Быйыл дойдубут үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн соторутааҕыта биир дойдулаахпыт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин, култууратын бэтэрээнэ Галина Фёдорова көҕүлээһининэн Улахан Ааннааҕы култуура киинигэр нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, Саха өрөспүүбүлүкэтин “Гражданскай килбиэнбэлиэ хаһаайына, Саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Александр СамсоновАйыы Уолун күн күбэй ийэтэ Марфа Иннокентьевна Самсонова 75 үбүлүөйдээх сааһыгар анаммыт “Ийэҕэ махталдиэн ааттаах истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолан ааста.

Бу үтүө тэрээһини биир дойдулаахпыт, СӨ үөрэҕириитин туйгуна,”Үөрэнээччилэр биһирэбиллэрин ылар учуутал” анал аат бэлиэ хаһаайката, 2-с Малдьаҕар оскуолатын нуучча тылын учуутала Наталья Сидорова иилээн-саҕалаан ыытта.

Эҕэрдэ кэнсиэркэ Галина Федорова, Хаҥалас улууһун “Арчы дьиэтэ” норуот айымньытын киинин салайааччыта Лидия Харитонова, Дьокуускай куораттан “Сыдьаайа” айар бөлөх салайааччыта Анастасия Габышева, Елена Винокурова, олохтоохтортон – Айыына Лукина, ырыа куттаах Афанасьевтар дьиэ кэргэнин удьуор ырыаһыттара Талбан, Айтал Афанасьевтар, Никита Тапыев, Анна Гоголева, сыана бэтэрээннэрэ, мелодист Николай Семенов, Саргылаана Соломонова, Виктория Гаврильева, СӨ култууратын туйгуна Римма Черемкина, Марина Соломонова кыттыыны ыллылар.

Улахан Аан баһылыгын солбуйааччыта Саргылаана Голокова дьаһалта аатыттан Марфа Иннокентьевнаҕа эҕэрдэ сурук, сибэкки дьөрбөтүн туттарда. 2-с Малдьаҕар оскуолатын дириэктэрэ Григорий Сысоев оскуола кэлэктиибин аатыттан истиҥ эҕэрдэтин, сэмэй бэлэҕин тиэртэ. Ону сэргэ Марфа бииргэ төрөөбүттэрэ, чугас дьономахтал иһирэх тылларын анаатылар, кэрэ мааны сибэккилэри бэлэх ууннулар. Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын начаалынньыга Сергей Павлов аатыттан “Хаҥалас улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин” үрүҥ көмүс түөскэ иилиллэр дастабырыанньалаах бэлиэни, эҕэрдэ суругу, Арчы дьиэтин үлэһиттэрин аатыттан Махтал суругу, сибэкки дьөрбөтүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга Лидия Харитонова туттарда.

Дьоро киэһэ ырыа, үҥкүү аргыстаах, көрөөччүлэр төһө да аҕыйахтарын иһин, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан олус сэргэхтик ааста. Үбүлүөйдээх күндү киһибит Марфа Иннокентьевна олус долгуйан туран махтанна, оҕобор анаабыт сырам үүнэр көлүөнэ ыччаты сырдык, дьоллоох олоххо сирдиэ диэн түмүккэ санаатын эттэ.

Тэрээһини ыытааччы истиҥ хоһоонунан түмүктээтэ, бары үбүлээрбитин кытта өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһэн биир бэлиэ күнү үйэтиттибит.

Инникитин баҕарыам этэ бүттүүн өрөспүүбүлүкэбит дьонун өйөбүлүнэн Марфа Иннокентьевна оҕотун үйэтитэригэр анаабыт сыралаах  ыра санаата силигэ ситэн, аны аҕыйах ыйынан дьоллоох Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр, ыччат түмсэр сиригэр, ХИФУ тиэргэнигэр, Айыы Уолугар аналлаах өйдөбүнньүк сквер тутуллан, үөрүүлээх-быһыыга арыллан сүргэтин көтөҕөн, баҕа санаата туолуоҕун. Ийэ тапталлаах оҕотун иччилээх ырыалара үүнэр көлүөнэ ыччаты кэрэҕэ-үтүөҕэ сирдээн, арчылыы-араҥаччылыы туруохтара.

Лидия Харитонова.