Олунньуга миэхэ соһуччу бу кыыс эрийэ сылдьыбыта уонна «Мин саха тылын, үгэстэрин ылыммыт дьаам дьонун олус интэриэһиргээтим. Сураҕа, эһиги оройуоҥҥутугар оннук дьон элбэхтэр үһү. Видеоҕа түһэрэн киинэ устуо этим, көмөлөс эрэ. Хайдах онно тиийэбин, кими булабын, сирдээ» диэн көрдөспүтүгэр билэр дьоммун, биир дойдулаахтарбын ыйан биэртим. Бадаҕа, Дьокуускай куораттан Анатолий Добрянцевпыт тэрийбит «Потомки государевых ямщиков» общественнай тэрилтэни билигин салайа сылдьар Сиинэттэн төрүттээх Ирина Стрекаловская Москва суруналыыһын мин диэки туһаайбыт этэ. Биллэн турар, билэр дьонум төлөпүөннэрин эҥин, ыйытыыта да суох билэрбинэн, ыйан ыыттаҕым дии. Ол туһунан отой умна быһыытыйан сырыттахпына Юлиям таһаарбыт киинэтиттэн ыытта, махтанна аҕай. Түүннэри да буоллар, тулуйбакка көрдүм уонна дойдубун, дьоммун-сэргэбин, ырыаларын, үҥкүүлэрин көрөн астынным.
Бу Юлия Корнева документалист-суруналыыс. Кини бэйэтэ эппитинэн, Россиятааҕы межэтническай суруналыыстыка гильдиятын чилиэнэ эбит. Былырыын Сахалиҥҥа тиийэ сылдьан киинэ устан кэлбит, биирдэ Саха сиригэр эмиэ сылдьыбыт, Казачьеҕа уонна Депутатскайга мамонт түмэлин эҥин түһэрбит, хотугу дойдубутугар интэриэһи тарпыт. «Мин бэйэм дэриэбинэ ыччатабын. Таймыр соҕуруу өттүгэр оҕо сааһым ааспыта, онтон Томскайга өр олорбутум, Сибиир диэн тугун билэбин» диэбитэ. Уонна бу эһиги диэки саха тылын туттар нууччалар — дьаамсыктар, бааһынайдар диэн дьикти култууралаах дьон бааллар эбит, ону билсиэхпин баҕарабын диэбитэ.
Юлия, кырдьык, сырыыны кыайар ыччат эбит, боп-боростуой. Соторутааҕыта атаҕын эчэтэн сыппыт диэтэххэ, бэрт сымса, түргэн-тарҕан туттунуулаах, көрдөөх кэпсээннээх кыыс эбит, түһэрбит киинэтигэр элэҥнээн ааһарын көрдөххө.
Суол алдьаныан иннинэ, бэрт сылаас күннэргэ Хаҥаласпыт дьаамсыктарын сыдьааннарын киинэҕэ устан сөҕөн-махтайан барбыт. Хата, биһиги дьоммут, төһө да сааскы түбүктэртэн солото суох буоллаллар, киһилии көрсүбүттэриттэн астынным. Махталбын тириэрдэбин!
Дойдубун икки сыл өҥөйбөтөх киһи көрөн үөрдүм. Саҥа хаар түһэн ааспытынан сып-сырдык, ып-ыраас, күн бөҕө сайдааран Юлия бэркэ табыллыбыт. Суруналыыс киһи элбэҕи түһэрэн хааллаҕа, ити ыыппыт видеотыгар сорҕото эрэ киирдэҕэ. Биир биэриинэн муҥурдаммата чахчы. Москва киһитин айылҕабыт, Өлүөнэ өрүспүт, Лабыдьабын хайалара абылаттаҕа.Мин өссө махтанан Прокопий Ноговицын муус устар 20-гэр Нөмүгүгэ түһэрбит дьүкээбилин хаартыскаларын ыытан отой кутун уйгууртум. Арыый эрдэ бараммын көрбөккө хааллым эбитдиэн хомойорун эттэ. Ол дьүкээбил бу кэмҥэ дьэргэлгэнин оонньоторо биһиэхэ да сэдэх, соһуччу, хатыламмат хартыына буоллаҕа. Киинэттэн көрдөххө, Сиинэм дьоно бу маладьыастарын, улахан бэлэмэ да суох буоллаллар ыллаан-туойан, үҥкүүлээн бэркэ көрсүбүттэр. Махтал буоллун Лидия Яйлиянҥа, Октябрина Ефремоваҕа, Раиса Голоковаҕа, Юлия Якушеваҕа о.д.а. Коля Нечаев олох маладьыас — мин мэлдьи кэрэхсии көрөбүн, бу уолчааны. Дьаамсыктар бырааһынньыктарын өрүү киэргэтэ, ыллаан, пляскалаан, үөрэн-көтөн былааһы ылар оҕо. Уопуттаах суруналыыс өссө уолчааммыт мас мастыы сылдьарын миэстэтигэр устан ылбыта бу үчүгэйин уонна… сэргэхтик кэпсиир-ипсиир тылын-өһүн. Ой Мураантан силистээх бэтэрээн эбээ Татьяна Митрофановна Филиппова — туох баарынан сахалыы саҥарарын көрдөрдө (нууччалыы ыарырҕатар да эбит. Буолумуна, үс үйэ тухары эн-мин дэһэн сахалары кытары олорбут дьон сыдьааннара). Онтон Үөдэй түс-бас олохтоохторо Галина Макарова уонна Александр Филиппов — «хаама сылдьар энциклопедиялар» буоллахтара.. Галина Степановна дойдутун историятыгар билбэтэ суоҕун кэриэтэ, өрүү архыыбы хасыһар киһи. Онтон Александр ыалдьыттары Ой Мурааҥҥа илдьэ сырытта, туппут чочуобунатын көрдөрдө. Нуучча дьонун көрсөөт үөдэйдэрбит нууччалыы кэпсэтээри гыналларын Филипповпыт сахалыы саҥарыҥ, ону истэ кэлбиттэрэ диэн сэрэтэн этэр аакка сырытта. Үөдэй оҕолоро бары сахалыы тылланаллар буоллаҕа, уһуйааннара, оскуолалара сахалыы үөрэтэр…
Дьураларым ыраахтан ыалдьыттары бэркэ көрүстүлэр, кулуупка таҥнан-симэнэн ыллаан-үҥкүүлээн, Ньүгэрчээйи үрэҕэр барыах иннинэ аара Добрянцевпыт ини-биилэрин көрүһүннэрэн. Үрэххэ тиийэн Анатолий Анатольевичтаах олохторугар кутаа оттон Сергей Петров сахалыы алҕаан уотун аһатта, үтүө айаны түстээтэ. Биллэн турар, эдэркээн уоллуун хормуоскаларыгар оонньоон сахалыы бэйэтэ тылбаастаан суруйбут ырыатын ыллаата. Хата Добрянцевтар үргүөрдэрин — ас хаһаанар булуустарын ыалдьыттарга арыйан көрдөрдүлэр. Ити, кырдьык, айылҕа дьикти сирэ — таас дьапталҕа быыһыттан тымныы салгын үрэр. Мууһабакка даҕаны уурбут этиҥ, балыгыҥ чиккэччи тоҥор. Олохтоохтор маннык булуустарга эттэрин, отоннорун хаһааналлар. Урут биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр манна холхуос атыыга этин кыһыҥҥы суол туруор диэри хаһааныллара. Бу Добрянцевтар түөлбэлэрэ, эмчит, көрбүөччү, булчут мааныта Адаам оҕонньор — Сэмэн Емельянов олорбут сирэ. Сиэнэ, Анатолий Добрянцев олохтон эрдэ барарын билэр курдук, анал операторы тиэйэн таһааран Дьаам сайылыгын киинэҕэ уһултарбытын, манна олорбут дьон урукку олохторуттан кэпсээн хаалларбыта баара…
Оҕо сааһым ааспыт дойдутун көрөн долгуйдум, астынным, сылдьыбыт саҕа сананным. Документалист Юлия Корнева түһэриилэрэ, саарбахтаабаппын, Сахабыт сиригэр туризм да сайдыытыгар угуйар сырдык буолуоҕа турдаҕа. Дойдубутугар иһийэн сытар, икки атахтаах дэҥҥэ тохтоон ааһар сирдэрэ элбэх. Ньүгэрчээйиттэн чугас өрүс уҥуор кистэлэҥин тутан турар Кырыы Тааспыт, онтон чугас дьикти айылҕалаах,туспа тыыннаах Дьэкэмдэбит… Салгыы сэһэргии туруохха син.
Людмила Аммосова.