Тыа дьонугар күһүҥҥү түбүк үгүс да буоллар,Иһит нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ быыбар бастакы күнүгэр көхтөөхтүк кыттан киэһээ 8 чаас түмүгүнэн 38.91% — нара учаастакка кэлэн куоластаан улууска чараҥнар, тумуллар кэннилэриттэн инники иһэллэр.
Быыбар хаамыытын туһунан ыйыппыппар нэһилиэк баһылыга Михаил Максимов олохтоохтор бэркэ кыттан эрэллэрин эттэ уонна бу күннэргэ соло суоҕун, хортуоппуй хостооһунугар турар — турбат сылдьарын кэпсээн аһарда. Ол курдук, тэрээһиннээх хаһаайыстыба үүнүүтэ үчүгэйин бэлиэтээтэ,оскуола бааһынатыгар эмиэ үлэ барарын, үүнүү ортолдьунун аҕынна.Онтон быыбары көрсө агитация үлэтэ баран иһиттэр санааларын уурбут дьонноругар бэркэ куоластаан эрэллэрин, быыбартан элбэҕи кэтэһэллэрин эттэ.
— Улуус уһук нэһилиэгэр олорорбутунан кыһалҕабыт үгүс,— диэтэ кини, — Иһиттэн Кириэстээххэ диэри 18 килэмиэтэрэлээх суолбут тутуутун туруорсабыт. Аны сайыҥҥы өттүгэр КС-162 теплоходпут өрүскэ тохтууругар дебаркатер наада (Иһиккэ экипаж хонон баран төннөр), дьон эрэйдэнэн айанныыллар… Ханна да курдук,ыаллар дьиэлэрин киинтэн ититиигэ туруорсаллар. Саҥа хочуолунайданар, ону сэргэ Элбэх хайысхалаах киин (онно кулууп,бибилэтиэкэ киириэ этэ)тутулларыгар баҕалаахпыт, — диэн бар дьонун санаатын тириэртэ Михаил Федотович.
Онтон быыбарга кыттыы хаамыытын Быыбар Хаҥаластааҕы хамыыһыйатын сводкатыттан билсиҥ.
Людмила Аммосова.