Нэһилиэктэргэ
Иккис Дьөппөн нэһилиэгэр «Октябрь 50 сыла совхоз» ТХПК-н Тихон Скрябин салайбыта үс аҥаар сыла буолла. Хаһаайыстыба итинник ааттаах совхоз үлэтин салгыыр. Биллэн турар, ыарахаттар бааллар, ол эрээри, санаатын түһэрбэт, тэтимин сайыннарар. Ыам ыйыгар биһиги хаһыаппытыгар кэлэктиип биир сарсыардатааҕы ыамыгар 600 лиитэрэ үүтү ыан турарын туһунан кэпсээн аһарбыппыт этэ, бу муҥутуур көрдөрүү буолта.
Билигин 20 киһи үлэлиир кээпэрэтиибигэр от үлэтин үгэнэ. Арыы сирдэргэ от бэркэ үүммүт. Ол эрээри курааннаабыт ходуһа сирээлбэх. Сүөһү аһылыгар уустуктар үөскүөхтэрин син. Онон эбии аһылыгынан хааччыйыыга үлэ барар.
Аҕыйах хонуктааҕыта СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин миниистирин солб. Сахаяна Павлова үлэни-хамнаһы билсиһэ кэлэ сырытта. Кини икки Дьөппөннөр сайылыктарыгар, пиэрмэлэригэр, ону сэргэ тутуллан экспертизаҕа бараары турар үүтү тутар пууҥҥа сырытта.
Бу сырыытын туһунан наука дуоктара кэпсиир:
— Үлэ тэтимэ үчүгэй. Дьон араас усулуобуйаҕа үлэлиир. Судаарыстыба политиката, өрөспүүбүлүкэбит баһылыга ирдииринэн маннык хаһаайыстыба өйөбүллээх буолара ирдэнэр. Биһиги ньүөлсүтүү ситимэ киирбитинэн сүөһү аһылыгын баазатын үлэтин билистибит. Тихон Николаевич бу хайысхаҕа үлэни салгыы сайыннарар санаалаах, ону олоххо киллэрэригэр барыл оҥорон күүс-көмө буолуохпут. Уу ыстарыллар кыахтаах бааһыналарын көрдүбүт. Сири салгыы таҥастаан ыһыы иэнин кэҥэтэр кыах баар. Билэргит курдук, билигин хаһаайыстыбалар сүөһү аһылыгар наадыйаллар, от тиийбэт куттала баар. Ол иһин оттооһуҥҥа мобильнай биригээдэлэри тэрийиигэ мунньах буолта. Айсен Сергеевиһи кытары Таатта улууһугар сылдьыбыппыт. Үлэни 2030 сылга диэри былааннаабыппыт. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит будьаһал чэрчитинэн мелиоративнай ситим сайдыытын федеральнай бырагырааматыгар киирэн турар (16 сайаапка ыытыллыбыта).
Элбэх сыллаах оту, уо.д.а. культураны үүннэриигэ сиэмэни дэлэтии боппуруоһугар Уус Алдан улууһугар үлэни ыыта сылдьабыт. Күн-дьыл уларыйыытыттан тутулуга суох сүөһү аһылыгын хааччыйыыга сорук турар. Тихон Николаевич бу чааһыгар дьоһун хайысханы тутуспут. Кини салайар хаһаайыстыбатыгар бу чааһыгар үлэ барар, үүтү тутуу салҕанар, кооперация олоххо киирэр, – диэтэ Сахаяна Павлова.
От үлэтэ хайдаҕый?
— Арыы сирдэргэ үүнүү куһаҕана суох, үлэ тохтообокко барар. Ходуһа аҥара охсулунна. Арыы сирин бүтэрдэхпитинэ тыа ходуһаларыгар көһүөхпүт. Үүттэн бородууксуйаны оҥорон таһаара турабыт, үүтү туттарыы тэтимирдэ. Тыа хаһаайыстыбатын департаменын исписэлиистэрэ кэлэн хонтуруоллуур ыаһыны тэрийдилэр. Кээпэрэтииппит үс нэһилиэнньэлээх пууну кытары үлэлиир, 450 ынах сүөһү үүтүн тута олоробут.
Сири ньүөлсүтүүгэ хаһаайыстыба утумнаахтык үлэ-лиир. Тыа учаастактарыгар өрөспүүбүлүкэ мелиорацияҕа салайааччыта Дмитрий Махаров кэлэ сырытта. Бу ый бүтүүтэ управление кээпэрэтиипкэ бэрэстэбиитэлин ыыта сылдьыахтаах. Күөл Онно диэн сиргэ дулҕаны кэртэрэн уу ыытар барылы оҥоруохтаахтар, эһиил үлэ ыытыллыахтаах.
— Хаһаайыстыба 67 гектар бааһыналаах сүөһү аһылыгар ыһыллар эбиэс, рапс курдук култуураны дэлэтэр былааннаахпыт, — салгыы кэпсиир Тихон Скрябин.
Эбийиэктэргэ ыччаттар үлэлииллэрэ кэрэхсэтэр. ХИФУ, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун үс устудьуона, икки оскуола оҕото төрөппүтүн кытары үлэлии сылдьар. Биир устудьуон – үһүс сайына. Ыччаты, оҕону кыра сааһыттан маннык үлэҕэ сыһыардахха үлэһит кыһалҕата үөскүө суоҕа. Оҕо олоххо бэлэмнээх буола улаатар.
Бүгүн бырабыыталыстыба тыа сирин үлэһит дьонун өйүүр. Олэрээри аҥардас көмө татым, общественнай өйү-санааны уһугуннарыы ирдэнэр. Үлэ миэстэтин таһаарыы ыччакка тыа сиригэр биисинэһи сайыннарыы, инфраструктуранан хааччыйыы общество өйөбүлүн ирдиир диэн бэлиэтиир салайааччы.
Салайааччы – аныгы менеджер, ыччаты бэйэ холобуругар үөрэтэр. Хамнас кэмигэр төлөнөр, үүккэ бэриллэр субсидия хаһаайыстыбаларга болдьоҕор бэриллэр. Самыртай дьоно астынар. Тихон Скрябин РНА Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинин уопсай боппуруостарга бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Биир дойдулаахтара кини үлэтин түмүгүн көрөллөр. Ол иһин даҕаны Ил Түмэҥҥэ дьокутаатынан куоластаахтара. Кини 200 төбө сүөһүлээх, быһаччы сиргэ үлэлиир хаһаайыстыбалаах соҕотох дьокутаат буолар.
Кирилл ЧЕРЕПАНОВ.