Олус сэмэй, үтүө киһи. Нөмүгүгэ олорор, учуутал, кыраайы үөрэтээччи. Билиһиннэриэхпин баҕарабын. Соторутааҕыта бу дьоһун киһиэхэ история биир кэрчик кэминэн санаатын истээри, суруйар матырыйаалбар сүбэ-ама ылаары дьиэтигэр тиийэ сырыттым, уонна — долгуйар ыйытыкпар хоруй ылан уоскуйан кэллим.
Бу көрдөххө, кыраайы үөрэтээччилэрбит тустарынан улахан суруйуу да суох эбит. Хата ол дьоммут бэйэлэрэ историяны хасыһан тугу билэллэрин тириэрдэр айылгылаах сылдьаллар, биһиги хаһыаттарбытыгар суруйан санааларын үллэстэллэр эбит. Санаан кэллим сир түннүгэ дьоммутун, бэтэрээнэн соҕус ыллахха, олохтон барбыт Гордеев Николай Даниловиһы, Ильин Егор Петровиһы, Герасимов Гаврил Михайловиһы, Иванов Семен Дмитриевиһы, билигин үлэлии сылдьар Макарова Галина Степановнаны, Скрябина Капиталина Гаврильевнаны, Спиридонов Вячеслав Ивановиһы уонна да атыттары. Билигин кинилэр суруйан түмпүттэрин туһана сатыыбыт, төрүччүбүтүн оҥорорго, нэһилиэктэрбит историятын түмэргэ, оннооҕор ыччаттарбытыгар научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ үлэ суруйан кытталларыгар көмөлөһөөрү гыннахпытына.
Раиса Викторовна кинилэртэн биирдэстэрэ. Дьоһун, үлэһит ыалга күн сирин көрбүт, сиэр-майгы диэни улаханнык ытыктыыр киһи, 1979 сыллаахтан Хаҥалаһын сиригэр университеппытын бүтэриэҕиттэн оҕолору нуучча тылыгар уонна литературатыгар үөрэтэн кэлбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Бочуоттаах бэтэрээнэ.
Мин кини аҕатын Виктор Митрофанович Павловы үлэбинэн билэр этим, Саха АССР үтүөлээх тутааччытын, тыатын хаһаайыстыбатын туйгунун, сэрии кэмигэр улахан дьону кытары тэҥҥэ «Сталин» холхуоска үлэлээбит Эргис киһитин. Кини манна Ворошилов аатынан холхуоска хонуу үлэтигэр биригэдьиирдээбит, комсомольскай тэрилтэни салайбыт олоххо көхтөөх көрүүлээх ыччат эбит этэ. 1960 сыллаахтан «Өктөм» сопхуоска, онтон Покровскайдааҕы ОПХ-ҕа, кэлин Кыыл-Бастаахтааҕы «Межколхозстрой» ТМУ тутууга биригэдьииринэн үлэлээбит, оччолорго арболиттан, мастан үгүс дьиэни тутууга кылаатын киллэрбит туруу үлэһит. Үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт, үтүө холобурга иитиллибит, онон биһиги Раиса Викторовнабыт.
Историяны, литератураны өрүү кэрэхсиир киһи «Эргистэр» диэн мааны кинигэни биир дойдулаахтарын өйөбүллэринэн бэлэмнээн 2009 сыллаахха таһаарбыта. Нөмүгү нэһилиэгин кинигэтин бэйэтин курдук энтузиаст дьону — кыраайы үөрэтээччи, «Бочуот Знага» уордьаннаах Маалтааныттан төрүттээх Нөмүгүгэ кулуубу салайа сылдьыбыт, кэлин СӨ олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар министиэристибэтин кылаабынай механигынан үлэлээбит Ильин Николай Ивановиһы уонна Нөмүгү биир ытыктанар педагогун, суруйааччы, поэт Наталия Николаевна Борисованы кытары дьоннорун-сэргэлэрин көмөтүнэн бэлэмнээн 2012 сыллаахха утары ууммуттара. 566 страницалаах кинигэни таһаарар манан дьыала буолбатаҕын, бу элбэх сыраны-сылбаны, үгүс долгуйууну эрэйэр үлэ. Архыыптарга төһөлөөҕүн үлэлээбиттэрин, элбэх историческай докумуоннары үөрэппиттэрин, үһүйээннэри чинчийбиттэрин, ахтыылары, хаартыскалары түмпүттэрин билэбин.
Раиса Викторовна Тиит Арыы, 2-с Малдьаҕар, Ой оскуолаларыгар, Покровскай киэһээҥҥи оскуолатыгар үлэлии сылдьыбыта. Оччолортон историяны интэриэһиргиир этэ. Бу сирдэргэ үлэлээбитэ кэлин кыраайы үөрэтиигэ киириитигэр көмө буолта саарбаҕа суох. Покровскай Эргис сиригэр олохсуйбутун бигэргэтэр. «Сир ааттаах, дойду сурахтаах» диэнинэн сирдэтэн куораппыт аатын да уларытталлар үөрүүнэн ылыныа этэ. Бу санаатахха, мөккүөрэ уостубат ааттаах Покровскайбыт били биһиги редакциябыт бэлэмнээбит «С Покровском связаны судьбою» диэн кинигэтиттэн ураты, Раиса Федорова «Эргистэр» кинигэни аахпатахха, Хаҥалас нэһилиэктэрин курдук, дьоһун кинигэтэ суох эбит.
Раиса Федорова билигин Нөмүгүгэ олорор
Историяны хасыһарыттан кини күн солото суох. Мин киниэхэ кэлбиппэр Покровскай топонимикатыгар НПК-ҕа дакылаат бэлэмнии сылдьара. Сирдэр ааттарын архыыпка хаһыспыта быданнаатаҕа, өссө «Эргистэрин» оҥоро сылдьан билистэҕэ. Ону барытын түмэн, источниктарын бигэргэтэн, кэмпириэнсийэ балаһыанньатын ирдэбиллэринэн аны презентацияны оҥорон бэлэмнээн илдьэр бириэмэни, толкуйу эрэйэр дьыала буолара биллэр. Истибитим, НПК этэҥҥэ ааспытын, Раиса Викторовна мин көрдөһүүбүнэн ол үлэтин редакцияҕа ыыппыта, сайтка, телеграмҥа таһааран турабыт, миэстэ көһүннэҕинэ хаһыаппытыгар бэчээттиэхпит, эргэрбэт, үйэлээх матырыйаал.
Уопсайынан, Раиса Федорова билигин даҕаны хасыһара элбэх, бииртэн биир сорук тахса турар — үлэһит киһини үлэ сырса сылдьара диэн баар. Солотуйдарбын уруһуйдуо да этим, оҕуруот да үлэтэ кыттыыны эрэйэр диир кини. Кырдьык, олус бэрт уруһуйдардаах эбит. Уопсайынан, талааннаах киһи дэгиттэр дииллэрэ кырдьык эбит. Раиса Викторовна туппута барыта кичэллээх, ойуута-бичигэ киэҥ ис хоһоонноох. Санаабар бары даҕаны кыраайы үөрэтээччилэр итинник дьаныардаах дьон, саҕалаабыттарын тиһэҕэр тириэрдэр үгэстээхтэр.
Бу барыта дьиэ кэргэнтэн иитиллэр буоллаҕа. Быраата, уруккута авиатор киһи, Валерий Павлов кэргэнинээн биллэр оҕуруоччуттар. Кулун тутар саҥатыгар биир күн Светлана Петровна эбиэт кэнниттэн 197 помидору рассадалаан ыстакааннарга пикировкалаабытын истибитим. Роза сибэккини кыстатан таһааран үөрдэллэр, оҕуруот аһын арааһын, ол иһигэр арбуз, онно эбии виноград үүннэрэллэрин туһунан телевидиенан «Тиэргэн» биэриигэ Дая Барашкова сиһилии кэпсээн турар. Авиатор идэлээх киһи пенсияҕа тахсан баран Нөмүгүгэ кэлэн олохсуйбут уонна умсугуйан туран оҕуруотунан дьарыктанар буолбутун көрөн сөхпүттээҕим. Раиса Виктиоровна бараары турдахпына миэхэ сардаана сибэкки сиэмэтин бэлэхтээн ыытта. Сиэмэнэн олордулларын урут билбэт этим… Син обургу, хаптаҕай сиэмэлээх эбит, бу ырыаҕа ылланар кэрэ сибэккибит. «Бэркэ көрдөххө-харайдахха дьэ төрдүс сылыгар сибэкки бөҕөтүн бэлэхтиэ» диэтэ хаһаайка.
Олох үөһүгэр
Раиса Викторовна пенсияҕа да тахсан баран таах олорбот. Араас НПК-ларга өрүү эксперт быһыытынан сылдьарын көрөбүт, элбэх тэрээһиннэркэ кыттар, өрүү этэр тыллаах буолар.
Ой оскуолатын дьоһун кинигэтин бэлэмнээн таһаарбыттарын көрбүтүм. Майаҕа композитор Адам Скрябин чугас дьонун Соловьевтар кинигэлэрин билиһиннэриигэ бара сылдьыбытын, ол кинигэҕэ анаан эмиэ архыыпка үлэлээн матырыйаал булан ыыппытын кэпсээн аһарбыттааҕа. Кинигэлэри көрдүм уонна сөхтүм. Олус да сүдү икки томнаах кинигэни бэлэмнээн таһаарбыттар, бу Дмитрий Иванович — Солобуй Уйбаан уолун Нөмүгү нэһилиэгин сис баайдарын сыдьааннара. Икки туому быһа биир да аймаҕы көтүппэккэ бары дааннайдарын түмэн, хаартыскалаан (барыта уонна докумуонунан бигэргэтиилээх) түмэн, өҥнөөх гына бэчээттэтэн кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар утары ууммуттар. Дмитрий Соловьев алта уоллаах эбит. Кыахтаах да дьон эбиттэр, баардаах дьон ыччаттара!
Архыыпка үлэлиир манан дьыала буолбатаҕа биллэр. Раиса Викторовна суруйааччы Павел Харитонов -Ойуку төрүччүтүн ирдэһэн булбутун истибитим этэ. «Өр ирдэспитим, архыыбы хаһыспытым. Харитоновтарым, кэлин билбитим, отой да атын арааспаанньалаах аймахтар эбиттэр этэ», — диэтэ. Оччотооҕу суруксуттар дьон туһунан син балай эмэ суруйаллар эбит, ардыгар хос ааттарыттан эҥин сирдэтэн наадыйар киһигин булаҕын, араспаанньаны да аҕабыыттар араастаан биэрэллэрин биллим. Иитиэххэ сылдьыбыттар эҥин бааллар. Былыр киһи олоҕо кылгас буоллаҕа, онон аймахтар дьоннорун ыччаттарын иитэ ылаллара, бэйэлэрин анныларынан суруттараллара да элбэх этэ буоллаҕа. Тулаайах хаалбыты хаарга хаамтарар аньыы буоларынан сахалар туох баарынан уос-тиис үллэстэн баччаҕа олорон кэллэхтэрэ, бу тыйыс айылҕалаах хотугу сиргэ диир кини. «Нөмүгүлэр Өймөкөөҥҥө. Николай Заболоцкай-Чысхаан төрдө-ууһа» диэн ыстатыйатын соторутааҕыта сайппытыгар таһааран турабыт. Өймөкөөннөр бэлэх быһыытынан олус дьоһун кинигэлэрин Раиса Федоровҕа ыыппыттарын көрөн сөхтүм…
Номохтор, сирдэр ааттара элбэҕи кэпсииллэр…
Төрдү-ууһу ирдииргэ былыргы номохтор олус туһалаахтарын Раиса Федорова этэр. Нөмүгү кинигэтигэр элбэх да номоҕу ирдэһэн булбуттар! Бу кэпсээннэр өрүү биир буолбаттар, былыргы үйэҕэ эгэлгэ дьонтон кэпсэниллэн араастаһаллар. Ону дьэ ырытан, сүнньүн булларан кинигэҕэ ылар уустуктардаах. Манна сирдэр ааттара кытары элбэҕи кэпсииллэр. Дьон түөлбэлээн олорбут сирдэнинэн биллэллэрэ эмиэ баар. ..
Раиса Викторовналаах Нөмүгү кинигэтигэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сылдьыбыт дьоннорун биирдиилээн ахтыбыттарын ытыктыы көрдүм. Нөмүгү сириттэн фроҥҥа 189 киһи ыҥырыллан барбыт, ол иһигэр Маалтааныттан -64, Нөмүгүттэн -133. Сэриигэ баран 95 киһи өлбүт — Маалтааныттан 37, Нөмүгүттэн 58 киһи. Бу дьонтон үгүстэрэ сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүттэр. Кинилэри үгүстэрин ирдэһэн билбиттэрэ хайҕаллаах. Тыылга үлэлээбиттэри хаҺыаттартан суруйууларынан эбэн, үлэҕэ чопчу ситиһиилэрин ыйан туран толору биэрбиттэрэ, үрдүттэн кураанах этии буолбатаҕа олус үчүгэй. Чэ, мин кини кыттыылаах кинигэлэри ырыта барбаппын, ити сөҕө көрбүппүн этэбин, атын таһаарыыларга хайдах биэрэллэрин тэҥнии көрөн… Маннык кинигэлэр салгыы чинчийиигэ, үөрэтиигэ тирэх буолаллар. Онно дьэ бу Раиса Федорова курдук энтузиаст дьоммут күүс-көмө буолаллар. Махтаныаҕыҥ уонна ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!
Людмила Аммосова.