Людмила Коженкина айылҕа оҕолорун эмчитэ

Кэпсиэхпин баҕарабын

Хаҥаласка бэтэринээр сулууспата төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтээтэ. «Орто дойду» туристкай-этнографическай комплекс киэҥ туонатыгар бу эйгэҕэ үлэлээн кэлбит, билигин  түбүгүрэ сылдьар дьон мунньустан дьоро тэрээһини ыыттылар, бэтэрээннэрин эҕэрдэлээн аастылар. Ол иһигэр бүгүн билиһиннэрэр дьоруойбун, кэлин сүүрбэ сылын «Орто дойду» зоопаркатыгар үлэлээн кыылы, көтөрү кытары түбүгүрбүт Людмила Коженкинаны.

Биһиги, суруналыыстар, сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга сырыттахпытына, бу эйгэ үлэһиттэрин кытары хайаан да кэпсэтэн, билсэн ааһааччыбыт. Кинилэртэн тутуллар буоллаҕа көрөр-харайар ынахтарын-ньирэйдэрин, сылгыларын, көтөрдөрүн туруга. Олус да уустук үлэлээхтэр, омос көрдөххө, бааллара-суохтара биллибэтэллэр даҕаны. Сырыы бөҕөтүн сылдьыбыт дьон дьэ кинилэр буолаллар. Сэбиэскэй кэмҥэ хаһаайыстыбаларбыт тыһыынчанан сүөһүлээхтэрэ, сылгылаахтара, кырсаны, саҺылы, сибиинньэни, оннооҕор перепелканы да иитэ сылдьыбыттара. Мин биирдэ Нөмүгүттэн бэтэринээр Надежда Татаринованы кытары эчи Горнай улууһугар тиийэ сыспыттаахпын, Күүлэт диэн сылгыһыттар баазаларырыгар тахсыһаары. Билиҥҥэ диэри умнубаппыт, күөл-маар сирдэрдээх Маалтааны эҥэринэн балай да эрэйдээх айаны, оннооҕор кураан сатыылаан турдаҕына. Онтон маннааҕар бырыы да бадарааннаах  сирдэри ардыгар атынан, ардыгар массыынанан-тыраахтарынан айаннаан бэтэринээрдэрбит учаастактарга тиийэн сүһүөнү-сылгыны көрөн, анаалыска хаан ыылан, быһыы оҥорон баччаҕа кэллэхтэрэ дии — ардах буоллун, тоҥоруу буоллун, толоруллар дьаһаныы барыта кытаанах болдьохтоох этэ. Билигин даҕаны  оннук, көрүллэр төбө ахсаана аҕыйаатар даҕаны.

Эргис даачатыгар

Людмила Коженкинаны  көрсөөрү мин соторутааҕыта  Покровскай «Эргис» даачатыгар тиийэ сырыттым, билигин куоракка да кыстаатар, «Хаҥалас» хаһыатын редакцияттан кэлэн ыларга суруттарбытын өр ылбакка сылдьыбытынан сирэйдэнэн. Киһим үүнүүтүн хомуйан чөкөтө сылдьара — бүтэһик оҕурсутун, помидорун тэлгэтэн олороро.


Урут бу Эргискэ элбэх да ыал сайылыыра, билиҥҥигэ холоотоххо… Ол да буоллар биһиги сыллата даачабытыгар тахсабыт, оҕуруот үүннэрэбит, кыһыҥҥы аспытын хаһаанабыт, отоннуубут-тэллэйдиибит, оҕолорбутун түмэн сынньанабыт. Олус бэрт! Мин кэлин сылларга Дьокуускайга көһөн олоробун, ол эрээри Эргиспэр сайылыы тахса турабын. Манна ыалларбынаан биир дьиэ кэргэн курдукпут, күннэтэ сылдьыһа, алтыһа турабыт.

Кыылга-сүөлгэ оҕо эрдэхтэн чугас буолан

Дьикти идэҕин хайдах талбыккыный? Хайдах үлэҕин саҕалаабыккыный?,- диэн сыыйа  сорукпар киирэбин…

— Мин идэбин таларбар туох да халбаҥнааһын суох этэ. Оҕо эрдэхпинэ эһээлээх эбээбэр иитиллибит буолан кыылга-сүөлгэ чугас эбиппин. Сайын Ньаргыйа сайылыкка тахсан сайылыыр этилэр. Эһэм онно бостууктуур, эбэм чэй өрөр. Ыанньык сүөһүнү кытта ньирэйдэр. Ол саҕана ньирэйдэр хааннаах сыптарыҥҥа сутуллан өлүү тахсара. Онно Тумултан санитар Маайаны кытта Сиэнньэ диэн уол тахсан быыкаайык ыйааһыҥҥа  бороһуок кутан ылан ол ыарыһахтарга иһэрдэллэр этэ. Үтүөрэн хаалаллара. Онно весыларыгар ымсыырбытым уонна оһуобай сыттаах күөх кириэстээх суумкаларыгар. Оскуоланы бүтэрэрбэр ийэм бырадабыас буолан Ульяновскай куоракка товаровед үөрэҕэр барарбар направление ылбытын аккаастаан кэбиспитим уонна бэйэм бэтэринээрдэргэ көрдөһөн көмөлөһөн санитар үлэтигэр киирбитим. Бастакы сылбар Омскай куорат ветеринарнай институтугар туттарсан көрбүтүм даҕаны, химияҕа проваллаан киирбэтэҕим. Сыл өрөөн олорон ветсанитарынан хамнастаах үлэһит буолан кыстыырбар Дьуранан, Үөдэйинэн сылдьан үлэлээбитим. Саҥа үлэһиттэри урут бэтэринээрдэргэ олохтууллара. Мин Дьураҕа Дарья Добрянцеваҕа дьиэлэнэ сылдьыбытым. Оо, олус да үчүгэй ыал этэ, Ас-үөл туох баарынан, субуота аайы баанньык, хаһаайкам кыралаан бырааска өрөр этэ… кэпсээн-ипсээн, үтүө дууһа  киһи. Дьаамнар үлэни, сынньалаҥы да кыайар дьон. Кэлин уопсай дьиэҕэ миигин көһөрбүттэрэ. Оччолорго  общественнай олох оргуйан олороро, эдэрбит да этэ буоллаҕа. Кытыл Дьурабын истиҥник саныыбын. Онтон дойдубар үлэ миэстэтэ тахсан көспүтүм. 1974 сыллаахха дьэ СГУ-га тыа хаһаайыстыбатын факультетын  ветеринарнай салаатыгар туттарсан киирэн ветврач идэтин ыллаҕым дии. Үһүс кууруска үөрэнэ сылдьан зооинженер идэтигэр үөрэнэр Коженкин Александрга, куорат уолугар, кэргэн тахсыбытым. Үөрэхпин бүтэрэн 1979 сыллаахха икки сыл устата кэргэним куоракка Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сүөһү иитиитигэр салааҕа, онтон мин бэтэринээринэй салааҕа үлэлээбиппит. Оччолорго миниистиринэн Михаил Ефимович Николаев этэ. 1981 сыллаахха хоту Анаабыр оройуонугар Александрбын сопхуос дириэктэринэн, миигин ветстанция начаалынньыгынан анааннар хоту көспүппүт. Ирдэбил, партийнай дьиссипилиинэ кытаанах этэ.

Александр аармыйаҕа сулууспалыы компартияҕа киирбит этэ. Мин эмиэ хоту үлэлии сылдьан коммунист буолбутум. Общественнай үлэнэн хайаан да дьарыктанар этибит, бэркэ үлэлээбиппит, олорбуппут, онтон 1987 сыллаахха төрөөбүт дойдубар көрдөһөн көһөн кэлбиппит, оҕолор улаатан оскуолаҕа барар кэмнэрэ этэ. Онтон ыла Покровскай ветлечебницатыгар 14 сыл сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. Онтон эмиэ аҕабыт куоракка үлэҕэ киирбитинэн онно көһөн киирбиппит. Кыра уолбут Покровскайга төрөөбүтэ, билигин туризмҥа үөрэҕи бүтэрэн Дьокуускайга үлэлиир. Улахан уол идэтинэн суоппар, ыал аҕата, билигин Украинаҕа Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар. Орто уол финансист, Дьокуускайга олорор үпкэ министиэристибэҕэ үлэлиир. Икки сиэннээхпит.

Хотугу сир зоопаркатыгар

Онтон хайдах зоопааркаҕа кэлэн хааллыҥ? Куораттан сылдьан үлэлээтэҕин, ыарырҕаппатыҥ  бэрт эбит дии… — ыйытабын.

— Үөрэннэххэ сылдьаҕын. Уонна үлэлиир кэлэктиибим үчүгэй буоллаҕа, кыылларым-көтөрдөрүм күүтэллэр… Урут этэ, түбүктээх олох, сайылыктарга, алаастарга айанныыр эрэйэ. Зоопаркаҕа мин арыллыаҕыттан кэриэтэ үлэлээн кэлбитим, быйыл тохтоотум. Сүөһүнү-сылгыны көрөртөн  манна атын эйгэ. Айылҕаҕа сүтэн эрэр кыыл, көтөр баар. Эппиэтинэс онон өссө улахан. Биһиги тыйыс кыһыммытын туоратар да кыһалҕа буолар. Астар-үөллэрэ ураты.

Куоракка 2001 сыллаахха көһөн киирэн баран син элбэх тэрилтэҕэ үлэ көрдөөбүтүм даҕаны идэбинэн булбатаҕым. Онтон, хата, Айылҕа харыстабылын миннистиэристибэтигэр биир билэр киһим зоопаркаҕа үлэһит наада,  билис диэбитигэр тиийбитим, сарсыҥҥыттан үлэҕэ таҕыс диэн бирикээс туттаран кэбиспиттэрэ. Онтонылата 2023 сылга дылы ханна да халбарыйбакка үлэлээн пенсияҕа тахсыбытым.

— Оччолорго онно үлэ хайдах этэй?

Маҥнайгы сылларга билбэппит элбэх этэ. Дириэктэрбит СГУ биологическай факультетын бүтэрбит эдэр уол этэ. Үлэһиттэр Өктөм, Төхтүр, Уулаах Аан сэлиэнньэлэриттэн эстибит совхоз үлэһиттэрэ, оскуоланы бүтэрбит ыччаттар этилэр. Кэлин Нөмүгүттэн кэлэр буолбуттара.

Зоопаарка Михаил Николаев көҕүлээһининэн уонна ыйааҕынан, Саха сирин Наукаларын Академиятын, Биологическай ресурсаларга Департамент үлэһиттэрэ, академик Никита Соломонов, учуонайдар, быһаччы көмөлөрүнэн, сыраларынан тутуллан биһиги оройуоммутугар үлэлии турар. Бастаан  12 көрүҥ кыыл уонна көтөр баара. Манна олохсуйар кыыллары көрөн-харайан дьоҥҥо көрдөрүү, үүнэр көлүөнэни айылҕаҕа чугаһатыы, култуураҕа үөрэтии диэн этэ сорукпут.

Маҥнайгы вольердар Новосибирскай куорат зоопаркатын уопутунан тутуллубут этилэр. Онно мин үлэлии кэлэрбэр Верхоянскайтан хагдаҥ эһэлэр, икки бөрө, Анаабыртан маҥан кырса, Алдантан таба, тайах, Канадаттан овцебык оҕолоро бааллара.

Айылҕа оҕолорун иитэр, көрөр уратылаах

Элбэх кыыл, инники, хомойуох иһин, сыыһа аһатартан да, тутартан да өлөр эбиттэрэ.— салгыы кэпсиир Людмила Ивановна.- Бу тыа кыыллара сибиэһэй эти, ону ааһан сибиэһэй хааны иһиэхтээхтэрин дириэктэрбит Лука Николаевич Сафонов миниистиргэ, онтон миниистир бырабыыталыстыбаҕа тиийэ ылыннарыылаахтык туруорсан, үөһэттэн үгүөрү харчы көрүллэрин ситиспиппит. «Живой корм» диэн баар буолбута, аны кинилэри иитэр салаа арыллыбыта.

Аҕыйах кыыл эрдэҕинэ ким баарынан уопсай үлэлиирбит. Холобур, вольер иһин хомуйууга, аһатыыга. Онтон кыыл-сүөл  элбээн сектордар тэриллэн, үллэстэн үлэ  буолбута. Ол үлэһиккэ эппиэтинэһи үрдэппитэ, ирдииргэ да табынастаах буолбута.

Михаил Ефимович хайаан даҕаны  зоопааркаҕа кэлэн барааччы этэ. Биһигини кытары олус истиҥник кэпсэтэрэ. Арыт сарсыарда ким да суоҕар кэлэн барбытын харабылтан истэр буоларбыт...

—  Дьиикэй кыыллары кытары үлэлиир кутталлаах буолуо дии.. Уонна ити иитиэйэхтэргитин киһи көрөн аһынар курдук, айылҕа оҕолоро хааллан олорууларыттан.

— Ити «олорор» тыҥырахтаах көтөрдөр, кыыллар үгүстэрэ син-биир эрдэттэн эчэйиилээх эҥин буолан биһиэхэ тигистэхтэрэ. Холобур, беркут (хотой), боруллуо-ала тойон, тыҥырахтаах көтөрдөр эҥин. Манна өссө   үйэлэрэ уһуур. Онтон кыыллары кытта үлэлиир киһи, биллэн  турар, куттанымыан наада. Ол да буоллар, сэрэхтээх буолар хайаан да ирдэнэр.

Тэрпэй, Аннушка, Колымана…

Маҥнайгы үрүҥ эһэ оҕото Тэрпэй Анаабыртан «Тэрпэй Тумус» ресурснай резерваттан кэлбитэ. Ыстаада үлэһиттэрэ тутан көрбүт буолан, Колыманаттан сымнаҕас майгылааҕа, ардыгар имэриттэрэрэ даҕаны…  Кыайан иитэр-тутар усулуобуйабыт суох буолан  Пермь куорат зоопаркатыгар ыыппыппыт, сөмөлүөтүнэн, массыынанан  айаннаан. Мин 2003 сыллаахха Биоресурсаларга Департамент  үлэһитин наука кандидата Федор Яковлевы  кытары барсан туттарбыппыт.

Тигр оҕото Аннушка Красноярскай кыраай Роев Ручей зоопаркатыттан 2010 сыллаахха передержкаҕа кэлэн «олорор». Хас биирдии кыылбыт, көтөрбүт манна кэлиитэ остуоруйалааҕын кэриэтэ. Оттон үлэһиттэрбит эмиэ уратылар, кыылга-сүөлгэ сыһыаннарынан. Холобур, 2001 сыллаахха зоотехник Курчатов Валерий Николаевич диэнкиһи үлэлии сылдьыбыта. Идэтинэн зоотехник, айылҕаттан булчут буолан кыылларга-көтөрдөргө сыстаҕас, элэккэй-эйэҕэс киһи этэ. Пенсияҕа сааһыгар биһигиттэн барбыта,сайыһа хаалбыппыт...

Ордук тугу итиннэ тус бэйэҥ интэриэһиргиигин?

— Ордорор секторым террариум. Бу салааны Спиридон Протопопов, ол саҕана биофак устудьуона, биологическай наукаларга дуоктар Аркадий Петрович Исаев көмөтүнэн атахха туруорбута (Учуонайдар манна бэйэлэрин хайысхаларынан эмиэ үлэлииллэр).

«Үлэһиттэрбит кыылы иитиигэ Сокуонунан көрүллэр олус элбэх ирдэбиллэр баалларын тутуһаллар, аска-үөлгэ,  сыстыганнаах ыарыылар тарҕамматтарын туһуттан о.д.а.улаханнык хонтуруоллууллар», диэн суруйбута Людмила Ивановна туһунан ыстатыйаҕа үбүлүөйдээх кинигэҕэ Наталья Сафонова. «Дьиикэй кыылы, көтөрү, араас харамайдары кытары үлэҕэ үөрэхтэр, куурустар даҕаны бэтэринээрдэргэ аанньа суохтар. Онон  уустук түгэннэргэ маннык дьоммут уопуттара, үөрүйэхтэрэ  абырыыр,  саҥа үлэлээн эрэр дьоҥҥо көмөлөһөр. Зоопаарка бэтэринээриттэн тыынар тыыннаах ууһуурун, ону сэргэ — биология, анатомия, физиология, зоология, этология курдук наукалартан билиилээх буолуу ирдэнэр. Биһиги Людмила Ивановнабыт  киэҥ билиилээх киһи. Тэриллии бастакы сылларыгар гаас киирэ илик буолан, онно эбии сотору-сотору уоту ылыы барарынан  кыыллар, харамайдар да  ыарытыйыылара баара… Звездчатай чараппаахы, холобур, сыыҥ-сыраан аллыбытыгар, эриэн үөммүтүгэр иһигэр искэҥ үөскээбитигэр, онтон биир харамай хараҕын улаханнык эчэппитигэр ыксаллаах быһыы-майгы түгэннэрэ даҕаны тахса сылдьыбыттаахтара. Людмила Ивановна  бука бастакы бэтэринээринэй быраас буолуо, хотугу сиргэ маннык «ыарыһахтары» эмтээн үтүөрдүбүт» диэн бэлиэтээбитин аахпытым.

Үлэ барыта ирдэбиллээх, идэни таба тайаныы эмиэ туспа. Бэтэринээр идэтин талбыппын отой кэмсиммэппин. Олус үчүгэй кэлэктииптэргэ үлэлии сырыттаҕым дии. Покровскайдээҕи бэтэринээринэй управлениеҕабэтэринээринэй быраастар Мария Тихоновна Егорова, Виктор Павлович Григорьев, Надежда Ивановна Находкина, үйэтин тухары  сүөһү хаанын көрөн, чинчийэн элбэх сыстыганнаах ыарыыны туоратыспыт  серолог  Анисия Павловна Никитина,  Виктор Васильевич Михайлов, кэргэнэ Нөмүгүттэн лаборатория үлэһитэ токсиколог Роза Гаврильевна, үчүгэй үлэһит оҕолоро Андрей, Светлана.. онтон да атыттар. Олус да иллээх, бириэмэни аахсыбакка үлэлиир бэриниилээх үлэһиттэри кытары алтыспыт дьоллоохпун буоллаҕа, «Орто Дойдуга» эмиэ, — диир мин дьоруойум, дойдубут саамай хотугу зоопаркатын бэтэрээнэ, айылҕа оҕолорун эмчитэ Саха өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылын туйгуна Людмила Коженкина.

Үлэлэригэр бэриниилээх дьону көрөр өрүү астык. Маннык дьон батыһааччылардаах буолар. Ону быйыл элбэх оҕо тыа хаһаайыстыбатын идэлэрин талан үөрэххэ киирбитэ да бигэргэтэр. Этэҥҥэ буол, Людмила Ивановна!

Людмила Аммосова.