Покровскайга култуура киинигэр Наум Засимов аатынан хартыына галереятыгар Улахан Аантан айар куттаах худуоһунньугу эҕэрдэлии бар дьоно муһунна.
Айар аартык арыллыытын сиэрин- туомун биир дойдулааҕа тойуксут Лидия Харитонова аал-уоту оттон арчылаан,уруйдаан көрүстэ. Аалай лиэнтэ быһылынна, тыл үтүөтэ этилиннэ, бэлэх- туһах туттарылынна. 2-с Малдьаҕар дьаһалтата Вячеслав Максимовка нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэни туттарда.
«Бастакы быыстапка хайдах барар даҕаны айар аартык аана арыллан инники үлэ ситиһиилээхтик салаллар», — диэтэ хартыына галереятын хаһаайката Людмила Засимова. Быыстапка эгэлгэтин тэрийсибит, саҥаттан саҥа айар талааннаахтары саргыга салайбыт култуура үтүөлээх үлэһитэ сыыспата биллэр. Онон эрэниэҕиҥ, алгыаҕыҥ, худуоһунньук саҥаттан саҥа үлэтэ дьону-сэргэни долгута турдун!
«Киһи улуукана — сылаас дууһатыгар» диэн сахаларга бэргэн этии баар. Вячеслав Максимовы быһа эппэккэбит даҕаны, Киһи киһитэ диэн сыаналаан бачча элбэх киһи быыстапкаҕа муһуннаҕа — оҕо эрдэхтэн доҕотторо, оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэрэ, уруһуйга, айарга дьоҕурун кэмигэр таба көрөн сайыннарбыт учууталларыттан, чугас аймах-билэ дьонуттан саҕалаан кини дэгиттэр айар талааныгар сүгүрүйээччилэригэр тиийэ. Омуннаан эттэххэ, Улахан Аан «көһөн киирбитигэр» курдук — билигин үлэлии сылдьар баһылык Александр Алексеев, бу иннинэ өр сыл нэһилиэги салайбыт Александр Максимов, улуус култууратыттан начаалынньык Сергей Павлов, оччотооҕу оскуола дириэктэрэ Игнатий Иванов, Вячеслав Степанович үлэлиир Покровскайдааҕы оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатыттан дириэктэр Александр Харитонов, элбэхтик алтыспыт «Аан Аартык» култуура дьиэтиттэн, 2-с Малдьаҕар оскуолатыттан махталлаах кэллиэгэлэрэ, чугас аймахтара о.д.а. Үгүс үтүө тыллар ситиһиилэргэ кынаттыыллар. Анна Гоголева, Николай Семенов ылбаҕай ырыаларынан, «Ай ситим» фольклорнай кэлэктиип, ону сэргэ аан дойдуга биллэр балтыта Нарияна Ренанто хомус дьүрүскэн тыаһынан эҕэрдэлээн үөрүүнү үксэттилэр.
Вячеслав Максимов дэгиттэр талааннаах, бүгүрү үлэһит, мас ууһа, сэргэ эриэккэһин туруорбут киһи, муосчут, ону сэргэ спортсмен, көхтөөх общественник, дьиэ кэргэнин дурдата-хаххата. Быыстапкабыт ааптара «Дьокуускайга хаар түһэр» ырыаны намыын куолаһынан гитаралаах ыллаан үөрүүтүн үллэстэ кэлбит дьоҥҥо махталын биллэрэн долгутта.
Оттон хартыыналара сырдык айыы тыыннаахтар, тыа сирин кэрэ айылҕатынан айхаллыыр күүстээхтэр. Омуннаан эттэххэ, сорох көрөөччүлэр олорго бэйэлэрин көрөн астыннылар, оҕо саастарын санаталаан уйадыйан ыллылар. Манна — ходуһаҕа от үлэтэ, Таҥара кылыйбыт сирэ, Улахан Аан таас хайалара, Өлүөнэ Очуостарын хатыламмат көстүүлэрэ, ону сэргэ, сылгы куттаах бөртөлөр Дьөһөгөй оҕолоро, урукку сыллар кэрэһиттэрэ сэргэлэр… Олус истиҥ, сылаас тыыннаах дьоро киэһээ буолла. Өссө төгүл эҕэрдэлиэҕиҥ айар-тутар, олоххо көхтөөх киһини, кэтэһиэҕиҥ саҥа үлэлэри!
Людмила Аммосова, ааптар хаартыскаҕа, видеоҕа түһэриилэрэ.
«Хаҥалас» хаһыат.