Ксенофонтовтар удьуордара сайдыы кыымын сахпыттара

2023 сыл Россияҕа Учуутал уонна Уһуйааччы сылынан биллэриллибитэ. XIX үйэттэн саха бастакы интеллигенцията, үөрэхтээхтэрэ төрөөбүт норуоттарыгар сайдыыны, билиини тарҕаппыттара, сахалыы үөрэҕи үөскэппиттэрэ, оскуолалары төрүттээбиттэрэ. Кинилэр норуоттарын ааҕаргасуруйарга эрэ үөрэппэтэхтэрэ, сырдыкка, кэрэҕэ, билиигэ уһуйбуттара.

Саха дьонун биир бастыҥ ыала, норуоттарыгар чулуу уолаттары бэлэхтээбит Ксенофонтовтар дьиэ кэргэннэрэ төрөөбүт Саха сирдэригэр үөрэх сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбиттэрэ.

1897 сыллаахха Тиит-Арыытааҕы почтовай станцияҕа Петропавловскай таҥара дьиэтин тутуутугар бочуоттаах инородец, Арҕаа Хаҥалас улууһун IV Малдьаҕар нэһилиэгин старостата Василий Никифорович Ксенофонтов 200 солк. сиэртибэлээбит. Бу таҥара дьиэтин иһинэн 1898 с. биир кылаастаах церковнай-приходской оскуола арыллыбыта. Оскуола солбуллубат попечителинэн 1898 сылтан өлүөр, 1917 сылга, диэри Тиит-Арыы почтовай станция старостата Зосим Голоков буолбута. Кини өлбүтүн кэннэ IV Малдьаҕар нэһилиэгин кинээһин Гавриил Васильевич Ксенофонтовы-Хабырыыһа кулубаны анаабыттара.

Ксенофонтовтар уолаттара

     Тиит-Арыытааҕы Петропавловскай таҥара дьиэтин церковно-приходской оскуолаҕа үөрэммиттэрэ (билиҥҥи булуллубут чахчыларынан) Ксенофонтовтар уолаттара Гавриил, Павел, Аркадий. Ону таһынан өрөбүлүүссүйэ иннинэ саха омук сардаҥалаах аартыгын сарсыҥҥытын түстэспиттэрэ, тыа оҕолорун үөрэх-билии киэҥ аартыгар уһуйбуттара, үүнүүгэ-сайдыыга угуйбуттара, учууталынан үлэлээбиттэрэ.

Гавриил Васильевич (1888-1938 сс.) 1906 сыллаахха Дьокуускайдааҕы реальнай училищены бүтэрэн баран биир сыл оҕолору репетитордыыр. 1907 сыллаахха Саха уобалаһын норуотунай училищетын иниспиэктэригэр учууталынан аныылларыгар көрдөһүү сурук түһэрэр (НА РС(Я). Ф.288и, Оп.1, Д.111, л.56) уонна ол сыл Норуот үөрэхтээһинин министиэристибэтин 1907 сыл бэс ыйын 9 күнүнээҕи 660№-дээх бирикээһинэн Мэҥэ улууһугар I Мэлдьэхси нэһилиэгэр Күөх оттоох диэн сиргэ  Женходинскай алын сүһүөх министиэрискэй оскуолатыгар биир сыл учууталынан үлэлиир (НА РС(Я) Ф.288и, Оп.112, л.119, 120 об.). Мэлдьэхси нэһилиэгэр саҥа аһыллыбыт оскуолаҕа Гавриил Васильевич бастакы учуутал буолан үөрэх-билии суолун арыйар. Салгыы Томскай куоракка государственнай университекка юридическай факультекка үөрэнэ барар.

Онтон 1920 сыллаахха Гавриил Васильевич, политикаттан тэйэн Иркутскайдааҕы государственнай университеккэ үөрэнэ барыан иннинэ, эмиэ Мэҥэ улууһугар Алтан нэһилиэгэр биир кылаастаах оскуолаҕа учууталлыыр. Бу нэһилиэккэ оскуола 1919 сыллаахха тохсунньу 24 күнүгэр Куталаах диэн сиргэ, Федор уонна Иван Поповтар нууччалыы тутуулаах дьиэлэрин, ону таһынан туох баар эбии тутууларын, уһаайбатын сиэртибэлээн биэрбиттэрин кэннэ, арыллыбыт. Роман Верховцев учууталлыы сылдьан үлэтиттэн көҥүллэтэн барбытын кэннэ, кулун тутар 13 күнүгэр 1920 сыллаахха  Гавриил Васильевич Ксенофонтовы (бэйэтэ суруйарынан Сэбиэскэй уорганнар) аныыллар (НА РС(Я) Ф.25, Оп.1, Д.125, л.16, 16 об.). Бу оскуолаҕа кини ыам ыйыгар дылы үлэлээбит, сайынын Иркутскайдаабыт.

 Иккис уол Павел Васильевич (1890-1928 сс.) реальнай училищены бүтэрэн баран убайын Гавриил курдук эмиэ Саха уобалаһын норуотунай училищетын иниспиэктэринэн учууталынан аныылларыгар көрдөһүү сурук түһэрэр (НА РС(Я) Ф.288, Оп.1, Д.11, л.56). Хомойуох иһин, салгыы ханна анатан үлэлээбитин була иликпин.

1921 сыллаахха Арҕаа-Хаҥалас улууһун  IV Малдьаҕар нэһилиэгэр аан бастакы оскуола Бүлтэгир кырдалыгар аһыллыбыта. Нэһилиэкпит кэнэҕиски ыччаттара үөрэх-тэнэн, сайдыыга-үүнүүгэ кыттыһан, билиигэ-көрүүгэ тардыстыннар диэн санааттан Бытык аҕа ууһун дьоһун киһитэ Василий Никифорович Ксенофонтов сиэн  быраатын Гавриил Васильевич Ксенофонтов (Хабырыыска кулуба) дьиэтигэр оскуола астарбыта. Учууталынан уола, Иркутскай куорат Учуутал институтун устудьуона, Константин Ксенофонтов саҕалаабыта (НА РС(Я) Ф. Р-56, Оп.1, Д.288, л.8, 8об.).

Кыраайы үөрэтээччи Митрофан Ильич Ефремов Константин туһунан сүрдээх үчүгэй докумуону Национальнай архыыптан булбут.

НА РС(Я) Ф.60. Оп.6, Д.47, л.1.

Копия

Приказ №39 от  июня 21 дня 1921 г.

Сотрудник подъотдела исследования Сибири Константин Васильевич Ксенофонтов с 20/III с.г.,  освобожденный от своей обязанности, назначается учителем во вновь открывавшуюся 4-го Мальжагарскую школу  I ступени Западно-Кангаласской волости с окладом содержания по 18 разряду. За ним сохраняются обязанности члена сотрудника комиссии по составлению учебников на якутском языке.

ВриозавгубОНО    Д.Титов

С подлинным верно: За секретаря Якушков.

Бу докумуоҥҥа сурулларынан Константин Ксенофонтов Сибиири чинчийии подотделыгар үлэлээбит уонна саха тылынан суруллар учебниктары оҥорор хамыыһыйа чилиэнэ эбит. 

Бэһис уол Аркадий Васильевич Ксенофонтов (1901-1941 сс.)  1919 сыллаахха бэс ыйыгар  реальнай училищени бүтэрэн баран биир сыл, 1920 сылга, Тиит-Арыы дэриэбинэтигэр чааһынай бэрээдэгинэн учууталлаабыт. Онтон Дьокуускай куоракка киирэн үлэлээн баран 1921 с. Иркутскай куоракка Промышленнай-экономическай институкка үөрэнэ барар (Автобиография А.В.Ксенофонтова).

 Василий Никифорович иитиитинэн уолаттара бары реальнай училище кэнниттэн, аҕаларыгар көмөлөһөн, дириҥ билиилээх буоланнар учууталынан үлэлии бараллар. Үлэлээн, харчы өлөрөн соҕуруу куораттарга үрдүк үөрэххэ туттарсан,  үөрэнэ киирэллэр эбит.

 Кыра уоллара Илья (1902-1922 сс.), Дьокуускайга педтехникумҥа үөрэнэ сырыттаҕына, 1921 сыллаахха бииргэ үөрэнэр уола сымыйа донуос суруйан, ОГПУ-лар тутаннар хаайыыга быраҕан кырбаан өлөрбүттэрэ.

Ксенофонтовтар дьиэ кэргэннэрин кыргыттара бары церковно-приходской оскуоланы бүтэрбиттэр. Ол гынан баран дьонноро кыыс анала дьиэ кэргэн ийэтэ, тутула буолуохтаах диэн салгыы үөрэттэрбэтэхтэр. 

 Елена Васильевна Антипина (Ксенофонтова), сиэннэрэ кэпсииллэринэн, учуутал буолуон олус баҕарар эбит, дьоно боппуттарыгар олус хомойбут.

Ол да буоллар кини баҕатын толорон, алта оҕоттон соҕотох тыыннаах хаалбыт, кыыһа Елена Ивановна Петрова (Антипина) Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрэн баран Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгэр оскуолаҕа учууталлаабыт, онтон педагогическай институту бүтэрэн Дьокуускай куоракка 4№ эр дьоннор алын сүһүөх оскуолатыгар үлэтин саҕалаабыт. Өссө да айыах-тутуох киһи 36 эдэр сааһыгар ыалдьан өлөн хаалар. Кэргэнэ Петров Георгий Георгиевич 1946 сылтан 1959 сылга диэри Обком КПСС иһинэн баар партийнай оскуолаҕа “история КПСС” предмети үөрэппит. 

Петровтар  4 оҕолоруттан  кыра кыыстара Рейнида Георгиевна Иркутскайдааҕы педагогическай  институту бүтэрбитэ, идэтинэн 16 сыл  үлэлээбитэ. Кини уола Паденко Михаил Сергеевич Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж физкультурнай салаатыгар, онтон үрдэтинэн Омскайдааҕы физическай култуура академиятыгар үөрэнэн 21№ оскуолаҕа учууталлаабыта. 

 Василий Никифорович уонна Екатерина Максимовна сиэннэриттэн Учуутал үрдүк аатын толору чиэстээхтик сүгэн, билии киэҥ аартыгын оҕо-аймахха өр сылларга арыйбыт киһинэн   Хаҥалас улууһун уонна Тиит Арыы нэһилиэгин  Бочуоттаах олохтооҕо, “Бочуот знага” уордьан, “Гражданскай килбиэн”, “Ытык саас” бэлиэлэр, элбэх мэтээллэр  кавалердара, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Зоя Ивановна Ксенофонтова этэ. 

Зоя Ивановна учуутал үлэтин 1946 сыллаахтан, педрабфагы бүтэрэн, аҕатын Иван Васильевич Ксенофонтов дойдутугар III Малдьаҕар оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан саҕалаабыта. Онтон учууталлар куурустарын кэннэ Хачыкаат оскуолатыгар биир сыл үлэлээн баран, Булгунньахтаах оскуолатыгар үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Икки аҥаар сылынан ол оскуолаҕа дириэктэринэн анаммыт. Ол үлэлии олорон 1955 сыллаахха кэргэнэ Пухов В.И. үлэтинэн Чурапчыга ыытаннар, онно көһөн тиийэн үс сыл учууталлыыр. 

1958 сылтан 1963 сылга диэри Покровскай орто оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир, онтон 1963 сылтан саҥа арыллыбыт  2№ аҕыс кылаастаах Покровскай оскуолатыгар бастаан учууталынан, ол кэннэ завуһунан уонна директорынан 23 сыл үлэлээбит.  1986 сыллаахха 40 сыл педагогическай ыстаастаах үлэтиттэн уурайар.

Бу курдук Василий Никифорович уонна Екатерина Максимовна Ксенофонтовтар удьуордара чиҥ билиилээх, киэҥ көрүүлээх буоланнар норуоттарыгар үйэлээҕи тэнитэн, сырдыгы дэлэтэн, саҥа саҕахтары арыйан үөрэх-билии, сайдыы кыымын сахпыттара.

Раиса Степанова, Ксенофонтовтар дьиэ кэргэннэрин түмэлин сэбиэдиссэйэ.