2023 сылга 2-с Дьөппөн нэһилиэгин дьаһалтатын көҕүлээһининэн А.М. Сидорова аатынан «Ситим» КК төрүт тылы харыстыыр, сайыннарар, үйэтитэр сыаллаах «Күөртээх күөрдэмнэр» диэн бырайыак суруйан көмүскээбитэ уонна «Саха өрөспүүбүлүкэтигэр тыл харыстаныыта уонна сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа кыттан 610 тыһ. солк. үбүлэммитэ. Бырайыак сүрүн сүбэһитэ Римма Жиркова, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр салалтатын салайааччыта буолар. Бырайыак сыала-соруга — уус өбүгэлэрбит ааттарын үйэтитии, Күөрдэм төрүтүн үөрэтэргэ ыччаты, нэһилиэк олохтоохторун көҕүлээһин, уус култууратын үөрэтэн саха тылын харыстааһын, үйэтитии буолар. Бу сонун хамсааһын олоххо киирэригэр кимнээх, хайдах-туох үлэлээбиттэрин бырайыак салайааччыта, Култуура киинин дириэктэрэ Саргылана Федорова кэпсээтэ.
— Биһиги нэһилиэкпит олохтоох үлэ тэрилтэлэрэ: бырааттыы Николаевтар ааттарынан орто оскуола, Е.В. Туласынова аатынан “Туллукчаан” уһуйаан, Р.К. Захаров аатынан «Самыртай» түмэл, бибилэтиэкэ, “2-с Дьөппөн нэһилиэгэ” МТ, А.М. Сидорова аатынан “Ситим” КК кэлэктииптэрэ сүбэбитин-күүспүтүн холбоон үлэлэстибит. Бырайыак хабаана киэҥ, суолтата дириҥ. Онон хас биирдии былааннаабыт тэрээһиммит үгүс оҕону, дьону хабар гына ыытыллыахтаах диэн быһаарыллыбыта.
Бырайыак бастакы хардыыта «ТаасУусФест-2023» бетоннай скульптура бэстибээлин тематын талыыттан саҕаламмыта. Олоҥхо геройдарын уобарастарын оҥоруутугар тохтоон баран, Хачыкааттан Хоточчуга дылы тайаан сытар нэлэмэн хочоҕо бастакынан кэлбит, олоҕу төрүттээбит өбүгэбит Самыртай уобараһыгар тохтообуппут. Бэстибээл саха эйгэтин төрүттүүр, сиэр-майгы сыаннастарын үрдэтэр, нэһилиэк архитектурнай уобараһын тупсарар, Самыртай хочотун историятын үйэтитэр сыаллаах ыытыллыбыта. Уос номоҕор олоҕуран төрүт дьоммут — Сыматтай тойон, Тимир Чарапчы ойуун, Күүстээх Күһэҥэй, Саан Саантыыр уус, Хардахсай Бэргэн скульптуралара бетонтан чочуллан таҕыста. Аҕыс күн устата скульптордар биэс хамаанда буолан үлэлээбиттэрэ. Скульптуралар сынньалаҥ пааркатыгар турдулар. Бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһин сүрдээх элбэх, онтон бырайыак бырагырааматынан «Самыртай хочотун үһүйээннэрэ» төгүрүк остуол этэ. 40 тан тахса киһи өссө тугу-ханныгы үөрэтиэххэ, чинчийиэххэ, үйэтитиэххэ сөбүй диэн сэһэргэстэ. Түмүгэр, ыччаттарбыт хочо историятын билэллэригэр уонна сайыннаралларыгар үгүс үлэ ыытыллыан наада эбит диэн киэҥ резолюция тахсыбыта.
Бырайыак өссө биир улахан тэрээһининэн «Күөрдэм көмүс күһүнэ — иэйии биһигэ» литературнай бэстибээл буолла. Бэстибээл чэрчитинэн «Күөрэгэйдээх күөрдэмнэр» литературнай түмсүү нэһилиэк хоһоонньуттарын кинигэтин таһаардылар. Самыртай скверигэр «Уустар» диэн тута хоһуйуу күрэҕэ ыытылынна. Анастасия Ющенко «Самыртай уус» хоһооно кыайан анал бэлиэ ылла. Айымньыта анал кинигэҕэ киирэргэ биһирэннэ.
— Саргылана Семеновна, тыл – омук тыыннааҕын туоһута буолар диэн өйдөбүл баар. Кэнчээри ыччаппыт, оҕо аймах төрөөбүт дойдутун историятын үөрэтэригэр, ийэ тылбыт харыстабылыгар бырайыак чэрчитинэн туох үлэ тэрилиннэний?
— Үөрэх кыһалара бырайыакка үлэлэрин сүрүн сыала — кэнчээри ыччакка уус төрүттэрбит туһунан өйдөбүлү биэрии буолар. 2-с Дьөппөн орто оскуолата «Биһиги уус төрүттэрбит», «Уус кыһатыгар экскурсия», «Тоҕо күөртээх?», «Ньургун боотур олоҥхоҕо ууска уһуйуллуу сиэрэ-туома» диэн интэриэһинэй кылаас чаастара ыытылыннылар. Ону таһынан орто сүһүөх кылаастар «Эрчимэн бэргэн» олоҥхону үгэс буолбут ньыманан толордулар. “Ситим” киин Оҕо көмүскэлин күнүгэр, Ыһыахха, Олоҥхо күнүгэр оҕолор түһүлгэлэрин тэрийэн төрүт оонньууларга, таабырыннаһыыга, олоҥхону ааҕыыга күрэхтэһии тэрийдэ.
«Туллукчаан» уһуйаан оҕолоро уус туһунан тэттик хоһооннору аахтылар, олоҥхо туруоран көрдөрдүлэр. Түмэл уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрин «Уус диэн кимий» кэпсээннэрин, уустар тэриллэрин сэргээтилэр. Оҕолорго анаан Култуура киинэ биир дойдулаахпыт, оҕо суруйааччыта, педагог-маастар Галина Иванова-Айтыына Уран англия тылыттан тылбаастаабыт «Сулус киһи кистэлэҥэ» остуоруйатын, «Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр» олоҥхону, Дмитрий Наумов «Кустук Куо уонна Дьүкээбил» остуоруйатын көрдөрдүлэр. Нэһилиэккэ анаан “Ситим” КК уонна «Самыртай» түмэл ыйдарынан туомнары тэрийдилэр. Айыыһыт, Дьөһөгөй, Иэйэхсит алгыһын түһэрдилэр. «Төлө туппат төрүт баайым – төрөөбүт ийэ тылым” – саха тылын, суругун-бичигин күнүгэр аман өс, саха тылын пропагандалааччылар Вилюяна Никитина, Ньургун Бэчигэн, Нина Слободчикова курдук биллэр дьоннуун көрсүһүүлэри, «Сахалыы саҥарыах» дьиэ кэргэн күрэҕин, «Эр модун» эр дьоҥҥо аналлаах алгыс күнүн, “Үлэттэн дьоллонуох” уустар тустарынан авторскай хоһоон ааҕыытын кэтэхтэн күрэҕин ыыттылар.
— Күөрдэмнэр олус интэриэһинэй сахалыы остуол оонньууларын тобулан-толкуйдаан таһаарбыттар диэни истэн турабыт. Бу туһунан сиһилии кэпсээ эрэ.
— Бырайыакпыт түмүгэр СӨ Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр салалта, СӨ саха тылын сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраамматын өйөбүлүнэн «Уус кыһата» уонна «Күөртээх уустар» остуол оонньуулара оҥоһуллан таҕыстылар. Оонньуу ааптардарынан оскуола учууталларын уонна оҕо саадын иитээччилэрин бөлөхтөрө буоллулар. Оонньуу оҥорорго бэйэбит түмэлбит матырыйаала, сквергэ туруоруллубут өбүгэлэрбит скульптуралара, «Самыртай хочотун үһүйээннэрэ» төгүрүк остуол матырыйааллара төһүү күүс буоллулар. Ол курдук, уһуйаан оҕотугар сөптөөх «Уус кыһата» лото-оонньуу «Күөртээх күөрдэмнэр» бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллубут оонньуу, ааптардара — Арианда Лебедева, Сахая Спиридонова, Валентина Карамзина, Людмила Леонтьева, Анастасия Адамова, Александра Леонтьева, Кюннэй Лебедева, Хаҥалас улууһун Күөрдэм нэһилиэгин «Туллукчаан» уһуйаан иитээччилэрэ. Лото уус идэтин туһунан оҕо билиитин хаҥатар, толкуйдуур дьоҕурун, сахалыы саҥатын сайыннарар, тыл саппааһын байытар сыаллаах оҥоһулунна. Лото остуолга ууран оонньуурга сɵптөөх 4 улахан карточкалартан турар. Манна темаларынан арахсар: уус уһанар тэрилэ; тимир ууһа оҥорбут дьахтар киэргэлэ-симэҕэ; тимиртэн оҥоһуллубут туттар тэрил; тимир араастара. Ону таһынан 24 кыра пластиковай араас ойуулаах карточкалардаах (фишка). Фишка аллараа өттүгэр мал аата суруллубут. Лото икки тылынан нууччалыы уонна сахалыы оҥоһуллубут. Онон, оонньуу оҕо уус туттар тылын билэригэр, өйдүүрүгэр табыгастаах. Оҕо сааһыгар сөптөөх ойуулаах, сорудахтаах. Оонньуу матырыйаала, хоппото кумааҕынан оҥоһуллубут, оҕо доруобуйатыгар буортуну оҥорбот, экологическай матырыйааллар туһаныллыбыттар.
Оттон оскуола саастаах оҕолор уонна улахан дьон оонньуулларыгар анаммыт «Күөртээх уустар» оонньуу буолар. Бу оонньуу ааптара Наталья Климентова, 2-с Дьөппөн орто оскуолатын алын кылаас учуутала. Айар бөлөххө 2-с Дьөппөн орто оскуолатын учууталлара Анжелика Лебедева, Раиса Черноградская, Галина Иванова-Айтыына Уран үлэлэстилэр. Оонньуу Хаҥалас улууһун Самыртай хочотун уустарын билиһиннэрэр ис хоһоонноох. Оонньуу тылы үйэтитэр, сайыннарар, билиини тургутар сыаллаах соҕотоҕун, бөлөҕүнэн уонна дьиэ кэргэнинэн оонньуурга табыгастаах. Оонньуу ыйытыылаах 36 хаартыттан турар. Хаарты биир сирэйигэр ыйытыы, иккис сирэйигэр сөптөөх хоруй баар. Оонньотооччу хаартыны талан ыйытыыны ааҕар. Оонньооччу сөптөөх хоруйу биэрдэҕинэ, баал эбиллэр. Элбэх сөптөөх хоруйу биэрбит — кыайар. Бырайыак СӨ Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр салалтатынан үбүлэннэ (188 560 солкуобайга 120 остуол оонньуута бэчээттэннэ). Оонньуу Самыртай хочотун оскуолаларынан уонна уһуйааннарынан тарҕатылынна. Онон, инникитин уус тылын үйэтитэр сыаллаах араас хабаннаах үлэ ыытыллара эрэйиллэр.
— Биир нэһилиэк холугар, чахчы да, дьоһуннаах үлэ барбыт эбит. Арааһа, манан үлэ тохтообото буолуо дии? Инники былааҥҥытын сырдата түһүөҥ дуо?
— Бырайыак өссө биир оҥорон таһаарар үлэтинэн РНА Сибиирдээҕи салаатын ГЧИ-ни кытары “Күөртээх күөрдэмнэр” диэн Күөрдэм нэһилиэгин уустарын туһунан научнай- популярнай кинигэ тахсыытын былаанныыр. Кинигэ эппиэттээх редактора профессор, история билимин дуоктара Розалия Бравина. Кинигэҕэ тимири уһаныы тылдьыта, сир-дойду ааттара, Нуочаха уонна Туруук хайа уус төрдүн ытык сирдэрэ, Хаҥалас улууһа былыргы тимир уһаарыы киинэ о.д.а. интэриэһинэй чинчийиилэр, ыстатыйалар киирдилэр. Онон, ханнык ньымалары туһаннахха ыччат сахалыы билиитэ, саҥарыыта, төрүт култууратыгар интэриэһэ күүһүрүөй диэҥҥэ бүтүн нэһилиэк күүһүн түмэн үлэлэспит “Күөртээх күөрдэмнэр” бырайыакпыт түмүгэ үтүө буолуо диэн эрэнэбит. Тыа сирэ сайдарыгар, ыччат дьон тыа сиригэр олохсуйарыгар сахалыы саҥа, төрүт дьарык, тыа сирин тупсаҕай оҥоһуута төһүү күүс буола туруохтаах. Оттон саха тылын үйэтитэргэ биирдии тиэмэни араас хайысхаҕа хайытан, биир сыаллаан тэрийдэххэ көдьүүһэ ордук буолуо дии саныыбыт.
— Саргылана Семеновна, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтал!
Ольга Гермогенова.