Иван Павлов: «Саҥа оскуола тутулларын эрэнэ күүтэбит»

Сахалартан бастакы летчик-истребитель, авиация полковнига, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа И.А. Федоров аатын сүгэр 3-с Малдьаҕар сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолата күн бүгүн 23 үөрэнээччилээх. Оскуола дириэктэринэн чкаловтар бэйэлэрин уоллара Иван Павлов ананан үлэлии олорор. Чкаловка сырыыбытыгар Иван Ивановиһы көрсөн оскуола үлэтин-хамнаһын, туох кыһалҕа баарын туһунан кэпсэттибит.

1998 сыллаахха нэһилиэнньэ күүһүнэн тутуллубут оскуола дьиэтэ, биллэн турар, кыараҕас уонна эргэрэн аныгы ирдэбилгэ эппиэттэспэт. Уонча сыллааҕыта оскуолаҕа пеноблогунан сыһыарыы туппуттар, ол да үрдүнэн күн бүгүн оҕолор үөрэнэр кабинеттара тиийбэт эбит. Оскуолаҕа «Мичил» оҕо уһуйаана сыһыарыллан үөрэх тэрилтэтэ оскуола-саад диэн ааттаммыта быйыл онус сыла. Билигин манна 9 иитиллээччи сылдьар.

Биһиги биир улахан баҕа санаабыт – саҥа оскуола дьиэтэ тутуллара буоллар диэн. Бэйэм бу оскуолаҕа үөрэммитим, онон балаһыанньаны, оскуола дьиэтин туругун толору билэбин. Төһө да өрөмүөннүү, оҥосто сатаатарбыт, эргэ дьиэ аата эргэ, ону ааһан тутуута сыыһа буолан күһүҥҥү-сааскы ардах, хаар курдары сүүрэр, муостата хамсаан уларытарга уолдьаста, — диэн кыһалҕатын үллэстэр эдэр салайааччы.

Ол да буоллар, 3-с Малдьаҕар оскуолата быйылгы саҥа үөрэх дьылын икки үтүө сонуннаах көрсүбүт.

Спортивнай саалабыт саҥардылынна. Хапытаалынай өрөмүөн «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытылынна. Сарайа оҥоһулунна, саҥа түннүктэри туруордубут, муостатын уларыттыбыт. Ону сэргэ, «Аныгы оскуола» федеральнай брайыагынан естественнай-научнай уонна технологическай хайысхалаах «Точка роста» үөрэтэр киин арылынна. Физика, химия, биология предметтэргэ аныгы тэрилинэн толору хааччыллыылаах кабинеттанныбыт. Ааспыт үөрэх дьылыгар «Цифровая образовательная среда» бырайыагынан 23 ноутбук, 2 интерактивнай панель  ылбыппыт. Онон оҕону үөрэтиигэ-иитиигэ хааччыллыыбыт үчүгэй, учууталларбыт хабаллар. Быйыл  эдэр испэсэлиис – география учуутала кэллэ, — диэн Иван Иванович кэпсээтэ.

Үөрэнээччилэрэ аҕыйах да буоллаллар улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас олимпиадаларга, куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ утумнаахтык уонна ситиһиилээхтик кытталлар. 9 кылааһы бүтэрээччилэр экзаменнарын Тиит Арыыга тахсан туттараллар. Онон барарга-кэлэргэ, оҕолору таһарга диэн оскуола салалтата оптуобуска сайаапка түһэрбит, саҥа тырааныспар бэриллэрин эрэнэ күүтэллэр.

Оскуола үгэс буолбут эмиэ тэрээһиннэрдээх — сахалартан бастакы летчик-истребитель, авиация полковнига Иван Федоров аатынан «Федоровскай ааҕыылар» научнай-практическай кэмпириэнсийэ, Гурий Романов аатынан математическай олимпиада тэрийэн ыыталлар, үөрэх дьылын түмүктүүр ыһыах ыһаллар.

Оскуола тиэргэнигэр оҕо оонньуур былаһаакката тутуллан аны саас арыллыахтаах кэмин кэтэһэр. Бу былаһаакканы эмиэ нэһилиэк дьоно биир сүбэнэн кыттыһан тута сылдьаллар эбит.

Оҕо былаһааккатын тутарга уһуйааҥҥа сылдьар оҕолордоох аҕалар субуотунньуктаан сирин бэлэмнээбиппит, Николай Рафаилов, Владимир Архпов тыраахтардарынан буор таһан, тэҥнээн биэрбиттэрэ. Оҕо көмүскэлин күнүгэр оскуолабыт кэлэктиибэ уонна Култуура киинин үлэһиттэрэ сүрдээх интэриэһинэй тэрээһин ыытан, аһымал аахсыйа тэрийэн ыыппыппыт, онно Чкалов дьоно-сэргэтэ бүттүүнэ кыттыбыта. Аахсыйа чэрчитинэн олохтоох нэһилиэнньэттэн 26 тыһ. солкуобай кэриҥэ көмө харчы киирбитэ. Бу харчынан матырыйаал атыыласпыппыт, ону сэргэ улуустан үп көрүллэн «ВоротаСтрой» ХЭТ кытта дуогабардаһан оҕо оонньуур былаһааккатын тэрилин ылбыппыт. Маны барытын биир дойдулаахпыт, суоппар уол Авел Рафаилов тиэйэн тиксэрбитэ. Былаһаакка тэрилин таҥыыга эмиэ олохтоох уолаттар үлэлээтилэр, оҕо сырылыыр сыырын, хачыалы таҥан туруордулар. Аны туран, былаһааккаҕа сабыылаах навес наада диэн, күһүн оскуолаҕа үлэлиир эр дьон эмиэ субуотунньуктаан сарайдаах навес туттубут. Онон, аны саас, халлаан сылыйдаҕына, барытын ситэрэн-хоторон оҕолорбут былаһааккаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыахпыт, — диэн Иван Павлов инники былаанын үллэһиннэ.

Бу курдук биир сүбэнэн дьаһанан олорон кэллилэр Чкалов дьоно-сэргэтэ. Аны билигин кэнчээри ыччат үүнэн-сайдан тахсарыгар, Бүлтэгир дьоһун-мааны олохтоохторо Ксенофонтовтартан саҕыллыбыт үөрэх-билии сырдыга уостубатын туһугар, салалта өттүттэн болҕомто, көмө-өйөбүл оҥоһуллан манна саҥа оскуола дьэндэйэрэ буоллар диэн баҕара хаалабыт.

Ольга Гермогенова.

Хаартыскалар ааптар түһэриитэ уонна оскуола архыыбыттан.

4374