Квест-марафон сэргэхтик ааста

Покровскайга «Саргы Түһүлгэтэ» Култуура киинигэр «Зов предков» квест-марафон оонньуу Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр анаан ыытылынна. Күрэххэ 4 хамаанда — Покровскай 1-кы, 2-с, 3-с №№-дээх оскуолалара уонна «Тепло сердец» кулууп кытынна.

Хамаандалар «Саргы Түһүлгэтэ» иһинэн бэриллибит ыйынньыгынан хостору кэрийэ сылдьан бириэмэҕэ сорудахтары толордулар. Сорудахтар саха омук историятыгар, үгэһигэр, култууратыгар сыһыаннаах буоллулар. Ол курдук, өбүгэ илии-атах оонньуутун «Кириэс тэбиини» «Эргис Эр дьоно» түмсүү иилээн-саҕалаан ыытта. Г.В. Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ
«Сундук кистэлэҥэ» түһүмэххэ дьааһык иһигэр баар эттиги көрдөрбөккө таайтардылар. Сахалыы остуол оонньуутун «Сказка» уһуйаан үрдүкү категориялаах иитээччитэ, «Ай-Ситим» фольклорнай бөлөх кыттааччыта Мария Кривошапкина тэрийдэ. «Сахалыы ас» түһүмэҕин Покровскай кэрэ аҥардарын «Тепло сердец» түмсүүтэ ыытта, хамаандалар мүнүүтэҕэ күөрчэх ытыйа күрэхтэстилэр. «Саха сирин политическай деятеллэрэ» викторинаны Киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ ыыттылар. «Мелодияны таай» диэн түһүмэххэ «Саргы Түһүлгэтин» үлэһитэ Светлана Лаврова
сахалыы ырыалары таайтарда.
Бу сорудахтары барытын толорбут, 17 мүнүүтэ иһигэр квест-марафону ааспыт Покровскай 3-с №-дээх оскуолатын учууталларын «Оһуор» хамаандата муҥутуур кыайыылаах буолла. Иккис миэстэни И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1-кы №-дээх оскуола учууталларын, үөрэнээччилэрин хамаандата ылла. Үһүс миэстэҕэ Покровскай 2-с №-дээх оскуола учууталлара тигистилэр.

Кыайыылаахтарга уонна күрэх кыттааччыларыгар тэрээһиммит спонсордара бэлэх арааһын туттардылар. Ол курдук, бастаабыт хамаандаҕа «Эргис эр дьоно» түмсүү «Серега» маҕаһыынтан сертификат туттарда. Иккис миэстэлээх хамаанда «Орто Дойду» зоопаркаҕа босхо сылдьарга сертификатынан наҕараадаланна. Үһүс миэстэлээх хамаандаҕа «Колибриттан» минньигэс ас сертификата туттарылынна. Ону сэргэ киин бибилэтиэкэ «Күрүлгэн» сурунаал, Г.В. Ксенофонтов аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл музейга босхо сылдьарга сертификат туттардылар.

Күрэх сүрдээх көхтөөхтүк, интэриэһинэйдик ааста, оскуола оҕолоро кыттыбыттара хайҕаллаах. Маннык тэрээһин Сахабыт сирин историятын, култууратын өссө дириҥник билэргэ тирэх буолар.

«Саргы Түһүлгэтэ» Култуура киинэ.