Иһиттэр үүнүү хомуурун түмүктүүллэр

Хомуур  үлэтэ

Хаҥалас улууһун Иһит нэһилиэгэ быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх оту оттоото, былааннаммыт отторун үс бүк кэриэтэ  толордулар — 321,78 туонна оту оттоон инники күөҥҥэ истилэр. Үлэ хайдах барбытын туһунан  кэпсии түһэригэр нэһилиэк баһылыга Михаил Максимовтан көрдөстүм.

— Быйыл биһиэхэ от бэркэ үүннэ. Кыстыыр оппутун булуннубут, — диэтэ Михаил Федотович. — Сүрүн хаһаайыстыбабыт «Иһит» кээпэрэтиип  81 туонна оту оттоото. Кэтэх отчуттар, дьоҕус фермер-бааһынай хаһаайыстыбалара даҕаны сөп буолар отторун хааччыннылар. Онтон бурдук хомуурун «иһиттэр» кураан күннэри баттаһа эрдэ түмүктээбиттэрэ. Салайааччылара Татьяна Петрова этэринэн, 34 гектартан 340 центнери  быстаран тиэйэн ыскылаакка харайдылар. Хортуоппуйу хостооһуҥҥа ардахтар харгыстаан  хойутааһын буолла — сэрэдэ күн субуотунньуктаан нэһилиэнньэ саба түһэн үлэ түмүктэннэ. Билигин оскуола, Сергей Романов дьоҕус хаһаайыстыбатын хортуоппуйа ситэ хомулла илик. Нэһилиэнньэ күнү-дьылы быыстатан син бэркэ дьаһанна, хортуоппуйа хостонно.

Онтон үүнүүнү батарыы боппуруоһа син быһаарыллыах курдук. «Иһит» хаһаайыстыбата фермер Сергей Латышев соҕутуопкалыыр тэрилтэтин кытары дуогабардаһан хортуоппуйун батарыахтаах этэ даҕаны, бу күннэргэ өрүскэ уу кэлэн суолбутун сапта. Латышевтаах «КамАЗ«массыыналарынан кэлиэх буолтара даҕаны, тохтоотулар. Баҕар баржанан тиэйиэхтэрэ. Ол эрээри уу  түһэн эрэр, онон  суол арыллар ини диэн кэтэһэбит. Бурдугу хаһаайыстыба улууспут чугас нэһилиэктэригэр Кытыл Дьураҕа, Үөдэйгэуонна Өлүөхүмэ маалыкааннарыгар  батарааччы, сылгылаах дьон ылаллар, —  диэн иһитиннэрдэ баһылык.

Людмила  Мордовская.