Байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммутун өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа ыҥырыыларын ылынан Төхтүр нэһилиэгин «Саһарҕа» пенсионердар түмсүүлэрин көҕүлээһининэн уонна тэрийиитинэн «Илиибит сылааһын аныыбыт» диэн харыстыыр сеткалары баайыы түмүктэннэ.
Ыраах Украина сиригэр кыайыы иһин киирсэ сылдьар буойуттарбытыгар аналлаах дьыл кэминэн көрөн уларыйа сылдьар сеткалары баайыыга Төхтүр олохтоохторо ылсан үлэлээтилэр. Ол курдук, иккис сетка бүтэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга ыытыллыаҕа.
Нэһилиэк аҕам саастаахтара, эдэр ыччаттара, тэрилтэлэр сүрэхтэрин баҕатынан кэлэн сэмэй кылааттарын киллэрсэллэрэ кыайыыга дьулууру эбэрэ саарбаҕа суох, туора турбакка биир киһи курдук кэлэн көмөлөһөр дьоммутугар махтал бастыҥын аныыбыт.
Бу күннэргэ аны Бүтүн Россиятааҕы «Блиндажная свеча» аахсыйаҕа кыттыһан нэһилиэкпитигэр ыччат лидеринэн үлэтин саҕалаабыт Варвара Захарова ыччаттары түмэн бастакы чүмэчилэри оҥортоон саҕалаатылар, салгыы тэрилтэлэринэн, түмсүүлэринэн оҥорон эмиэ байыастарга ыытыахтара.
Дария Петрова, Төхтүр с.