«ИЙЭ ТЫЛБЫТ ЭТИГЭН КЭРЭТЭ» улуустааҕы үөрэнээччилэр бэстибээллэрэ

Төрөөбүт төрүт тылбыт күнүгэр аналлаах улуустааҕы үөрэнээччилэр «Ийэ тыл этигэн кэрэтэ» бэстибээллэрэ быйыл 13сылын З.И. Ксенофонтова аатынан Покровскай куорат 2 орто оскуолатыгар буолла. Хаһаайыннар киирэр ааҥҥа ыалдьыттары саламалаах алгыһынан көрүстүлэр.

Бу бырааһынньыкка улуус сахалыы тыыннаах 16, нуучча тыллаах 3 оскуолаларыттан 300 оҕо, 50-тэн тахса учуутал кыттыыны ыллылар. Сиэр-туом тутуһуллан, олохтоохтор бэстибээли арыйбыттарын кэннэ, оскуола алын кылааһын үөрэнээччилэрэ сахалыы көрдөөх ырыанан сэргэхситтилэр, гитаралаах аныгы ырыа оҕолор сүрэхтэрин долгутта, бары бииргэ ылластылар. Ол кэнниттэнтула сэлэлээн бииртэн биир оһуокай таһаарааччылар, этэн-тыынан, дэгэтэн, оһуокайы оройуттан тутан, тэптэр сиртэн тэбинэн күннээҕи көх нэмигэр киллэрдилэр, сүргэни көтөҕөн, төрөөбүт тыл туругурарыгар күрэхтэһэн бардылар. Остуоруйа дойдутун соргулаах күнэ саҕаланна.

Сарсыардаттан төрөөбүт тыл өй өрөгөйүн оонньуутугар өйдөрүн сытыылыы түмүстүлэр, олоҥхо дойдутун боотурдара олоҥхолоон бардылар, куолуһуттар аман өскө амалыйаары муһуннулар, чыыбы-чаабы чабырҕахсыттар сайа этээри түһүлгэҕэ тоҕуорустулар,уоланнар уус-уран тылынан ааҕаары, остуол оонньуутун сэргээччилэр хаамыскалаары, хабылыктаары муһуннулар, илии-атах оонньууларын күрэхтэһээччилэрэ сааланы буллулар, тыйаатыры сэҥээрээччилэр уонна да атыттар тус туһунан арахсан ийэ тыл сүмэһинин ыймахтыы дуоһуйа тыыннылар.

Бэстэбээл үгэс быһыытынан үс сүрүн хайысханан ыытылынна:

I. «Ийэ тылбыт этигэн кэрэтэ»

«Үрдүккэ көтүт, төрөөбүт дойдум тыла » өй өрөгөйүн оонньуута
«Саха тыла – мин төрөөбүт төрүт дойдум тыла» нуучча тыллаах оскуола үөрэнээччилэригэр өй өрөгөйүн оонньуута
«Төлө туппат төрүт баайым – төрөөбүт ийэ тылым» аман өс күөн күрэһэ
«Чабырҕахсыт оҕолор » күрэс
«Уус-уран ааҕыы» уоланнар күрэстэрэ
Тыйаатыр түһүлгэтэ
«Төрөөбүт төрүт сахам тыла күдэҥҥэ көппөтүн, тыалга ыһылыбатын, сүтэн симэлийбэтин…» тургутук күрэһэ
«Хаҥалас номохторо, үһүйээннэрэ » ойуулуктары көрүү күрэһэ

II. «Олоҥхо өлбөт үйэлээх »

«Олоҥхоһут оҕолор“ күрэс
Олоҥхону, олоҥхо тылларын, олоҥхоһуттары, кинилэр олоҥхолорун төһө билэҕин» күрэс
«Олоҥхо дойдута» ойуулуктары көрүү күрэһэ

III. «Ыһыах түһүлгэтэ »

«Эллэй эһэбит эһиэкэйэ » күрэс
«Сахалыы оонньуулар» — хаамыска, хабылык уонна хамсаныылаах оонньуулар күрэхтэрэ
«Тойук туоната» — тойук күрэһэ

«Үрдүккэ көтүт, төрөөбүт төрүт тылым» өркөн өй өрөгөйүн оонньуутугар быйыл 5 кылаастар кытыннылар. Ол эбэтэр үһүс эргиир – 5 кылаастан саҕалаан 10 кылааска дылы салгыы оонньууллар. Онон, быйыл үһүс эргиир саҕаланна. Оонньууга 11оскуола кыттыыны ылла. Бэлэмнэнэ таарыйа кэтэхтэн сорудахтары 13 оскуола үөрэнээччилэрэ толорон ыыппыттара. Ол сорудахтары толороору үөрэнээччилэр тылдьыттарынан, кинигэлэринэн үлэлииргэ үөрүйэхтэри ылаллар. Кэтэхтэн кыттан ордук үчүгэйдик үлэлээбит Тумул СО (учуутал Ипполитова С.А.), Покровскай 1 №-дээх, (учууталлар Горохова Л.М., Федорова Т.Г.), Булгунньахтаах (учуутал Черосова А.П.) орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ үрдэллэринэн, Хачыкаат (учуутал Иванова М.В.), 1-кы Дьөппөн санаторнай оскуола-интэринээт (учуутал Кириллина М.В.), Ой орто оскуолатын (учуутал Пермякова Л.Н.), 3 Малдьаҕар оскуолтын (учуутал Самсонова Т.П.) үөрэнээччилэрэ биһирэбилинэн бэлиэтэннилэр. Бэстибээл күн утарыта көрсөн олорон оонньооһуҥҥа үрдэллэринэн наҕараадаланнылар 2 Дьөппөн (учуутал Лебедева А.Н.), Булгунньахтаах (учуутал Черосова А.П.),  Покровскай 1-кы №-дээх(учууталлар Горохова Л.М., федорова Т.Г.), Ой (учуутал Пермякова Л.Н.), Уулаах Аан (учуутал Матвеева В.Б.), Хоточчу (учуутал Васильева М.В.) оскуолаларын үөрэнээччилэрэ.

«САХА ТЫЛА – МИН ТӨРӨӨБҮТ ТӨРҮТ ДОЙДУМ ТЫЛА»нуучча тыллаах оскуола үөрэнээччилэригэр өй өрөгөйүн оонньуута. Бу сыллата ыытыллар күрэскэ нууччалыы тыллаах оскуолалар көхтөөхтүк кытталлара — бу оскуолаларга саха тылын үөрэтэр учууталлар Менкярова Е.Р. (2-дээх Покровскай оскуолата), Капитонова Ф.Р. (3-дээх Покровскай оскуолата), Лукина Р.В. (4-дээх Покровскай оскуола) үтүөлэрэ дии саныыбын. Быйылгы күрэскэ 5 кылаастар тэҥ билиилээхтэр, учуутал такайыытыттан ураты, дьиэ-кэргэҥҥэ сахалыы кэпсэтэр оҕолор, биллэн туран, чорбойоллор. Онон, Покровскай 3-с -дээх оскуолата – бастаата, Покровскай 2-с -дээх оскуолата – иккис, Покровскай 4-с -дээх оскуолата – үһүс миэстэни ылан, салгыы төрөөбүт дойдуларын тылын баһылыыр наадатын өйдөөн тарҕастылар.

«АМАН ӨС» хатыһыылаахтык ааста. Куолуһуттар 14 оҕо, улааппыттар, үксүлэрэ улахан кылаас үөрэнээччилэрэ, уолаттар элбээбиттэрэ эмиэ үөрдэр. Кыайыылаахтарынан Адамов Ганя (Покровскай 1-кы -дээх оскуолата), Ефремов Ефрем (Хоточчу), Решетников Егор (2-с Дьөппөн орто оскуолата), Киприянова Сахаайа(Хоточчу оскуолата), Соломонова Виктория (Уулаах Аан орто оскуолата) буоллулар. Анал аат үрдэллэринэн бэлиэтэннилэр Архипова Күннэй (Покровскай 1-кы -дээх оскуолата), Кирикова Анджела (1-кы Дьөппөн орто оскуолата), Архипова Катя (Тумул оскуолата).

«ЧАБЫРҔАХСЫТ ОҔОЛОР» күрэс таһыма үрдээбитин, оҕолор чаҕылхайдык кыттыбыттарын биһирээтибит. Быйыл бары кэриэтэ бөлөҕүнэн кытыннылар. «Хобо чуорааннара» бөлөх (5 кылаастар, Ой  орто оскуолата) кыайыылааҕынан тахсан үөрүү көтөллөннө. Кинилэртэн хаалсыбакка 1-кы Дьөппөн, 2-с Дьөппөн, Хачыкаат, Төхтүр орто оскуолаларын бөлөхтөрө ситиһиилэннилэр. Биирдиилээн кыттааччыларга Сысоева Надя (Уулаах Аан орто оскуолата) бастаата.

УОЛАННАР УУС -УРАН ААҔЫЫЛАРА бэстибээл биир саамай кэрэхсэнэр көрүҥэ. Кыттааччыта да элбэҕинэн, истээччини долгутар, турукка киллэрэр курдук ааҕалларынан да, элбэх киһи сыралаах үлэтэ буоларынан да. Саастарынан икки бөлөҕүнэн, биирдиилээн ааҕыы уонна бөлөҕүнэн ааҕыы. Хатыһыы да кытаанах. Ол да буоллар 5 бөлөҕү бэлэмнээн (1-11 кылаастар) аҕалбыт Ой оскуолатын учууталлара Пермякова Л.Н., Титова Нь.Н., Григорьева А.Д.уоланнара үрдүк таһымнаахтарын көрдөрдүлэр, бары да бастаатылар диэххэ сөп. Кинилэри тэлэх баттастылар Покровскай 1-кы -дээх оскуолатын бөлөхтөрө. (Федорова Т.Г., Горохова Л.М., Олесова З.С.).Биирдиилээн ааҕыыга улахаттарга Бардеев Саян (Покровскай 1-кы -дээх оскуолата), Адамов Сеня (Уулаах Аан), Архипов Далан иит Арыы орто оскуолата), орто саастаахтарга Софронов Артур (1-кы Дьөппөн санаторнай оскуола-интэринээт), Латышев Айгылаан (Покровскай 2-с -дээх оскуола), Новиков Саша (Хоточчу оскуолата)бастаатылар.

«ТЫЙААТЫР ТҮҺҮЛГЭТЭ», маннык күрэс бэстибээлбит биир кэрэхсэнэр көстүүтэ. Бу оскуолаларга сүрдээх биһирэнэр, таптаандьарыктанар көрүҥнэрэ буолар. Оҕолорбут олус үчүгэй артыыстар. Учууталлар бэртээхэй туруорааччылар. Быйыл оҕолорго сөптөөх испиктээхтэр турбуттар. Кыттааччы ахсаана ону туоһулуур. Бары ис-сүрэхтэн оонньуур, көрдөрөр буолан, тэҥ баайыылаах испиктээхтэри дьүүллүүр ыарахаттардаах. Ол да буоллар бастыкы миэстэни 1-кыДьөппөн орто оскуолатын эдэр артыыстара «Хачыгыры» туруоран бастыахтарын бастаатылар (сал. Константинова Ж.В., Михайлова М.П.). Иккис миэстэни Покровскай 1-кы -дээх оскуолатын «Дьэргэлгэн» устуудьуйата, уонна 3 миэстэни «Мин тыйаатырым»Ой үөрэнээччилэрин устуудьуйата, 3 Малдьаҕар үөрэнээччилэрин үлэлэрэ үллэһиннилэр. Анал ааттары Хоточчу, Покровскай 1-кы -дээх оскуолатын испиктээхтэрэ ылан биһирэннилэр. Бастыҥ толорооччу аатын ыллылар Никифоров Арчылаан уонна Филиппова Надя.

«ТӨРӨӨБҮТ ТӨРҮТ САХАМ ТЫЛА КҮДЭҤҤЭ КӨППӨТҮН, ТЫАЛГА ЫҺЫЛЛЫБАТЫН, СҮТЭН СИМЭЛИЙБЭТИН…» диэн быйыл аан бастаан төрөөбүт тылга тургутук күрэһигэр оскуолалар араас саастаах оҕолортон турар бөлөхтөрү туруордулар. Аҕыс хамаанда илин-кэлин былдьастылар.

Самыртай хочотун тыл сүмэтин иҥэриммит 2 Дьөппөн оҕолоро кыайан, санаалара бөҕөргөөтө. Иккис миэстэни Покровскай 2-с -дээх нуучча тыллаах оскуолатын үөрэнээччилэрэ соһуччу ылан үөрдүлэр. Үһүс миэстэни тэҥ билиини көрдөрөн Покровскай 1-кы -дээх, Уулаах Аан оскуолатын бөлөхтөрө ыллылар.

«ХАҤАЛАС НОМОХТОРО, ҮҺҮЙЭЭННЭРЭ» ойуулуктары көрүү күрэһин урут биирдэ ыыппыппыт. Быйыл 10 үлэ киирбит. Үгүс үлэни бөлөҕүнэн оҥорбуттар, биирдии оҕо эмиэ оҥорор эбит. Элбэх илиинэн, компьютерынан уруһуйдаан, легонан, пластилинынан сүрүн дьоруойдарын оҥорон, араас программаларынан хамсатан-имсэтэн көрдөрөн, саҥаран-иҥэрэн ойуулуктары таҥмыттар. Дьүүллүүр сүбэ 3 Малдьаҕар, 1-кы Дьөппөн санаторнай оскуола, Покровскай 1-кы -дээх, Хачыкаат, 2 Дьөппөн оскуолаларын, Лебедева Сандаара, Матвеев Ян үлэлэрин үрдүктүк сыаналаата.

«ОЛОҤХОҺУТ ОҔОЛОР» күрэхтэрэ сыллата бөлөҕүнэн, биирдиилээн толорууларга  ыытыллар.

Быйыл биирдиилээн кыттааччыларга уолаттар кытыннылар. Дьүүллүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаах Афанасьев Владислав (2МОО), былырыыҥҥы кыайыылаах Тихонов Дархан (2Малдьаҕар оскуолата)2 миэстэ, 3 миэстэ Гермогенов Арчын (2-с Дьөппөн оскуолата). Бөлөҕүнэн толорууга бастаата 2Дьөппөн олоҥхоһут оҕолоро, 1 Дьөппөннөр – иккис, Тиит Арыы олоҥхоһуттара үһүс буоллулар. Кэрэхсэбили ыллылар быйыл аан бастаан олоҥхонутолорууга холонор Покровскай 2-с №-дээх оскуолатын оҕолоро. Киһи кэрэхсии көрөрө элбэх. Оҕолору бэлэмниир учууталлар 2014 сылтан ыытыллар бу күрэскэ таһымнарын ыһыктыбакка үлэлииллэрэ киһини үөрдэр.

«ОЛОҤХОНУ БИЛЭҔИН ДУО?» диэн бэстибээлсаҕаланыаҕыттан Олоҥхоҕо аналлаах араас көрүҥүнэн оҕолорго күрэс ыытыллан кэллэ. Ааспыт сылларга Zoom форматынан оонньуу ыытыллыбыта, төрөппүттэр кыттыбыттара. Былырыын утарыта көрсөн олорон квиз форматынан оонньообуппут. Быйыл оҕолор төбөлөрүн холбоон сүбэлэһэн хоруйдаатылар, бары да тэҥ билиилээх дьон буолан биэрдилэр. Бэрт кыранан чорбойон Тумул оҕолоро бастаатылар, былырыыҥҥы кыайыылаах Покровскай 1-кы №-дээхоскуола оҕолоро – иккис, үһүс – Хачыкаат оҕолоро кыайыылаах таҕыстылар.

«ОЛОҤХО ДОЙДУТА» ойуулуктары көрүү күрэһин ыарырҕаппыттар быһыылаах. Үс эрэ кыттааччы баар да буоллар, дьикти үчүгэй ойуулуктары оҥорбуттар. Кириллина С.А. салайыытынан Покровскай 1-кы -дээх оскуолатын медиабөлөҕө олохтоох ааптар Константинова Л.Д. «Таҥара кийиитэ» олоҥхо-остуоруйатынан олус кэрэхсэбиллээх үлэни оҥорбуттар. 1-кыДьөппөн санаторнай оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Илларионов Сережа уруһуйунан, Софронов Артур (6 кылаас) сөҥкуолаһынан таҥыллыбыт ойуулугу көрөн олоҥхо дойдутугар сылдьыбыт курдук сананныбыт (салайааччы Скрябина Р.Г.)

«САХАЛЫЫ ООННЬУУЛАР». Бэстибээл чэрчитинэн сахалыы остуол оонньуулара, хамсаныылаах оонньуулар ыытыллаллар: «Оҕус уонна чөҥөчөк», «Кириэс тэбии», «Ойбонтон уулааһын». Остуол оонньуутугар хабылыкка, хаамыскаҕа уолаттар, кыргыттар туһунан оонньууллар. Барыта 21 кыыс, 16 уол күөн көрүстүлэр. Оҕолор бэркэ оонньуур буолбуттар, туттуу-хаптыы, хабыы мааны. Кыргыттарга хабылыкка туһааннааҕынан бастыҥнар Калитина Дария (2Малдьаҕар орто оскуолата), Еремеева Сайаана (Покровскай 1-кы №-дээх оскуола), Данилова Виолетта (Хоточчу оскуолата). Хаамыскаҕа Калитина Дария (2-с Малдьаҕар орто оскуолата), Еремеева Сайаана (Покровскай 1-кы №-дээх оскуола), Антипина Нарияна (Кыһыл Үрүйэ оскуолата) бастаатылар. Уолаттарга хаамыскаҕа уонна хабылыкка бу үс оҕо Максимов Леня (Тумул), Елисеев Айтал (Покровскай 3-с №-дээх оскуолата), Михайлов Кирилл (Покровскай1-кы №-дээх оскуолата ) иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтилэр.

Хамсаныылаах оонньууларга кыттаачы элбэҕэ суох…Кыргыттар икки, уолаттар үс оонньууга кытыннылар. «Кириэс тэбии»:кыргыттарга бастаата Еремеева Сайаана (Покровскай 1-кы №-дээхоскуола), иккис – Гаврильева Милена (Тумул оскуолата), үһүс – Гоголева Сайаана (Уулаах Аан орто оскуолата), уолаттарга бастаата – Самсонов Дима (2 Дьөппөн орто оскуолата), иккис – Гоголев Платон (Уулаах Аан орто оскуолата ), үһүс – Максимов Леня (Тумул оскуолата). «Ойбонтон уулааһын»: кыргыттарга Скрябина Милена (1-кы Дьөппөн орто оскуолата) бастакы, Александрова Айсена (2-с Дьөппөн оскуолата) — иккис, Гаврильева Милена (Тумул оскуолата) – үһүс миэстэлэри ыллылар. Уолаттарга бастакы — Самсонов Дима (2Дьөппөн орто оскуолата), иккис — Максимов Леня (Тумул оскуолата), үһүс – Эверстов Эрхан (Покровскай 3-с  №-дээх оскуола ). «Оҕус уонна чөҥөчөк»: Эверстов Эрхан (Покровскай 3-с №-дээх оскуолата)бастаата, Гоголев Платон (Уулаах Аан орто оскуолата) иккис буолла. Үһүс бириистээх миэстэни Никифоров Арчылаан (Покровскай 1-кы №-дээх оскуола) ылла. Күрэхтэһээччилэр тэҥ кэриэтэ саастаах буолан, кыайыы улаханнык турууластахха кэлэрин оҕолор биллилэр.

«ТОЙУК ТУОНАТА» — тойук күрэһэ ааспыт сылларга кэмиттэн кэмигэр ыытыллар этэ. Быйыл кыттааччы олох аҕыйах. Эбиитигэр ыалдьан, улуус атын күрэҕэр баран кэлбэтэхтэр. Кыттыбыт оҕолортон Кирикова Анджела (1-кы Дьөппөн орто оскуолата), Протодьяконова Лена (Ой орто оскуолата), Гладкина Оксана (Ой орто оскуолата) чорбойдулар.

«ЭЛЛЭЙ ЭҺЭБИТ ЭҺИЭКЭЙЭ». Оһуокай сыллата бэстибээлбитин саҕалыыр, күннээҕи үлэҕэ соргуну көтөҕөр күрэс көрүҥэ. Оһуохайдьыт оҕолор сылтан сыл сайдан-үүнэн иһэллэрэ биһигини үөрдэр. Эдэр оһуокайдьыттар улахан түһүлгэни түмэн, бэстибээлбитин олус киэргэттилэр, дьону-сэргэни, учууталларын астыннардылар. Бастакы миэстэ Данилова Виолетта (Хоточчу оскуолата), иккис – Сеялова Арина (Тиит Арыы орто оскуолата), Алексеева Олеся (Уулаах Аан орто оскуолата), үһүс миэстэ – Тихонов Дархан (2Малдьаҕар орто оскуолата), Бардеев Саян (Покровскай1-кы №-дээх оскуола) буоллулар. Анал ааттарга тигистилэр Яковлева Амелия (1-кы Дьөппөн орто оскуолата), Рафаилова Диана (3-с Малдьаҕар оскуолата), Шепелева Ульяна (1-кы Дьөппөн санаторгнай оскуола-интэринээт), Архипова Катя (Тиит Арыы орто оскуолата), Афанасьев Владислав (2Малдьаҕар орто оскуолата).

Улахан махтал, бэстибээлбитин үрдүк таһымҥа тэрийсибит Покровскай 2 -дээх оскуолатын кэлэктиибигэр (дириэктэр Владимиров С.С., салайааччылар Мартынова Н.А., Андреева Л.П., саха тылын учуутала Менкярова Е.Р., педагог-бибилэтиэкэр Лебедева Т.Е., учуутал Гоголева А.П. уо.д.а.),

Төрөөбүт тыл төлкөтө, оҕо туһа диэн үлэлиир учууталларга, педагог – библиотекардарга, эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар,барыгытыгар айымньылаах үлэни, төрөөбүт тылларыгар,култуураларыгар бэриниилээх, талааннаах үөрэнээччилэри иитэн таһаараргытыгар баҕарабын, ис сүрэхтэн сыралаах үлэҕитигэр махтал бастыҥа буолуохтун.

Барҕа махтал улуус баһылыгын иһинэн тэриллибит Төрөөбүт тыл Сүбэтигэр, быйыл аан бастаан төрөөбүт тылбыт тэрээһиннэрин үбүлээн оҕо-аймаҕы, саха тылын учууталларын, саха тылыгар үлэлиир педагог-бибилэтиэкэрдэри, эбии үөрэхтээһин педагогтарын үөрдүбүттэригэр. Түгэнинэн туһанан, улууска Төрөөбүт тыл Сүбэтин үлэтин иитинэн ыытыллар тэрээһиннэри иилиир-саҕалыыр Култуура уонна духуобунас салаатын үлэһитигэр Сахая Потаповаҕа, кэмигэр сүүрэн-көтөн көмөлөспүтүгэр махтанабын.

Хомойо саныыбын, соҕуруу Малдьаҕар оскуолалара кыттыһа сатаабаттарыттан. Үөдэйдэр быйыл кыттыбытахтара өйдөнөр, урут кытталлар этэ. 5 Малдьаҕардар күн курдук арыт көстөн ааһаллара… Иһиттэр, Сиинэлэр олох кыттыспаттар… Ол да оскуолаларга саха тылын учууталлара бааллар ини, хайа уонна, ити диэки дьаамнар олох сахалыы тыллаахтара дии, Анатолий Добрянцев олох уу сахалыы, бэл билигин туттуллубат тыллары саҥаран соһутара… Оскуолалар салалталара болҕомтоҕо ылыахтара диэн эрэнэргэ тиийиллэр. Хаҥаластар саха норуотун биллэр-көстөр аҕа уустара буоларбыт быһыытынан, сахалыы саҥаны тэнитиигэ, сайыннарыыга, саҥалыы тыыннааһыҥҥа сүрүн күүс буолар дьылҕалаахпыт быһыытынан, бастакы президеммит М.Е. Николаев кэриэһин «Мин хаҥаласпын, мин сахабын, сахабынан кэрэбин» диэн киэн туттар ыччаты иитиигэ түмсүөҕүҥ, ылсыаҕыҥ, сомоҕолоһуоҕуҥ! Төрөөбүт тылбыт кэрэтин, сүмэтин, баайын эппитигэр-хааммытыгар иҥэриэҕиҥ, сахалыы тыыҥҥа уһуйуллуоҕуҥ, кэрэни кэрэхсиэҕиҥ, үчүгэйгэ үөрэниэҕиҥ, дьоллонуоҕуҥ.

Кулун тутар ыйга улууска ыытыллар «Сахалыы тыыннаахтар, тыллаахтар, саха тылыгар сүгүрүйээччилэр этэр-тыынар түһүлгэлэрэ» (научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ) нэһилиэнньэ араас араҥатын сааскытыттан, дуоһунаскытыттан тутулуга суох көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт. Нэһилиэк баһылыктара  үөһэттэн дьаһала суох болҕомтолорун ууруохтара дии саныыбын.

Капиталина Скрябина.