Киһиэхэ барытыгар эдэр сааһа олоҕун күндү кэмэ

Мин комсомолга 5-с Малдьаҕар аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан киирбитим, 70-с сыллар саҕаланыыларыгар. Ити кэмҥэ дьоҥҥо, оскуолаҕа, нэһилиэккэ, биир тылынан эттэххэ, уопсастыбаҕа туһаны оҥорбут киһи диэн сыаллаах-соруктаах этибит комсомолга киирбит дьон. Ол курдук, бэйэбитигэр общественнай үлэ үөрүйэҕин иҥэриммит буоламмыт олоххо сыһыаммыт киһини олоҕун устатын тухары кэрэ иэйиинэн, сылаас өйдөбүлүнэн арыаллыыр эбит.

Комсомол кэккэтигэр сылдьыбытым тухары бастакы сүһүөх комсомольскай тэрилтэ бюротун чилиэнинэн, сэкиритээринэн талыллан сылдьыбытым. 1972 сылтан 1981 сылга дылы Орджоникидзевскай оройуон Сэбиэтин иһинээҕи комсомольскай тэрилтэни салайбытым. Манна Покровскай бөһүөлэгин бюджетнай тэрилтэлэрин комсомолецтара бары киирэллэрэ. Сүрдээх көхтөөх этибит. Чугас совхозтарга баран субуотунньуктары ыытарбыт. Ол курдук Өктөмҥө, Хачыкаакка тиийэрбит. Биирдиилээн ааттаатахха, үп салаатыттан Мария Кузьмина, Любовь Алексеева, Клара Христофорова, архитектура салаатыттан Людмила Семенова, Борис Ефимов, Иван Горохов, землеустроительнай бөлөх суоппара Василий Назаров, үөрэх салаатыттан Людмила Кирова, Госстрахтан Акулина, Римма, Берта Филипповалар, “Ромашка” уһуйаантан иитээччи Виктория Петрова уо.д.а. 

Элбэх көлүөнэ ыччаты олоххо, үлэҕэ бэлэмнээбит, кэрэ сиэргэ-майгыга, Ийэ дойдуга тапталы, өйүгэр-санаатыгар умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыт комсомуолбут күнүнэн доҕотторбор истиҥ эҕэрдэбин тириэрдэбин!

Юлия ШадринаДьячкова. Дьокуускай к.

 

Төлөннөөх сүрэххит – үлэ инники күөнүгэр

Кэлэн иһэр Комсомол 105 сылынан эдэр сааска бииргэ үлэлээн ааспыт дьүөгэлэрбин, Чкаловтаагы комсомольскай тэрилтэ комсомолецтарын истиҥник эҕэрдэлиибин!

Төлөннөөх сүрэххит өрүү үлэ инники күөнүгэр күн бүгүҥҥэ дылы сылдьарыттан үөрэбин.

1975 с. оскуоланы бүтэрэн партия ыҥырыытынан «Оскуола-үлэ-үрдүк үөрэх» диэн ыҥырыынан ыччат-комсомольскай «Кэскил» ферматыгар үлэлии киирбиппит, үс дьүөгэ. Уустук да буоллар, ырыалаах-тойуктаах, үөрүүлээх-көтүүлээх, коммунизмҥа тиийэр бигэ эрэллээх олохпут саҕаламмыта.

Нэһилиэк общественнай олоҕор кыттыыбыт оруола улахан этэ. Араас субуотунньуктар өрүү ыытыллаллара. Комсомол күнэ мунньаҕынан, улахан кэнсиэринэн саҕаланара. Билигин да эдэрдэргэ холобур буола сылдьар үөлээннээхтэрбин эҕэрдэлээн туран, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын!

Лариса АнисимоваЛеверьева. Сиинэ с.

Читайте дальше