Улууска кыстыкка киирии түбүктээх үлэтэ саҕаланна. Бары хаһаайыстыбалар ынах сүөһүлэрин сайылыктартан, мэччирэҥтэн көһөрөн хотоннорун буллардылар. Кыстыгы көрсө хаһаайыстыбалар хайдах-туох бэлэмнээхтэрин туһунан тыа хаһаайыстыбатын испэсэлиистэрэ кыттыылаах мунньаҕы Департамент салайааччыта Андрей Архипов ыытта.
Кини иһитиннэрбитинэн, улууспут быйыл сайын окко былаана 31 000 туонна этэ, ону 16 966 га ходуһа оттонуллан уопсайа 35 019,54 тн от бэлэмнэниллибит, былаан 113% туолбут.
— Оттооһуҥҥа быйылгы көрдөрүүбүт үчүгэй. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалары ылан көрөр буоллахха, 7778,24 тн оттоннулар, бааһынай хаһаайыстыбалар — 14 646 тн уонна 12 295,2 тн оту кэтэх хаһаайыстыбалар бэлэмнээтилэр. Ону сэргэ, уопсайа 5428,5 тн сиилэс (былаан 3000 тн), 4671,5 тн сенаж (былаан 2500 тн) баар буолла. Маны таһынан, ынах сүөһүбүт этэҥҥэ кыстаан тахсарыгар эбии «Барго», «Тимин» ХЭТ-тэн комбикорм, сылгы сүөһүгэ диэн олохтоох оҥорон таһаарааччыттан Е.С. Денисоваттан 112,4 тн эбиэс ылыахтаахпыт, — диэтэ Андрей Леонидович.
Бэлиэтээн эттэххэ, билигин улуус бары хаһаайыстыбаларыгар 12753 төбө ынах сүөһү, онтон 4 637 ыанар ынах баар. Былырыын көрдөрүү 12744 төбө этэ. Ааспыт сылга 3506 ньирэй төрөөбүт буоллаҕына, быйыл 3463 төбө төрөөбүт. Сылгы ахсаана 20598 буолбут, онтон биэ — 9833 төбө (былырыын сылгы уопсай ахсаана 18 894 этэ). 6281 төбө убаһа төрөөбүт, былырыыҥҥыттан көрдөрүү 10% улааппыт.
Ольга Гермогенова.
Хаартыска интернет ситимиттэн.