Кырыымпа кылыһахтаах дьүрүскэнэ

Вероника Алексеева дириэктэрдээх Покровскайдааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар, Хаҥалас улууһугар төрүт култуураны сайыннарар сыаллаах, саха скрипкатынан ааттанар кырыымпаҕа оонньуур бөлөх баар буолла.

Кылыһахтаах дорҕоонноох, хомуһуннаах тойуктаах саха төрүт үнүстүрүмүөнэ кырыымпа — тулалыыр эйгэҕэ, киһиэхэ даҕаны, үчүгэйинэн эрэ дьайар, былыргыттан быйылга диэри төрүт дорҕоон тойугун туойар.

Бүгүҥҥү бэлэмнэниигэ Покровскай куорат 1-кы №-дээх оскуолатын 8 «а» кылааһын үөрэнээччитэ Саян Бардеев баар, кини сонун үнүстүрүмүөҥҥэ тута оонньуу үөрэннэ.
Саха бастыҥ үнүстүрүмүөнэ кырыымпабыт сайдарын туһугар С.А. Зверев аатынан национальнай үҥкүү тыйаатырын оркестрын артыыһа Дьулустаан Никифоров курдук уһуйааччы Дьокуускайтан кэлэн үлэлэһэрэ хайҕаллаах. Бу курдук маастар-кылаастары утумнаахтык ыыттахтарына, кырыымпаҕа оонньуур киһи элбиэ этэ. Сир-сир ахсын кырыымпа куруһуоктарын уонна бөлөхтөрүн тэрийэн көрүүлэри ыытыахха сөп. Оччоҕо кырыымпабыт, хомус курдук, аатырыа, тарҕаныа, сайдыа.

Уйбаан Уйгуурап.