Кыһыл Үрүйэ сис ыала Тихоновтар

Дьиэ кэргэн сылыгар

Кыһыл Үрүйэҕэ  мин култуура үлэһитэ Людмила Артамонова арыалдьыттанан ытыктанар Тихоновтар диэн ыалга сырыттым. Дьонум сып-сырдык саҥа мас дьиэлэригэр икки хонуктааҕыта эрэ көһөн кэлбиттэр эбит. Бу бэлиэ күнүнэн оҕолоро кыттыһан  төрөппүттэрин мэтириэттэрин оҥотторон ыыппыттарын манна баар кыыстара  Лена үөрэ-көтө туттаран соһуччу дьолу  бэлэхтээтэ. Хартыынаны ыйыыр миэстэ кытары тута көһүннэ. Кырдьаҕастар быйыл бииргэ олорбуттарын 55 сылын бэлиэтээн ааспыттара этэ. Үйэ аҥарыттан ордук бииргэ олоруу диэн киһиэхэ эрэ барытыгар тиксибэт. Өссө да чэгиэннэр, сэргэхтэр.

Саҥа дьиэлэнэн саҥалыы олорорго бэлэмнэр. Кырдьар саастарыгар маннык сырдык, киинтэн ититиилээх дьиэҕэ, этэргэ дылы, оһох оттубакка нус-хас олорор саҕа үчүгэй  тыа дьонугар суох курдук. Бэйэлэрин ыал буолбут дьиэлэрэ эргэрэн, сылааһы туппат буолта ыраатта. Онон бу саҥа ньээкэ уйаламмыттарыттан олохтоох дьаһалтаҕа, баһылыктара Ирина Оболкинаҕа уонна мас ылалларыгар үгүөрү үбүнэн көмөлөспүт  Хаҥаластан Ил Түмэҥҥэ дьокутаат, Мохсоҕоллоохтооҕу цемент собуотун дириэктэригэр Алиш Мамедовка, күүс-көмө, илии-атах буолбут чугас дьонноругар махталлара улахан. Урукку дьиэлэригэр биэс  оҕону бүөбэйдээн улаатыннарбыт буоллахтарына, билигин манна аны хос сиэннэрэ  иһинэн-таһынан сүүрүөхтэрэ турдаҕа. Хайыы-үйэ саҥа дьиэ муостатын  түөрт атахтыы сыылан мээрэйдиир кыысчаан биһигини сэргии көрсүбүтэ баара, Лена диэн  кыыстарын хойутаан оҕоломмут кырачаана.

Сып-сырдык, барыта саҥа маллаах-саллаах дьиэҕэ биир бастакы ыалдьыт буолар эчи үчүгэйин. Хаһаайка мааныта Мария  Петровна үгэһинэн остуолун тарта. Сип-сибиэһэй хойуу күөрчэхтээх, саһарчы буспут алаадьылаах аһыы олорон элбэҕи кэпсэттибит. Өссө  Анатолий Егоровичэдэркээн сылдьан түспүт хаартыската бэчээттэммит чааскытын астына көрдөрдө, бу курдук кыраһыабай уол оҕото этим диэн күлэ билиһиннэрдэ. Мариятын Аллара Халыма Эбээҕиттэн көһөрөн аҕалбытын кэпсээтэ. Кыыс оччолорго арыы сыаҕын маастардарын кууруһугар үөрэнэн манна ананан үлэҕэ кэлэ сылдьыбыт эбит. Кыһыл Үрүйэни сөбүлээн дойду оҥостубут, бастыҥнар ахсааннарыгар киирэн  үлэлээн-хамсаан удаарынньык бастыҥа  буолан кэллэҕэ.

Айылҕа оҕолоро

Анатолий Егорович биир оннук, үйэтин тухары тырахтарыыстаан төһөлөөх оту-маһы түүннэри-күнүстэри  тиэйбитэ,  бурдугу үүннэрбитэ буолуой, ааҕан сиппэккин. «Күн кылбайа тахсарын бааһынаҕа көрсөр үчүгэйиэн…«диэбиттээҕэ кини биэс сыл анараа өттүгэр хаһыаппытыгар тахсыбыт ыстатыйа ааптарыгар. 60 сааспыт туолбуппар 1963 сылтан үлэлээн кэлбит «Беларусьпун« бэлэхтээбиттэрэ, билигин да хаама сылдьар« диэтэҕэ үһү, 86-с хаарын көрсөөрү сылдьар кырдьаҕас.

Бэтэрээннэр билигин даҕаны ходуһа диэки көрөллөр. Мария оннооҕор  тэлгэһэтин отун охсон киһилээбэт. Түннүгүнэн көрдүм, кээһиллибит отун,  80-на чугаһаабыт киһи диэтэххэ, сүдү үлэ. «Былыырыын икки оту туруорбутум, илиинэн охсон» диэннээх, быйыл от үүнүүтэ мөлтөһүөрүн этэр.   «Бензининэн «барар» хотууру сөбүлээбэппин, сыта-сымара, киһи үлэлээбитин астыммат» диэннээх, өссө сүрэҕэр аппараттаах эбит, онон көҥүллэммэт да  үһү. Онтон эдэрчи сылдьан от охсуутугар күүлэйгэ кыттара эбээт, хоту дойду хоһуун кыыһа.

Тихоновтар быйыл биэс ынаҕы, эбии кыра сүөһүнү кыстатаары сылдьаллар. Үүттэрин  киилэтин 15-тии солкуобай туттараллар эбит, харчытын мыынан ыыталаан кэбиспэтэхтэр, хата, ыы сылдьыбыттар. Тыа ыалын сиэринэн сүөһү-ас тутан, сылгы иитэн, оҕуруот олордон күн иллэҥэ суох дьон. Мария өссө билигин да отоннуубун, тэллэйдиибин, айылҕаҕа сылдьарбын олус сөбүлүүбүн диир. Киһи сөҕүөх  кырдьастара чэпчэкитик туран-олорон,үлэни бүтэрэн-оһорон ыччаттарыгар үтүө холобур буолан ытыктанар ыаллар.

Кырдьыгы, спорду өрө тутан

«Анатолий Егорович актыбыыс бэрдэ, мунньахтарга өрүү сылдьар, кини баар буоллаҕына олус астынабын, долгуйарым ааһар курдук, сүбэтэ-амата элбэх буолааччы», — диэн   көрсүһүүбүтүгэр быктаран турардаах баһылык Ирина Викторовна. Маннык дьон бааллара кэпсэтиини дьыалабыай  сүрүннүүр курдук буолааччы…  «Арыт бу оҕонньорго ханна туох буолаары турарын эппэккэ хааллахпытына, мөҕөттөөччү буоллаҕа», — кэпсиир кэргэнэ.Ол курдук олоххо көхтөөх киһи, Анатолий Егорович. Эдэр эрдэҕиттэн оннук, спорсмен бэрдэ этэ диэн аастылар Мария  кыыһынаан. Людмила Дмитриевнам кытары  эмиэ сөҕө аҕынна: «Уруккуга спортивнай инвентарь суоҕар штангаоннугар  массыына-тыраахтыр тимирдэринэн эрчиллибит уонна күрэхтэһиилэргэ кыттыбыт  бу дьон этилэр» диэн. Өссө оҕолору футболга, волейболга эрчийэр, бэйэтэ үчүгэйдик оонньуур эбит, хас да көрүҥүнэн араас күрэхтэһиилэргэ кыттарын ахтан аастылар. Анатолий Тихонов спорт фаната да диэххэ сөп, урукку тустууктарбытын ааҕа билиэтиир — Илья Кондратьевы, Зосим Ивановы, Семен Кировы, Геннадий Гребневы, Дмитрий Гуляевы, үөлээннээҕин Симон Устиновы о.д.а., бииргэ күрэхтэһиилэргэ сылдьыбыттарын  ахтар. Ол иһигэр  Москваҕа күрэхтэһэн баран Дмитрий Гуляев устудьуон билиэтинэн, 58 солкуобай оннугар  суума аҥаарынан, хайдах дойдуларыгар айаннаан кэлбиттэрин…

«Спортсмен бэрдэ, Анатолий Егорович. Ат сүүрдүүтүн көтүппэт, куоракка киирэн көрөр. Билсэр-көрсөр киһитэ үгүс. Арба,  табаарыһа ырыаһыт Фрументий кэнсиэригэр сылдьан, көрсөн тахсыбыта, 50 сыл анараа өттүгэр  ырыаһыт киниэхэ  күүлэйдии кэлэн барбыт этэ. Аксакалбыт  кэрэхсиирэ үгүс. Кыһыл Үрүйэбит былыргытын киниттэн ыйытабыт»,- диэн сырдатан ааста  биир дойдулааҕа Зинаида Лазарева.

Урукку-хойуккуну санаһан

Сопхуос урукку салайааччыларыттан кими астынар этигиний диэн ыйытыыбар Константинов Анатолий Павловиһы, Варламов Михаил Иннокентьевиһы, Иванов Николай Дмитриевиһы, Тарасов Егор Спиридоновиһы, Едисеев Николай Евграфовиһы о.д.а., кырдьык, дьаһаллаах, партия дьыалатыгар бэриниилээх, киһи быһыытынан  сиэрдээх  дьоһун дьону. Истэргэ үчүгэй. Отой уруккуну-хойуккуну санаһан олоруох курдук  буоллубут — бэтэрээннэрбит кэпсээннэрэ элбэх. Биирдэ санаторийга Сочига хайдах барбытын  кэпсээн күллэртээтэҕэ үһү, 1965 сыллаахха. «Оччолорго колхуостаахтарга пааспар  диэн суох. Путевка өрүү биэрэр этилэр даҕаны, кыаллан барбат этим. Биирдэ дьэ биэрбиттэригэр үлэбэр тардыллан хойутаан ыла тиийдим, турбут бэйэбинэн, харчыбын укта сылдьабын. Куоракка киирэн кураанах төннүрүм хайдах да табыллыбат, Сочига барабын диэн кэпсээн аҕай уһун айаҥҥа аттаммыт киһи. Кэмниэ кэмнэҕэс атын «горячай» диэн путевканы булан, билиэт ылан  биэрдилэр. Москваҕа тиийэн  атын пуортан барарбын билбэккэ сөмөлүөппүттэн хаала сыстым. Хата, тириэрдэн абыраатылар. Сүбэһиттэр элбэхтэр буоллаҕа, оччолорго дьон аламаҕай бөҕө. Син тиийдэҕим дии, халыҥ таҥастаах, бэргэһэлээх, үтүлүктээх,отут кыраадыс итиигэ буһан-хатан… Хоспор бииргэ олорор дьонум сарсыныгар саҥа  көстүүм, ырбаахы кэтэртилэр, уол оҕото буола түстүм…Путевкабын уһатан отой хойут дойдубун бултум. Урут үлэһит дьон сынньанарын тэрийэллэрэ ахан…«.

Ньирэй көрөн, арыы сыаҕар маастардаан…

Онтон Мария Петровна эмиэ тыа хаһаайыстыбатыгар 1970 сылтан үлэлээбитэ, ньирэй көрөн, арыы сыаҕар маастардаан. Кини туһунан Кыһыл Үрүйэттэн биһиги общественнай кэрэспэдьиэммит Зинаида Лазарева былырыын сайын сөҕөн-махтайан  сырдатан турардаах. Онно мин  ааҕан турабын «Хотоммор таҕыстахпына мин ыалдьар да буоллахпына үтүөрэр дьарыгым»  диэбитин.

— 50-нуу ньиэрийи кыстатарбыт. Кыһыл Үрүйэ отделениета өрүү бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьара,- кэпсиир кини сэмэйдик. Эмиэ үтүө үлэһит дьон бааллара. Кэлин биһиги бэйэбит хаһаайыстыба тэристэн олоробут. Уонча ынаҕы тутарбыт, билигин ахсаанын аччаттыбыт. Улахан кыыспыт Дарья көрөр-истэр.  Кини уоллаах кыыһа эмчиттэр,Дьокуускайга олороллор, иккилии оҕолоохтор. Кийииппит түөрт оҕолоох хаалта, кырата сүүрбэччэтэ буолла. Биир кыыспыт Евдокия Анатольевна Покровскайга 3-с оскуолаҕа учууталлыыр,- кэпсиир  ийэ киһи,- Сиэннэрбит 15-тэр, — диир Мария Петровна.

Леналара сэттэ оҕолоох ийэ, кыратын кытары олорорунан кэлэ-бара сылдьар. Тихоновтар күтүөттэрэ, сиэннэрэ анал байыаннай дьайыыга сылдьан эчэйэн кэллилэр… Дьэ ол долгутар, арыт утуйар ууларын көтүтэр. Сэрии содула диэни билбит кырдьаҕастар  саастарын билиммэккэ туох кыалларынан ыччаттарын өйүү, харыһыйа сылдьаллар, санааларын түһэрбэккэ буолаллар. Бу сэргэх ыалтан биһиги олус астынан, кинилэр эрчимнэриттэн күүс эбинэн таҕыстыбыт. Анатолий Егорович  өссө «түргэн атах«, бараары турдахпытына атаарсан, өссө төгүл  Маарыйатыттан хайҕанан хаалла. Кэргэнин дьүөгэлэрэ  кэллэхтэринэ ким хайа иннинэ үөрэ-көтө көрсөөччү,атаарааччы  эмиэ  кини буолар эбит! Бэтэрээннэрбитигэр айыы тыыннаах саҥа дьиэҕэ сылаас кыһыны, доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну   баҕарабыт!

Людмила Аммосова.