Иһит Нэһилиэгин 13 ыалын дьиэтэ киинтэн сылааска холбонно

Маны ситиһэр туһуттан олохтоох дьаһалта туруорсуутунан Хаҥаластааҕы олорор дьиэ-уот хааччыйар хомунаалынай хаһаайыстыба учаастага сайыны быһа үлэлээтэ. 1076 миэтэрэ турба бүрүллэн тардылынна, хочулунайга носуостар кыамталарын улаатыннардылар.

Иһит курдук кырыы нэһилиэктэргэ ыаллар учаастактара киэҥинэн элбэх турба, хас даҕаны дьоҕус суолу-ииһи туоратыы ирдэнэр. «Дьон олоҕун тупсарыы туһуттан элбэх кыһалҕаны быһаара сатыыбыт. Кырдьаҕас ыалларбыт үгүстэр. Эдэрдэр куорат дьонуттан итэҕэһэ суох олоруохтарын баҕараллар. Уокка оттор мас даҕаны чугаһынан аҕыйаата. Онон биһиэхэ киин хочуолунайтан сылааска холбонуу тыын боппуруос», — диир баһылыкМихаил Максимов. Иһиккэ социальнай эбийиэктэр кыстыкка бэлэмнэр.

Людмила Мордовская.