— «Эллээйээдэ» экспедицияҕа сылдьар сиэннэрбин Проняны, Мичили кытары  Эркээни хочотугар, Куллатыга, эрдэ хоту уйалана айанныыр   көтөрдөрү  көрөөрү бара сырыттыбыт, — сонунун үллэһиннэ кыраайы үөрэтээччи учуутал Прокопий Ноговицын, — Хата үстэ түбэһэн  көрдүбүт, Сарт — диэн восточнай канюк, арыый эрдэлээн кэлбиттэрин көрдүбүт, маска олороллорун. Кутуруктара хаймыылаах эбит. Урут муус устар бүтэһик күннэригэр биллэр этилэр.  Мичил  түгэни таба тутан хаартыскаҕа түһэрэн хаалла. Бу кэмҥэ  ити көтөрдөр  хоту дойдуга сымыыттыы  көтөн иһэн таарыйан ааһар үгэстээхтэрин сыллата кэтээн көрөн билэбит, — диэтэ.

Үрүҥ сарт, кини кэпсииринэн,  номоххо киир-бит тыҥырахтаах сиэмэх, элиэҕэ майгынныыр эрээри  арыый кыра тыҥырахтаах көтөр эбит.

Үгүс сиэмэхтэр тыыннаах харамайдары бултаһаллар — мохсоҕоллор, хотойдор, сартар, кыыртар, кутуйахсыттар уо.д.а.  диир «эллэйээдэлэр» научнай салайааччылара. Үрүҥ   куорсуннара былыргы дьылларга  ох саа өнүгэстэригэр туттуллаллар үһү. Куорсуннара хаалбыта  сэдэх көстүү буолар. «Эллээйээдэ» экспедиция оҕолоро  ымыы оҥостоору  олору ирдиир үгэстээхтэр.

Кус сезона сотору саҕаланыа. Өлүөнэбит арыыларын, хочолорун ууларын   саалаахтар аймыахтара турдаҕа, төрүү-ууһуу бараары уһун айаҥҥа туруммут куһу-хааһы  түһэрээри, кус миинин иһээри… Саатар сэдэх көтөрдөрү тыыппаттарыгар ыҥыраллар экспедиция оҕолоро. Сир ийэ иэнэ кинилэргэ кутталы үөскэппэтин.

 Людмила Мордовская.

Мичил Ноговицын хаартыскаҕа түһэриилэрэ.