Кэлин кэмҥэ Сахабыт сирин үгүс батсаап бөлөхтөрүгэр Хоҥкуйа Хотун диэн ааттаах саха чулуу киһититтэн сарсыардааҥы эҕэрдэлэр тахсар буоллулар.
Дьон тоҕо бу ааптар аламай күнүнэн айхаллыы суруйарын астына ылынан тарҕатар буолланый? Кистэлэҥэ Ийэ тыл сүмэтин илдьэ сылдьар сахалыы саҥата сиэдэрэйиттэн сөҕөн-махтайан буолуо дии саныыбын. «Кини кимий?» диэччи үгүс. Ол иһин Сиинэҕэ бииргэ үөрэммит кыыспыттан Розалия Леонтьеваттан сураспыппын кылгастык тириэрдэбин.
Хаартыскаҕа – Хоҥкуйа Хотун, Тамара Семеновна Евграфова. Идэтинэн биология, химия учуутала, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала. «Сэмэкээн сэмэй таптала» диэн кэпсээнэ Кыайыы 75 сылыгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ бастаабыт. 2023 сыллаахха ахсынньыга «Ааспыты аҕыннахха» диэн кинигэтэ сүрэхтэммит, соторутааҕыта «Сырдык санааларым» диэн кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыт. Уран тыл маастара Дьокуускайга бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор эбит. Үгүс кырдьаҕастар Тамара Семеновна алгыһынан күннэрин саҕалыылларын, «хамсыгы этэҥҥэ ааспыттарын махтана ахталлар, ити миэхэ улахан наҕараада» диэбит Хоҥкуйан Хотун дьүөгэбэр. Суруйа, алгыһын тириэрдэ турдун диэн баҕа санаабытын тириэрдиэҕиҥ, Хаҥалас дьоно.
Аартыкпыт арылыннын
«Ийэ тыл, сурук бичик» күнэ чугаһаатаҕын ахсын Элэгэнтэй Адаамап суруйбут хоһоонугар
«Сиэн оҕо кэскилэ сарбыллан,
Сахатын тылын умнан эрэр.
Сэнэбил да, үтүргэн… муҥнуо…
Суолун олоххо тэлинэ сатыа.»
диэн эппит дириҥ санаата долгутар, уолуһутар. «Чахчы, сахабыт тылын саҥата хотугу тиит мастыы дириҥ силистэниэ, хойуу лабааланыа дуо»- диэн мунаахсыйан ылабын… Ыллам ырыабыт ыпсаҕайа, доллоһутар олоҥхобут дорҕооно, дьүрүһүйэр хомуспут дьүрүскэнэ, хомоҕой тыллаах хоһооммут абылаҥа, сэргэх сэһэммит сэксэҥнэтэр күүһэ, добун тыллаах оһуохайбыт умсулҕана көмпүүтэр доҕордоммут, интернет интириэһиргэппит аныгы ыччакка күүстээх күөнүнэн дьайан, сахатын тылынан саҥардыа, ийэ тылым диэн этигэр-хааныгар иҥэриэ диэн санаатахпына өрө тыынабын, дьолломмуттуу сананабын… Дьэ, онон олорор мутукпутун кэрдиммэккэ, саҥарар төрөөбүт тылбытын сүтэрбэккэ, олугун сүгэнэн суорбакка кэскилин кэҥэтиэҕин, туругун тупсарыаҕын. Ылыныахха ыпсарыахха, турунуохха тупсарыахха, кэҥэтиэххэ дириҥэтиэххэ! Омук быһыытынан күүспүт тылбытыгар, күөн туттуубут тылбытыгар, эстибэт эркээйибит тылбытыгар, охтубат оҥоһуубут тылбытыгар буоларын өйдүөххэ, дириҥэтэ саныахха, сайыннарыахха. Төрөөбүт тылбыт сүмэтигэр тирэнэн, тирэхпит чиҥээтин, түмсүүбүт укулааттаннын, аартыкпыт аһылыннын, турукпут тубустун.
Хонкуйа Хотун
Людмила МОРДОВСКАЯ, «Хаҥалас» хаһыат.