Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө

1941 сыллаахха сайын алаастан алааска, түөлбэттэн түөлбэҕэ, дьиэттэн дьиэҕэ сэрии буолбут ыар сураҕа тилийэ көппүтэ. Сотору кэминэн фроҥҥа ыҥырар бэбиэскэлэр кэлитэлээн барбыттара. Бастакы ыҥырыыга барбыттартан үгүстэрэ иэримэ дьиэлэригэр төннүбэтэхтэрэ, сэрии уот будулҕаныгар умсубуттара.

Саха сириттэн сэрии фронугар айаннаан тиийэллэрэ бэрт ыарахан этэ, борохуотунан Өлүөнэ эбэнэн устан, тимир суолунан айанныыллар. Ол да иһин буолуо сэриигэ ыҥырыы ордук сайыҥҥы ыйдарга буолара. Байыаннай кэм ирдэбилинэн Саха сириттэн тиийбит саллааттары байыаннай дьыалаҕа үөрэтиини Иркутскай уонна Чита уобалаһыгар, Бурятияҕа тэрийэллэрэ. Онон Саха сириттэн барбыт саллааттар Забайкальскай Байыаннай уокурукка киирэллэрэ.

Сэрии бастакы сылларыгар Дьокуускай куорат холбоһуктаах өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай хамыһарыйаата дьону аармыйаҕа мобилизациялыыр этэ, чугастааҕы оройуоннары хабан туран. Манна Нам, Горнай уонна биһиги оройуоммут киирэллэрэ. Онтон Орджоникидзевскай оройуонун военкомата туспа 1943 сыллаахха муус устар 25 күнүгэр тэриллибит эбит. Ол иһин, бастакы хомуурга сэриигэ барааччылар, «Память народа», «Подвиг народа» сайтарга баар докумуоннарыгар көрдөххө, «был призван Якутским РВК» диэн суруктаахтар.

Саха сиригэр сэриигэ хомуйуу, тэрийэн ыытыы ыараханын ааһан, ыраах-ыраах алаастарынан, сыһыыларынан, арыыларынан олорор дьоҥҥо бэбиэскэни тиэрдэр эмиэ туспа кыһалҕаны үөскэтэрэ диэн суруйаллар үгүс кинигэлэргэ.

Биһиги нэһилиэктэн чопчу бачча киһи сэриигэ барбыта диэн этэр эмиэ уустук курдук. Холобура, манна төрөөбүт киһи, сэриигэ барарыгар атын нэһилиэккэ Өктөмнөөҕү МТС-ка, Покровскай кирпииччэ собуотугар үлэлии сылдьан ыҥырыллан барбыттар, иккистээн киириилэрэ эмиэ баар суол.

2020 сыллаахха биһиги улуус кыраайы үөрэтээччи,нэһилиэкпит историятын чинчийэр Скрябина Капиталина Гаврильевна хомуйан-таҥан таһаарбыт, сурукка киллэрбит «Өйдөбүнньүк. Хаҥалас улууһун 1-Дьөппөн нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ – Аҕа дойду сэриитин сылларыгар» диэн кинигэтигэр сурулларынан, нэһилиэктэн (манна 1-Дьөппөнү, Хоточчуну, Нөөрүктээйини киллэрэн туран) манна олоро сылдьыбыт 203 киһи сэриигэ ыҥырыллыбыт, ол иһигэр 48 киһи сураҕа суох сүппүт диэн суруллар.

Төрөөбүт түөлбэтиттэн, иэримэ дьиэтиттэн, чугас дьонуттан арахсан, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ баран, кырыктаах кыргыһыы хонуутугар охтубут, сурахтыын сүппүт биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын ааттыы, үйэтитэ турар биһиги ытык иэспит. Гаврил Николаевич, Егор Николаевич, Петр ВасильевичВарламовтар, Максим Васильевич, Илья Алексеевич, Петр Афанасьевич Васильевтар, Павел Гаврильевич, Павел Петрович Габышевтар, Алексей Николаевич, Гаврил Романович-2, Тит Иванович Егоровтар, Федор ДмитриевичИннокентьев, Алексей Дмитриевич, Александр ДмитриевичЛеонтьевтар, Егор Денисович Макаров, Василий Иванович, Николай Дмитриевич, Петр Иннокентьевич Матвеевтар, Егор Антонович Никаноров, Афанасий Осипович, Василий Алексеевич, Петр Афанасьевич Пестеревтар, Дмитрий Егорович Петров, Петр Прокопьевич Протодьяконов, Егор Федорович Рыжих, Николай Афанасьевич Терентьев, Михаил Михайлович Устинов.

«Сураҕа суох сүттэ!» диэн ыар сурах кэлэн, төһөлөөх харах уутун тоҕон, чугас дьонун аймаабыта буолуой?…

«Аҕам Нөөрүктээйи сириттэн сэриигэ барарыгар сэттэлээх кыыспын. Сэриигэ барыы аймааһынын үчүгэйдик өйдүүбүн. Ийэм, эбэлээх эһэм тылларыттан матан, чэйдии олорон харахтарыттан уу-хаар баһаллара. Эбэм кэлин саҥа таһааран ытаан муҥнаммыта. «Дьону ытата-ытата ханна барар баҕайытай?- диэн мин орон улаҕатыгар чөкөллөн олорон муодарҕыы көрөрүм. Бэһиэн аттаах, аппаны туораан айанната турбуттара», — диэн ахтар 2018 с. тахсыбыт «2-Нөөрүктээйи нэһилиэгэ» диэн кинигэҕэ, сэрии толоонуттан төннүбэтэх Тит Иванович Егоров кыыһа Калиста Титовна.

Тит Иванович сэриигэ барыан иннинэ «Жданов» холхуоска 10 сыл бэрэссэдээтэллээбит, кэргэнэ 4 кыра оҕолоох хаалбыт. Сэриигэ өлбүт аҕаларын хорсун-хоодуот быһыытын иһин 1943 сыллаахха «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмытын, хойут оҕолоругар туттарбыттар. «Нөөрүктээйиттэн бастакы хомуурга 1941 с. атырдьах ыйын 16 күнүгэр бэһиэ буолан – Егоров Тит, Протодьяконов Бүөтүр, Петров Миитэрэй (эргиллибэтэхтэр) уонна Леонтьев Миитэрэй, Петров Ньукулай буолан барбыттара», — диэн ахтар Калиста Титовна.

Оччотооҕу кэмҥэ манна 2 бөдөҥ холхуос: Нөөрүктээйи нэһилиэгэр «Жданов» холхуос, онтон 1-Дьөппөн нэһилиэгэр 6 холхуос баарыттан “Буденнай” холхуос Хоточчу сиригэр баара. Манна даҕатан этиэхпин баҕарабын, оччолорго, 1951 сыллаахха, холхуостары бөдөҥсүтүү буолуор дылы, хаһаайыстыбалар кыра-кыра бытанан олорбуттар.

2020 ыам ыйын 8 күнүгэр «Саха сирэ» хаһыакка Лыткина Зинаида Игнатьевна аҕатын ахтыытын түмэн «Бэбиэскэни-суха тутааҕын тутан туран» диэн ыстатыйа таһаарбыта. Кини аҕата Иннокентьев Игнатий Павлович 1942 сылтан 1951 сылга диэри «Буденнай» аатынан холхуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан суруйан хаалларбыт ахтыытыттан маннык суруллубут: «1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр 1-Дьөппөҥҥө оскуола таһыгар кыра холхуостар түмсэн ыһыахтаабыппыт. Ыһыах бүтэ илигинэ, Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытын истибиппит. Ол киэһэ миитин буолбута. Онно баартыйа райкомун бэрэстэбиитэлэ Кирилл Прохоров анал иһитиннэриини оҥорбута. Бары олус долгуйбуппут, аймаммыппыт. Хас да киһи абаран-сатаран туран тыл эппитэ. Егор Никифоров төрөөбүт дойдуну көмүскээн, ньиэмэстэри утары сэриигэ барарга ыҥырбыта. Ол миитин кэнниттэн оройуоҥҥа да, нэһилиэктэргэ да Байыаннай хамыыһыйалар Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр дьону сүүмэрдээн барбыттара. Атырдьах ыйыттан үгүс дьон төрөөбүт дойдуларыттан сэриигэ ыҥырыллан аттаммыттара. Онтон 1943 сыллааҕы хомуурга, бэс ыйыгар аармыйаҕа ыҥырыллыахтарын иннинэ, уолаттарбыт сири хорутан, бурдук ыһан барбыттара. Үгүстэр сэриигэ барар бэбиэскэни арыыга суха тутааҕын тутан туран ылбыттара. Сарсыныгар ыраах айаҥҥа туруммуттара». Кини суруйан хаалларбыт, сорох бэлиэтээһиннэрэ латыынныы алпаабытынан суруллубут ахтыытын, оҕолоро кичэллээхтик харайан илдьэ сылдьаллар эбит.

Аны маннык иэдээн хатыламматын!

Лира Яндреева, Хоточчу сэл.