Норуот маастардара «Кэрэни кэрэхсээ» дьоро түгэни бэлэхтээтилэр

Хаҥалас улууһун норуот маастардарын айар киэһэтэ Покровскайга «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинигэр  иис-уус уран оҥоһуктар дьаарбаҥка-быыстапкаларынан арылынна.

Ааттаах-суоллаах маастардары сэргэ сонун үлэлэрин бу күн  эдэр, саҥа  саҕалаан эрэр  тарбахтарыгар талааннаахтарбыт дьон көрүүтүгэр туруордулар. Манна Өктөмтөн  Демьян Колодезников мастан дьикти кэрэ, Мохсоҕоллоохтон Любовь Богданова туос оҥоһуктарыттан, Покровскайтан Елена Ефимова-Ойуулаана, Улахан Аантан Светлана  Павлова хоруомкаттан, Мохсоҕоллоохтон Светлана Козлова кылтан, түүттэн, Ойтон Григорий Саввин биисэринэн, металлическай бляшкаттан киэргэллэриттэн саҕалаан маастардарбыт таҥаска тиийэ үлэлэрэ дьон болҕомтотун тарта. Дьокуускайтан биир дойдулаахтарбыт кэлэн сонун үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Быыстапка арыллыытыгар «Симэх» галереяттан Яна Игнатьева дьоһун тэрээһининэн эҕэрдэлээтэ, маннык көрсүһүүлэрдээх Күннэри тэрийии,  талааннаах дьон  үлэлэрин билиһиннэрии улуустарга тахсара аны үгэскэ кубулуйуо диэтэ уонна  олохтоохторго айар үлэлэригэр  ситиһиилэри баҕарда. Норуот  маастардара Азияна Харлампьева, Светлана Баишева, Анисия Фадеева уо.д.а.  маастар-кылаастары ыыттылар.

Онтон киэһэ Покровскай олохтоохторун уонна ыалдьыттарын  «Саргы түһүлгэтэ»  киэҥ-куоҥ саалатыгар «Кэрэни кэрэхсээ» биэчэригэр СӨ норуодунай  артыыһа Дмитрий Артемьев алгыһынан-тойугунан көрүстэ. Салгыы Эстрада тыйаатырын артыыһа, СӨ култууратын туйгуна Батыкаан Батаакап эҕэрдэлээн туран биир бастакынан  Нөмүгүттэн  айар куттаах Антонина Гермогенованы сыанаҕа ыҥыран   сиэдэрэй оноолоох сонун  билиһиннэрдэ. Бу күн Азиана Харлампьева «Сөргүтүү» бөлөҕүн   дьикти, түҥ былыргы таҥаһын-сабын олоҕурбут ньыманан тигэн айбыт  үлэлэрин билистибит. Эчи сиэдэрэйдэрин, кэрэлэрин, кырдьык даҕаны аан дойду таһымнаах араас көрүүлэргэ  дьоһун сыанабылы ылбыт айымньылар  буолалларын итэҕэйдибит. Таарыччы эттэххэ, ити үлэлэринэн Россиябыт, Евразия куонкурустарыгар  саха омук дириҥ силистээх-мутуктаах историятын ситиһиилээхтик көрдөрбүттэрэ биллэр.

Бу киэһээ төрүт таҥаһы сэргэ аныгы, күннэтэ, ону сэргэ дьоһун тэрээһиннэргэ кэтэн үөрэр-көтөр  таҥаһы биһиги уран тарбахтаахтарбыт астыннара көрдөрдүлэр. Ол курдук эдэр кыргыттарга дьикти мааны сахалыы тыыннаах биэчэрдэргэ кэтэр нарын-намчы былааччыйыларын сэргэ чараас таҥастан астык таҥаһы-сабы билиһиннэрдилэр.

Үрдүкү муода «Этно-Эрато» евразийскай, Россия  күрэхтэрин национальнай көстүүмнэргэ лауреаттара Людмила Будищева, Людмила Жиркова салайар  «Үктэл», Азиана Харлампьева салайар «Сөргүтүү» иистэнньэҥнэрин бөлөхтөрүн сэргэ  маастардарбыт    Ольга Игнатьева, Александра Охлопкова, Виктория Ноговицына, Валериана Никифорова, Антонина Гермогенова, Наталия Шепелева, Анисия Фадеева о.д.а. кэллиэксийэлэрэ, биирдиилээн да үлэлэрэ астыннардылар.

 

Отой барыта киһи хараҕын сымнатар айымньылар буоллулар. Дьоро киэһэбитин ылбаҕай ырыанан СӨ үтүөлээх артыыстара Ырыа Саарын, Ирена   Протопопова, аан дойдутааҕы фестиваллар кыттыылаахтара Иоганн  Матвеев, култуура туйгуна Наталья Кузьмина салайар «Хаҥаласчаан», СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василиса Романова,  Ильяна Саввина бэлэмнээбит «Эркээни эдэр сааһа» сонун саҥа үҥкүүлэринэн киэргэттилэр. Бу дьоро киэһэни тэрийбит «Арчы дьиэтэ» норуот айымньытын, «Симэх»  норуот уус-уран айымньытын кииннэрин кэлэктииптэригэр, бары кыттыбыт маастардарбытыгар   махтал буоллун!

Людмила Аммосова, ааптар уонна Мария  Федулова хаартыскаҕа түһэриилэрэ.