Аҕыйах хонуктааҕыта Покровскайга Г.В. Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ биллиилээх учуонай, общественнай диэйэтэл Гавриил Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылыгар биллэриллибит Сылы түмүктүүр тэрээһиҥҥэ история бытыгар сыһыаннаах сонун чахчылары кыраайы үөрэтээччилэрбит иһитиннэрбиттэрэ. Олортон биирдэстэрин, краевед, педагог Галина Шадрина араас сылларга архыыптарга үлэлии сылдьан булбутун туһунан тыл эппититтэн суруйуутун билиһиннэрэбит.

Ылдьаа Саадырын уонна Ксенофонтовтар

Агдаакы (5-с Малдьаҕар) кинээһэ Ылдьаа Саадырын олорон ааспыт кэмэ XVIII үйэ ортото, XIX үйэ 20-с сыллара. Кини нэһилиэгэ  4-с Малдьаҕары кытта урут  уонна билигин даҕаны ыаллыы сыталлар.

Баай Саадырыттар чугас эргиҥҥэ эрэ буолбакка ыраах улуустар баайдарын ыччаттарын кытта аймахтыы буолбуттарын туһунан таҥара кинигэтигэр сурулла сылдьар. Ылдьаа бэйэтэ хас да бэргэһэлээх уонна одьулуун ойохтордооҕо  биллэр. Ол курдук икки ойоҕо Бүлүү уокуругар олорбуттар, икки одьулуун ойохторо Сиинэҕэ. 1793 сыллаахха Ылдьаа Саадырын Идэлги ага ууһуттан сыдьааннаах Савва Кириллин нэһилиэгин кыыһын Александраны кытта олоҕун холбоон  уоллаах кыыһы төрөтөр. Икки түөрт саастаах уолаттарын 1799 с. Петербурга илдьэн кадетскай куорпуска үөрэххэ биэрэр. Иоан (Иван) диэн уола кинээс сололоох буолан үөрэнэр оҕолор испииһэктэригэр сурулла сылдьар, иккис  уола, хомойуох иһин,оннук  солото суох буолан көннөрү «якутский мальчик»(«саха уола») эрэ диэн суруллубут. Онтон атын, киниттэн төрөөбүт оҕолорун бэйэтэ иитэн, көрөн, харайан соҕуруу,  Санкт-Петербурга, Иркутскайга уо.д.а куораттарга тиийэ эмиэ үөрэттэрбитэ биллэр.

Ылдьаа Саадырын Владимир диэн уола 1809 с. төрүүр, бу уол кэргэннэнэн баран хас оҕолооҕочуолкайдана, биллэ илик, арай Марфа  диэн кыыс оҕото 20 саастааҕар  1854 сыллаахха Егор Ксенофонтов (25 с.) диэн уолга эргэ тахсар.  Бу Егор  аҕата Филипп Сартаев (кириэстэммитинэнКсенофонтов) иккис кэргэниттэн, Улита Чоймойоваттан төрөөбүт уол.  

Ксенофонтовтар уонна Саадырыттар  ыкса аймахтаһар этилэр. Гаврил Васильевич кинилэргэ куруутун кэлэн хонон-өрөөн барара эбитэ үһү,элбэх үһүйээннэри ордук ойууннааһын туһунан номохтору кинилэртэн истибитин «Шаманизм» диэн кинигэтигэр киллэрэн турардаах.

1925 сыллаахха тохсунньуга Саадырын Иван Николаевич диэн, уруккута Хаҥалас улууһун быыбарынай кулубата, нэһилиэк кинээһэ буола сылдьыбыт, билиҥҥитэ ревком бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьар кэмигэр ыалдьыттаан барбытын туһунан ахтыыта  СӨ Тыл уонна история рукописнай институтун архыыбыгар харалла сытар: « Иван Саадырын дьиэтэ нууччалыы тутуулаах, сахалыы көмүлүөк оһохтоох, кыра хотонноох. Икки чороччу улаатан эрэр уоллаах кыыс оҕолордоох. Хаһаайын бэйэтэ майгыта, тутта-хапта сылдьара, тыла-өһө дьоҥҥо улахан убаастабылы ылар, сахалыы дириҥ өйө, толкуйа, үөрэхтээҕэ  кими баҕарар биһирэтэр. Кини эһэтэ Илья Шадрин убайын  Яковы кытары Сиинэ таҥара дьиэтин туппуттара, олус улахан баайдар этилэр. Иитэр сүөһүлэрин көһөрөр кэмнэригэр 15 көс тухары субуллар этилэр. Ылдьаа Саадырын хаста да соҕуруу ыраахтааҕылары көрсө бара сылдьыбыта…». Хомойуох иһин, бу кэпсээн  манан быстан хаалар, Гаврил Ксенофонтов, саҥа былаас баайдары сойуолуур кэмнэригэр  кинилэри харыстаан бэйэтэ суох гыммыт быһылаах диэн санаа киирэр. Ол курдук, түөрт бырааттыы кинээс Саадырыттары, ол иһигэр Иван НиколаевСаадырыны  «Ксенофтонтовтар» дьыалаларыгар түбэһиннэрэн Туруханскай кыраайга сыылкаҕаыыппыттара, онно баран тыыннара быстыбыта.Кэлин, 2001 с. Саха АССР уурааҕынан кинилэр үтүө ааттара төннөрүллүбүттэрэ.

История доктора Андриан Борисов этэринэн, бу Ксенофонтовтар Ылдьаа Саадырын соҕуруу баран туруорсубут боппуруостарын, кини сыалынсоругун кытта  биирдэр диэн быһаарар.

Филипп Сартаев (1785-1833 сс., кини иккис кэргэнэ Улита Чоймова (1792 с.т.).

Оҕолоро:

1. Кирилл Ксенофонтов (1818 с.т.)

2. Никифор (1820 с.т.)

3. Петр (1829 с.т.)

4. Егор (1827 с.т.), кэргэнэ Марфа Владимирова Шадрина, Илья Шадрин сиэнэ кыыс).

5. Николай (1828 с.т.) – (архыып дааннайдарыттан).

1889 с. 5- Малдьаҕар киһитэ Илья Семенов Шадрин (30) уонна 4-Малдьаҕар нэһилиэгин  кыыһа Анна Николаева Слепцова (17) холбоспуттарын туһунан туоһуннан  уол өттүттэн буолбуттар Алексей Перфирьев Дьяконов, Николай Васильев Шадрин, кыыс өттүттэн суруллубуттар  4-с Малдьаҕар нэһилиэгин старостата Василий Ксенофонтов уонна 5-с Малдьаҕартан Николай Севастьянов. Бу Анна аҕата Николай Слепцов Гавриил Васильев Ксенофонтабы ииппит дьонун Слепцовтар аймахтара буолуон сөп.