Олоҥхо декадатын Кыһыл Үрүйэ сүрүн оскуолатыгар «Сардаҥа» кулууп үлэһитэ Артамонова Людмила Дмитриевна оҕолорго уонна учууталларга аһаҕас халлаан анныгар олоҥхону 1936 сыллаахтан саҕалаан туруорбуттарын туһунан кэпсээбитин үллэһиннэ уонна хаартыска ыытта.
Кэлин, 1965 сыллаахха, олохтоох Антипин Петр Иванович кулуупка үлэлии сылдьан Кыайыы 20 сылыгар эмиэ «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхону туруорбутун оҕолор сэргии иһиттилэр. Онно олохтоох дьон Үрүн Уолан оруолун Устинов Иннокентий Герасимович, Ньургун Боотуру — Протодьяконов Василий Иванович, Туйаарыма Куону Шадрина Евдокия толорбуттарын олохтоох ытык саастаах киһибит Анатолий Егорович Тихонов кэпсээн турардаах.
Тэрээһиммит иккис чааһыгар Хачыкаат орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Сулейманов Дима «Модун Эр Соҕотох» олоҥхону толорорун оҕолор сөҕө-махтайа иһиттилэр, диэн кэпсээтэ кини. Дима олоҥхолоон араас күрэхтэргэ кыттар уолчаан. Икки сыллааҕыта Покровскайга «Арчы» дьиэтигэр кэлэн олоҥхолообутун мин эмиэ хайгыы көрбүтүм. Онон кини курдук дьарыктаннахтарына, Кыһыл Үрүйэ да оҕолоро олоҥхолуохтарын сөп буоллаҕа, өбүгэлэрин үтүө үгэстэрин салҕаан.
Людмила Аммосова.