Нам улууһугар буулдьанан ытыыга күрэххэ

Нам улууһугар буулдьанан ытыыга бэтэрээннэргэ биирдиилээн уонна хамаанданан V-с үбүлүөйдээх өрөспүблүкэтээҕи күрэх икки сиринэн — спорт дыбарыаһыгар уонна Cтрелковай тииргэ ыытылынна.

Бэтэрээннэр бириистэригэр күрэхтэһиигэ Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Бүлүү, Өлүөхүмэ, Нам, Горнай уонна Хаҥалас улуустара, барыта 63 спортсмен кытынна, ол иһигэр Хаҥаластан аҕыс спортсмен.

Быйыл саҥа Интеллектуальнай биатлон” диэн көрүҥ эбии киллэриллибит. Ити көрүҥҥэ хамаанда састаабыгар түөрт спортсмен киирдилэр: Валерий Адамов, Виталий Парфенов, Петр Ефимов, Клавдия Кельциева. Кинилэр хамаанданан кыттан иккис миэстэ буоллулар. Биирдиилээн күрэххэ Андрей Иванов, Римма Макарова, Валентина Ефремова, Галина Попова кытыннылар.

Интеллектуальнай биатлон сүүмэрдэммит хамаандатыгар Андрей Иванов уонна Лира Трофимова кыттан 1-кы миэстэни ылбыттара. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Анна Дмитриевна Павлова этэ.

Күрэхтэһиини тэрийбит энтузиастарынан буоллулар: I-кы категориялаах судьуйа Анна Павлова, РФ спордун маастара, СӨ “УЛАРмс”  маастара, II категориялаах судьуйалар ЛираТрофимова РФ спордун маастара, СӨ “УЛАРмс” маастара, Матрена Андреева – РФ спордун маастарыгар кандидат, СӨ “БЕЛКА-ПС” маастара, Наталья Андреева – РФ спордун маастарыгар кандидат, СӨ “БЕЛКА-ПС” маастара, Клавдия Тихонова – РФ спордун маастарыгар кандидат, СӨ“БЕЛКА-ПС” маастара, Валентина Сокольникова – СӨ “БЕЛКА-ПС” маастара.

Уопсай түмүккэ. ВП-40 (эр дьоҥҥо) кыайыылаахтар быһаарыллыбыттар: 353 очколаах Андрей Иванов I-кы миэстэни ылан спортсменнарын үөртэ. Дьахталларга (1966 с.т.уонна үөһээ саастаахтарга) II-с миэстэ Клавдия Кельциева буолла.

Эр дьоҥҥо: Белка-ПС (1969-1962 с.) кыраҕы харахтаахтар эрбии тииһин курдук эриспиттэрин түмүгэр Андрей Иванов (245 очко) бастакы миэстэни ылла. Дьахталларга: Белка-ПС (1974-1967 с.т.) Римма Макарова (229 очко) ылан бастаата.

Кыайыылаахтар ортолоругар чөмпүөннээбиттэргэ сүүйүү оонньотоннор Римма Макароваҕа дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан Турцияҕа туристическай путевканы туттардылар. Кыттыбыт бары спортсменнарга Нам улууһун тэрийээччилэрэ уонна салайааччылара бириистэри бэлэхтээтилэр, мэтээллэри кэтэртилэр. Күрэхтэһии көхтөөхтүк барбытыттан бары сылдьыбыт дьон олус астынан, үөрэн тарҕастылар.

​​​​Василий МОЖУКОВ, СӨ успуордун бэтэрээнэ.

Читайте дальше