1954 с. Саха сиригэр Москватааҕы И. В. Сталин аатынан Киин физкультурнай институту саҥа бүтэрбит түөрт эдэр уол кэлбитэ. Кинилэртэн биирдэстэрэ Николай Тарскай этэ. Кини тустуу, бокс, штанга курдук олимпийскай көрүҥнэргэ сахалар Аан дойдуга биллиэхпитин сөп эбит диэн бастакы специалистары бэлэмнииргэ, секциялары арыйыыга үгүс үлэни ыыппыта, маҥнайгы күрэхтэһиилэри, чемпионаттары тэрийбитэ. Саха сиригэр киин сирдэртэн Союзка биллэр специалистары аҕалан сбордары тэрийбитэ. Республика хамаандаларын, биирдиилээн спортсменнарын Саха сирин тас өттүнээҕи куораттарга табаарыстыы көрсүһүүлэргэ, Россия, Союз таһымнаах түһүлгэлэргэ таһаарбыта.

Н. Н. Тарскай бирииһигэр көҥүл тустууга республика чемпионата ыытыллар буолан, историяҕа кини аата, оҥорбут үтүөтэ сөргүтүлүннэ. Дьэ, онон, 1963 сыллаахха Николай Тарскай аатынан Cаха сирин I-кы көҥүл тустууга биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионатын кыайыылаахтара уонна призердара буолбуттара:

52 киилэҕэ
I м. Николай Гоголев – СГУ.
II м. Алексей Атласов – Мэҥэ Хаҥалас.
III м. Петр Гаврильев – Дьокуускай.

57 киилэҕэ
I м. Петр Алексеев – Дьокуускай.
II м. Сергей Иванов – Дьокуускай.
III м. Алексей Ермолаев – Дьокуускай.

63 киилэҕэ
I м. Альберт Захаров – Дьокуускай.

II м. Владимир Данилов – Дьокуускай.

III м. Николай Босиков – Дьокуускай.

70 киилэҕэ
I м. Петр Попов – Дьокуускай.
II м. Сергей Айкаров – Дьокуускай.
III м. Федор Эверстов – Чурапчы.

78 киилэҕэ
I м. Эдуард Гегеев – Дьокуускай.

II м. Константин Поляков – Дьокуускай.
III м. Владимир Попов – Сунтаар.

87 киилэҕэ
I м. Максим Сибиряков – СГУ.
II м. Илья Кондратьев – Орджоникидзевскай.
III м. Виктор Михайлов – Абый.

97 киилэҕэ
I м. Василий Румянцев – Бүлүү.
II м. Прокопий Охлопков – Дьокуускай.
III м. Александр Кочан – Дьокуускай.

97 киилэттэн үөһээ
I м. Егор Горохов – Уус Алдан.
II м. Гаврил Корякин – Бүлүү.
III м. Владимир Левшанов – Алдан.

Н. Н. Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан 2024 с. тохсунньу 4-6 күннэригэр Бороҕон туонатыгар 186 бөҕөс бастыҥы быһаарыста, 21 хамаанда кытынна. Кинилэр ортолоругар норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах 1 маастар, 41 спорт маастардара, 82 спорт маастарыгар кандидаттар, 62 бастакы разрядтаахтар бааллар. Ол курдук элбэх кыттааччыны Чурапчы аҕалбыт (34), сунтаардар — 25, уус-алданнар — 20 бөҕөстөөхтөр. Чемпионат кылаабынай судьуйатынан норуоттар икки ардыларынааҕы категориялаах судьуйа Николай Николаев. Биһиги улуустан 9 спортсмен кытынна. 57 киилэҕэ – 3 киһи, 65 киилэҕэ – 3 киһи, 74 киилэҕэ – 1 киһи, 79 киилэҕэ – 1 киһи, 125 киилэҕэ – 1 киһи.

125 киилэҕэ – 14 бөҕөс, 4 маастар, 2 маастарга кандидат, 8 бастакы разрядтаах.

125 киилэҕэ I м. Никита Хабаров – Дьокуускай.

II м. Харысхан Баппагай – Үөһээ Бүлүү.

III м. Даниил Иванов – Хаҥалас.

III м. Эрчим Максимов – Уус Алдан.

Биһиги биир дойдулаахпыт Даниил Иванов Алексеев Иваны (Бүлүү) аҕыс баллынан хотон иһэн, ыраастык уурда. Салгыы боруонса мэтээл иһин Чукров Ньургуну (Дьокуускай) кытары киирсэн, биһиги уолбут туше уурар. Даниил, маладьыас, боруонса!

Сахабыт Сиригэр биир саамай сайдыыны ылбыт көрүҥүнэн көҥүл тустуу буоларын билэбит. Ол сайдыыга, көҥүл тустууга республика чемпионатын суолтатын бэлиэтээн тураммын, уопсай биир аатынан “Николай Тарскай бирииһигэр” диэн ааттаан Cаха сирин I-кы көҥүл тустууга ыйааһыннарынан чемпионакка үс иһигэр кимнээх киирбиттэрин сырдаттым.

Василий МОЖУКОВ, СӨ спордун бэтэрээнэ, СӨ спордун маастара, Покровскай к.

Читайте дальше