Кыһыҥҥы күрүлгэн – дьикти көстүү

«Сканди-Сиинэ» хаалыктаах хаамыы бөлөҕүн чилиэнэ Лариса Леверьева маннык кэрэ көстүүлээх сиргэ сылдьан кэлбиттэрин үллэһиннэ.

Сиинэлэр бу күннэргэ «Идущий человек» диэн бүтүн россиятааҕы хаамыыга күрэххэ (биэнсийэлээхтэр бөлөхтөрө) кытта сылдьаллар. Күн аайы төһөнү хаампыттара учуоттанан иһэр. Сылы супту хаамаллар, доруобуйаларын бөҕөргөтөр, сэргэх буолар туһуттан. Бары даҕаны биир интэриэстээх, олоххо көхтөөх дьон.

Көрүҥ эрэ – Сүөкээни үрэҕин күрүлгэнин! Эчи кэрэтин, сүүрэн иһэн хам тоҥмута!

— Лилия Павловна Федоровалыын түһэрдибит. Хатыламмат көстүү! Быйыл күһүн ичигэс, ардахтаан уулаах буолан үрүйэлэр сүүрдүлэр, — быһаарар Лариса Васильевна.

Сиинэттэн Петровскай уонна Батамаайы диэки Хайа Баһын икки ардыгар – 17-18 км сиргэ эбит. Скандиларбыт суол сорҕотун массыынаҕа түбэһэн барбыттар, арыый сынньалҥнык сылдьыбыттар. Кинилэр, бары даҕаны олус бэрдэ суох доруобуйалаах сааһыра барбыт дьон күн аайы сарсыарда дэриэбинэ кэтэҕинэн 4 км курдук сири күн-дьыл туругуттан иҥнибэккэ хаамаллар, бириэмэлэрин бииргэ туһалаахтык атаараллар, саас Пионер күнүн кыһыл хаалтыс баанан бэлиэтииллэрин билэбин. Бары сэргэх, нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттар дьон! Дойдубут кэрэтин хайдах курдук хаартысканан дьүһүйбүттэрин көрүҥ. Махтал буоллун.

Людмила Аммосова.