Кырдьыгы, үйэлээҕи түстэһэн үлэлиир «Хаҥалас» хаһыата

1940 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр «Советтар знамялара» диэн улууспутугар, уруккута  Орджоникидзевскай оройуоҥҥа, сахалыы тыллаах хаһыат Өктөөбү көрсө тахсыбыта. Редакторынан 39 саастаах бу иннинэ Өлүөхүмэ оройуонун «Колхозник» хаһыатын редакторын солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбыт, Дьокуускайдааҕы потребкооперация техникумун уонна Москватааҕы кооперативный институту бүтэрбит партийнай үлэҕэ уопуттаах  Иван Иванович Аллахинов  ананыллыбыта. Ити иннинэ  типография тэриллибитэ. Бастакы нүөмэрбит 500 ахсаанынан тарҕаммыта. Нэдиэлэҕэ иккитэ иккилии балаһанан тахсара. Хаһыаппыт бу бастакы нүөмэрэ билигин бары  таһаарыыларын кытары редакциябыт сейфэтигэр харалла сытар.

Ити кэмтэн ыла 85-с сылбытыгар үктэннибит, этэҥҥэ улууспут, дойдубут  сонунун эһиги, ааҕааччыларбыт, көмөтүнэн билиһиннэрэ олоробут. 85 сыл диэн биир дьоһун киһи үйэтэ. Бу тухары дойдубутугар, улууспутугар улахан уларыйыылар бардылар, оннооҕор олорон кэлбит олохпут оҥкула уларыйда. Ол эрээри төһө даҕаны сир-сир аайы быһыы-майгы уларыйдар, киһи-аймахха үтүө үгэстэринэн саҕыллан кэлбит сыаннастар  умнуллуохтара суоҕа диэн эрэнэбит. Ону биһиги дойдубут туруулаһар.

Хаһыаппытыгар үгүс үтүө дьон үлэлээн аастылар, суруналыыстарбыт сырдык ыралаах санаалара суруйууларыгар хааллылар. Дөрүн-дөрүн уруккуну  сөргүтэр дьон кэлэн саһарбыт хаһыаттарбытын бэрийэн суоруллубат суруйуулары  булан астынан баралларын көрөбүт — төрдүнү-ууһу үөрэтии, чинчийии бара турара үөрдэр.

Билигин хаһыаппыт редакциятыгар  аҕыйах киһи үлэлиир. Урукку курдук тылбаасчыт, корректор, машинистка, хастыы да суруналыыс эҥин диэн аны көрүллүбэт. Үлэбит өссө эбиллибиккэ дылы  — социальнай ситимҥэ суруйуулары, видео-түһэриилэри  таһаарыы  олохпут ирдэбилэ буолла. Тэрээһиннэри буола да турдаҕына ситимҥэ ыытабыт. Дьэ манна, хаһыат тахсыытыгар эһиги, ааҕааччыларбыт, күүс-көмө буолаҕыт. Аныгы олоххо информацияны да ыытар судургу буолла — интернет  көмөтө улахан.

Тыла суох -омук суох

Интернет  таһаарыылар  сонуннары тарҕатыыга көмөлөөхтөр эрээри, үгүс дьон кумаахы хаһыаты ордорор. Ордук, киһини толкуйдатар, ырытыылардаах, санаа үллэстиилэрдээх ыстатыйалары. Биһиги күннээҕи түбүктэн ордон ону сэргэ историяҕа сыһыаннаах ааҕыллымтыа, билиини-көрүүнү   хаҥатар  матырыйааллары таһаара сатыыбыт. Хайа, уонна  сахалыы тыллаах хаһыаппыт төрөөбүт төрүт тылбытын үйэтитэр, байытар буоллаҕа. Тыл сүттэ — омук сүтэр диэн бэргэн этии баар. Онтон саха тыла олус баай. Ону сүтэрбэтэрбит ханнык диэн үлэлиибит, уу сахалыы суруйуулартан үөрэбит. Биһиги сурутааччыларбыт онон төрөөбүт тылы көмүскэһээччилэр буолаллар. Махтанабыт!

Үтүөкэннээх суруналыыстар хаһыаппытыгар үлэлээн ааспыттара

Кырдьыгы, үйэлээҕи туруулаһан. Урукку сылларга  хаһыат оруола, аптарытыата  олус улахан этэ. Билигин даҕаны, бу буккуллуу, сымыйаны сатаан тарҕатыы,  дойдубут тула информационнай сэрии бара турар кэмигэр, судаарыстыбаттан үбүлэнэр, сокуоннарга тирэнэр  бэчээт уорганнарыгар, ол иһигэр улуустар хаһыаттарыгар  улахан эппиэтинэс сүктэриллэр. Сымыйаны тарҕатар бырааппыт да суох, суобаспыт да кырдьыкка   модьуйар. Онон хаһыат суолтата өссө улаатан турар. Дьон үйэлэри тухары бэчээт тылыгар эрэлин толоруохтаахпыт.

Араас сылларга хаһыаппытыгар үгүс талааннаах суруналыыстар үлэлээн ааспыттара.  Уон икки аҥар сыл редакторынан фронтовик-суруйааччы Исай Никифоров редакциябытын салайбыта. Кылгастык да буоллар уоттаах сэриигэ  сырдык тыына быстыбыт кини быраата Иннокентий Никифоров, ону сэргэ бу хаһыакка  суруйааччы Тимофей Сметанин сэрииттэн кэлэн баран  үлэлии сылдьыбыттара.  Умнубаппыт  фронтовик-суруналыыстарбытын Николай Ермолаевы, Иван Смольяновы,  Афанасий Осиповы, Владимир Черныҕы, Андрей Долбараевы, Степан Никифоровы, типографиябытын салайбыт сэрииһиттэрбитин  Петр Даниловы,  Павел Скрябины,  Виктор Иванову, тыыл бэтэрээннэрин Афанасий Яковлевы, Николай Попову, Владимир Степановы, Тимофей Тимофеевы о.д.а.,  ону сэргэ сэрии сылларын оҕолорун. Ол курдук, өр сылларга хаһыаппытын таҥа,  бэчээттии сылдьыбыт полиграфистары  Нина Кармадонованы, Мария Никифорованы, Ольга Басованы, билигин баар бэтэрээннэрбитин, общественнай кэрэспэдьиэннэрбитин. Кинилэр эмиэ историяны үйэтиппиттэрэ, оройуоммут летопиһын суруйбуттара….

Хаһыаппыт 85, Улуу кыайыы 80  сылыгар

Барыларын ахтыахпыт. Улуустааҕы типографиябыт урукку сылларга оройуоммут биир үчүгэй үлэлээх-хамнастаах тэрилтэтэ этэ. Уларыта тутуу сылларыгар отучча үлэһиттээҕэ. Олохпут тутула уларыйан, саҥа технологиялар киирэннэр, судаарыстыбаттан  бигэ көмө суох буолан  ыһыллар аакка барбыта олус хомолтолоох этэ. Олус да үлэһит дьон манна үлэлээн-хамсаан ааспыттара. Билигин  сүүрбэччэ сыллааҕыта эдэрчи  полиграфистарбыт сааһыран биһиги редакциябыт бэтэрээннэрэ буолан сылдьаллар. Атын эстибит тэрилтэлэргэ холоотоххо, өссө кэлэктииптээхпит диэн астыналлар. Онтон биһиги урут биир түбүккэ сырыттахпыт, полиграфистар сүрүн бородууксуйалара хаһыаты оҥорон таһаарыы этэ буоллаҕа. Төһөлөөх сибиньиэс булкаастаах алюминийы  уулларан үлэлээн кэлбиттэрэ буолуой оччолорго… Үгүстэр буортулаах производствоттан доруобуйалара кытары  айгыраан кэрэгэй үйэлэннэхтэрэ.  Билигин хаһыаппыт Дьокуускайга бэчээттэнэр, почта массыынатынан атын бэчээт бородууксуйатын кытары тиэллэн тарҕатыллар.

Хаһыаттарбыт  85 сылын көрсө араас хабааннаах тэрээһиннэри үлэни тупсарыыга сыаллаан-соруктаан ыытарга бэлэмнэнэбит. Онтон биирдэстэрэ ааҕааччыларбытын кытары ситиммит быстыбатыгар туһуланар.

Улуус хаһыатын  суруналыыстара  олохтоохторго атын бэчээт уорганнарынааҕар чугастар. Ону ким даҕаны мэлдьэспэт. Тоҕо диэтэххэ, биһиги эһигини кытары  биир салгынынан тыынабыт, биир тырааныспарынан айанныыбыт, биир оһоххо буспут килиэби сиибит, ыччаттарбытын иитэбит, күннээҕи кыһалҕаларбытын кимнээҕэр  даҕаны билэбит, чугаспыт диэ этибит. Урукку кэллиэгэлэрбит хаалларбыт үтүө үгэстэрин  сүтэрбэккэ гына сатыыбыт, улууспут сонунун киин социальнай ситимнэргэ тиийэ  аан дойду дьонугар сырдатабыт, үөрүүбүт-хомолтобут биир.

Үбүлүөйдээх сылга  суруйааччы, суруналыыс Исай Никифоров төрөөбүтэ 110 сылын Улуу Кыайыы 80 сылын кытары бэлиэтиэхпит. Бу бэлиэ даатаны көрсө туспа былаанынан тэрээһиннэр буолуохтара, ыччаты патриотическай  уонна чөл олоххо иитиигэ  суруйууларга  үйэ чиэппэрэ кэриҥэ ыытыллан кэлбит  айар куонкуруспутун түмүктүөхпүт. Маны сэргэ эдэр кэрэспэдьиэннэргэ суруналыыс Афанасий Яковлев, общественнай-политическай тиэмэлэргэ суруйууларга редакторбыт Михаил Дьячковскай аатынан улууспут дьаһалтатын айар күрэҕин  түмүгэ тахсыаҕа. Ону кытары тыын боппуруоспутугар — тыа хаһаайыстыбатын кыһалҕаларыгар суруйар дьоҥҥо учуонай- агроном, тыыл бэтэрээнэ Тимофей Тимофеев  аатынан куонкуруспут лауретын аата биллиэҕэ. Өссө да бириэмэ баар, кыттан иһиҥ диэ этибит.

Үбүлүөйдээх сылга бииргэ буолуоҕуҥ, Хаҥаласпыт хаһыаттарыгар эрэнэрбитин биллэриэҕин. Ол инниттэн, бастатан туран, хаһыаттарбытыгар сурутуоҕуҥ, үбүлүөйдэри  көрсө сир-сир аайы «Бэтэрээҥҥэ суруттар» акциябытыгар кыттан Сахабыт сиригэр хаҥаластар инники буоларбытын көрдөрүөҕүҥ! Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбыт дьиэ кэргэттэрин уонна инники кэскилбитин түстүүр элбэх оҕолордоох ыалларбытын, ону сэргэ сааһыран дойдуларыттан тэйэн Дьокуускайга, атын улуустарга олохсуйан олорор   чугас дьоммутун умнумуоҕуҥ. Киин куораппытыгар сылдьар бэтэрээннэрбитигэр   үйэлэрин тухары ааҕан кэлбит хаһыаттарын Саҥа дьылы көрсө  Хаҥаластан  сурутан ыытан дьоһун бэлэх оҥоруоҕуҥ! Онтон биһиги,  суруналыыстар, сонуммут тутайыа суоҕа  диэн эрэннэрэбит.

Людмила Аммосова.