Искусство кэрэ эйгэтигэр Хачыкаат үгүс оҕото уһуйуллар

Эбии үөрэхтээһин

Хачыкааттааҕы оҕо искусствотын оскуолата кэрэ, уран эйгэҕэ кэлэр көлүөнэни уһуйууга, оҕо талаанын арыйыыга эбии үөрэхтээһиҥҥэ үгүс кылааттаах тэрилтэлэртэн биирдэстэрэ буолар.

Манна уһун кэмҥэ үлэлээбит идэлэригэр бэриниилээх, чаҕылхай талааннаах педагогтары сэргэ эдэр, кэскиллээх уһуйааччылар үлэлииллэр. Ол курдук, оскуола дириэктэрэ, ойуулуур-дьүһүннүүр искуствоны оҕолорго үөрэтэр Туяра Олесова хаһыс да сылын кэлэктииби салайар:

Оскуолабыт биэс хайысхаҕа кылаастарынан үлэлиир: фортепьяно, аккордеон, уруһуй, үҥкүү уонна фольклор. Барыта 50-тэн тахса оҕо сылдьар, үксүн 18-с кылаас үөрэнээччилэрэ.

Бастаан 1985 сыллаахха бу оскуола арылларыгар уруһуй эрэ кылааһа баара, онтон сылтан сыл хайысхата кэҥээн барбыта. Уһуйааччыларбыт үгүстэрэ бэйэбит олохтоохторбут, онон үчүгэй, кэлии-барыы суох. Билигин үөрэнэ сылдьар оҕолорбут кыралаан ситиһиилэрдээхтэр, бары көхтөөхтүк араас күрэхтэргэ кытталлар, дойдуларыгар кыайыылаах кэлэн дьону-сэргэни үөрдэллэр.

Үөрэтэргэ аналлаах музыкальнай инструменнар фортепьяно уонна аккордеоннар бааллар. Маныбарытын федеральнай бырагыраамалар уонна спонсордар көмөлөрүнэн ылбыппыт. Түгэнинэн туһанан, Хачыкааттааҕы  оҕо искусствотын оскуолатыгар күүс-көмө буолар дьоммутугар улахан махталбытын тиэрдэбит.

Билигин баҕа санаабыт диэн, үөрэхпит кыһата саҥа дьиэтэ тутулларыгар. Билигин үлэлии олорор дьиэбит 1974 сыллаах тутуу, биллэн туран кыараҕас. Үөрэнээччилэр элбээтилэр. — диэн Туяра Даниловна санаатын үллэстэр.

Хачыкаат нэһилиэгэр оҕону  искусство нөҥүө эстетическэй иитиигэ  уонна талааннарын  кыра эрдэхтэриттэн арыйарга, айар-тутар дьоҕурдаах, уопуттаах преподавателлэр биир күүстээх хамаанда буолан үлэлии-хамныы сылдьаллар. Кэрэ эйгэҕэ уһуйааччыларга уонна бары үөрэнээччилэргэ ситиһиилэри, санаабыккыт туоллун, баҕарбыккыт баар буоллун!

Татьяна Владимирова