15 араас маарка тыраахтардаах, холбонор тиэхиникэ бөҕөлөөх, хас да массыыналаах, 300 гектар ыһыы бааһыналаах хаһаайыстыбаламмыт. Доҕоттоор! Бу барыта икки инженер үөрэҕин бүтэрбит, олортон биирдэрэ алмааска, биирдэстэрэ бэйэлэригэр үлэлиир уол оҕолордоох, биир саха ыалын баайа! Былыргы Чоочо баай диэн сымыйа! Маннык элбэх сүөһүлээх, сылгылаах, баайдаах бааһынай (фермер) Саха сирэ буолуохтааҕар чугас эргининэн суоҕа чахчы! Букатын киһи өйө-санаата тиийбэт уһулуччулаах көрдөрүү!
Кини Хаҥалас эрэ улууһа буолбакка, бүтүн Саха сирэ, Уһук Илин региона киэн туттуута, былаах оҥостор, Арассыыйа Үлэ дьоруойа да буолбута ырааппыт киһитэ буолуон сөп этэ. Кини аҕыйах сыллааҕыта Арассыыйа үтүөлээх фермера, Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, олохтоох нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо буолбут. Улуус Бочуоттааҕа буолуон «көрдөрүүтэ» тиийбэтэх буолуон сөп. Атын уордьан мэтээл мэлигир, кыраамата да ахсааннаах быһылаах. Михаил Васильевич икки эрэ төгүл граннарга тиксэ сылдьыбыт. Онон ити үлүгэр элбэх хотоннорун, сайылыктарын, араас тутууларын үксүн бэйэтин үбүнэн, хаһаайыстыбаннай ньыманан туппут, тиэхиникэлэрин атыыласпыт. Михаил Өксөкүлээх «Кэччэгэй баайын» курдук булбутун эрэ муннун анныгар муспат улахан патриот, уопсастыбаннай өйдөөх-санаалаах киһи эбит. Ол курдук нэһилиэгин, улууһун араас дьаһалларыгар спосордыыр үһү. Ол холобурунан ити сүрэхтэммит «Тыа сирэ-сайдыы киинэ» диэн кинигэ тахсыытыгар 300 (!)тыһ. солк. биэрбит.
Мин төрүт өйүм тиийбэт! Биир тылынан, мээнэ киһи тэҥнэспэт ситиһии! Сахалар бары маннык улуу үлэһиттээхпитинэн, кыахтаах киһилээхпитинэн киэҥ туттуохтаахпыт, инники анньыахтаахпыт! Оо! Абакка! Михаил Павлов үлэтин саатар нэдиэлэ сылдьыһан, иҥэн-тоҥон суруйар, уопутун тарҕатар киһи көстөрө буоллар!
Түмүгэр, мин Михаил Васиьевичка чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр бары үтүөнү, өссө улахан ситиһиилэри ис сүрэхпиттэн баҕарабын. Ону тэҥэ бу бэртээхэй дьаһалы тэрийбит Хаҥалас дьонугар, салалтатыгар эмиэ махтал бастыҥа буоллун. Ол кэннэ бу суруйуубун киэҥник тарҕатаргытыгар, киһи көҥүлү ыллаҕына, хаһаайын буоллаҕына хайдахтаах курдук кыайыыларга тиийиэн илэ холобурун үгүс киһи билэрин, киэн туттарын туһугар.
Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.