Хаҥалас улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын Департамена иһитиннэрбитинэн 32515,84 туонна от бэлэмнэннэ (былаан 31 тыһ.т.этэ).
Ол курдук, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 7638,24 т (былаан 6851 т) соҕотуопкалаатылар. Кинилэртэн 60 туоннаны (20 т.былаан) бэлэмнээн Иһит нэһилиэгин дьоно былааннарын 299,8% толордулар. 125%-ны ситиһэн нөмүгүлэр 14151,24 т. оттоннулар. Үһүс кэккэҕэ Өктөм хаһаайыстыбалара таҕыстылар, 260 т оту оттоон (былаан 216 т. толоруулара-120%).
Фермердэр уонна биирдиилээн урбаанньыттар 12900,4 т. оттоотулар, 112% толордулар. Ордук үчүгэй көрдөрүүнү 5-с Мальдаҕар нэһилиэгэ 245 т. (502%) ситистэ.
177% былааннарын толорбутунан 1-Дьөппөн нэһилиэгэ буолла – 1678 т (946,5 т). Онтон 1-малдьаҕардар 1707 т. (былаан 1134,7 т. 150%) оттоотулар.
Биирдиилээн хаһаайыстыбалар 11977,2 т. (былаан 12617,5 т.) соҕотуопкалаатылар (95%). Манна Иһит нэһилиэгэ хара маҥнайгыттан инники истэ – 500 т. чөкөттүлэр (299,8 т. оннугар). Тиит-арыылар 1109 т. (былаан 792,4 т., 140%). Үһүс миэстэҕэ покровскайдар 188 т. (былаан 156,1 т – 120%),
Сиилэскэ былаан туолла. Хаһаайыстыбалар 4645,5 т. уктулар (былаан 3000 т. этэ). Оттон сенажка – 1705 т. буолла.
Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Кэлин тымныы күннэр тураннар үлэлииргэ соччото дасуох буоллар, туруу үлэһит тыа дьоно быраҕыллыбыт сирдэри булан эбии оттууллар. Төһө кыалларынан оттообут оту тиэйэн таһаараллар. Аны, кыстыкка киирии соруга турар.
Людмила Аммосова.