«Манчаары оонньууларын» көрсө

«Манчаары оонньуулара» биһиги улууска ыытыллыахтаахтарын ордук спорт энтузиастара өйүүллэр. Олортон биирдэстэриттэн дэгиттэр спортсмен, милиция бэтэрээнэ Георгий Самсоновтан санаатын үллэстэригэр көрдөстүм:

«Манчаары оонньуулара» Хаҥаласка ыытыллар буолбуттарын үөрэ иһиттим. Мин Покровскайга универсальнай стадион тутуллуон баҕарабын – хайыһар базалаах, сүүрэр анал суоллаах, бассейнаах. Дьон-сэргэ доруобуйатын тупсарар киинэ баар буоларыгар санаам сытар, — диэтэ кини.

Оннук баараҕай тутуу ханна олохсуйуон сөбүй? Геннадий Гребнев аатынан стадиоммут стандартка хоруйдаабат дииллэр дии?

— Оо, мин сири да таба көрөн сылдьабын. Энергетиктар базаларын кэннигэр балай эмэ миэстэ баар…

Эчи ырааҕын…

— Ити аны тэйиччи буолбатах. Биһиэхэ хайыһар базата эмиэ наада. Куораппыт дьаһалтатыгар этии киллэрбитим. – Автозаправка диэки институт бааһынатын кэтэҕэр сири аныахха диэн. Ону баара дьиэ туттарга сир бөҕөтүн биэрбиттэр… Үчүгэй комплекс тутулуннаҕына дьон ырааҕыттан иҥниэ суоҕа, сылдьыаҕа. Аны автобустар да бааллар. Оонньуулар Хаҥаласка буолаллара, онно хоруйдаһар тутуу барара спорт, физическэй култуура сайдыытыгар олук ууруо этэ. Онтон тэрийиитин хаҥаластар кыайыахтара. Кэлин улахан күрэхтэһиилэр манна эмиэ ыытыллар кыахтаныахтара, саҥа ааттар тахсыа этилэр.

Санааҕын үллэстибиккэр махтал!

Людмила Аммосова.