Иһит оскуолата Хаҥалас улууһугар биир саамай кырдьаҕас оскуоланан буолар. 1898 сыллаахха Иһиккэ оскуола аһыллан, 3 кылаастаах церковнай-приходской оскуола тутуллубут. Бу оскуола тутуутугар Петербургтааҕы кистэлэҥ сүбэһит И.К. Маслов, 1891 сыллаахха өлүөн иннинэ «Ханнык да омуктарыттан, туох итэҕэллээхтэриттэн тутулуга суох Россия империятын бары сиригэр-уотугар, маннык тэрилтэлэргэ наадыйар дьадаҥы дьон түөлбэнэн олорор сирдэригэр тутаарыҥ» диэн 40 000 солкуобайы оччотооҕу тыа сирин сырдатыы училищаларыгар, Үөрэх министиэристибэтигэр анаабыт. Ити кэмтэн ыла, 125 сыл ааста.
Сергей Романов дириэктэрдээх оскуола кэлэктиибэ быйылгы үөрэх дьыла аһыллыытыгар, балаҕан ыйын 21 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаевтан «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааттарын, үүнэр көлүөнэ ыччаты иииигэ уонна үөрэхтээһин эйгэтигэр ситиһиилэрин иһин» Махталы туппуттара.
Өрөгөйдөөх, үөрүүлээх күннэригэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – суут-сокуон уонна государственнай тутууга бастайааннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров, Хаҥалас улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччы Гаврил Алексеев, улуустааҕы үөрэх салаатын начальнига Павел Аргунов уонна улуус Мунньаҕын дьокутаата, Покровскай куорат 3-с №-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ Владислав Капитонов Иһит оскуолатын кэлэктиибин, үөрэнээччилэри, выпускниктары итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр, бэлэх-туһах туттардылар. Оҕолор барахсаттар, ырыа истиҥин, үҥкүү кэрэтин ыалдьыттарга бэлэхтээтилэр.
Бу күн аһаҕас уруоктар, педагогическай маастар кылаастар, уопут атастаһыылара, «125 лет — В истории, людях и достижениях» дьоһуннаах кинигэ сүрэхтэниитэ буоллулар.
Уйбаан УЙГУУРАП.