Социальнай хантыраак
Улууска социальнай хантыраак өҥөтүнэн туһанан бэйэ дьыалатын тэриммит дьон аҕыйаҕа суохтар. Биир оннук киһинэн Покровскай куорат олохтооҕо Ольга Мигалкина буолар. Кини минньигэс бэрэскилэрин, араас кондитерскай оҥоһуктарын үгүспүт амсайбыт, боруобалаабыт буолуохтаахпыт. Ольга идэтинэн уопсастыбаннай аһылык технолога эрээри 15 сыл кэриҥэ Хаҥаластааҕы байыаннай комиссариакка үлэлээбит. Бу кэнники сылларга олоҕор тугу эрэ уларытыан баҕарбыт уонна дууһата сытар, сөбүлүүр дьарыгынан — ас астааһынынан дьарыктанарга соруммут.
— Ас астааһыны үлэ курдук ылыммаппын, оҕо эрдэхпиттэн ийэм, Валентина Александровна Зверева, үйэтин тухары общественнай аһылык тэрилтэтигэр үлэлээбит буолан миигин эмиэ элбэххэ үөрэппитэ, уһуйбута. Дьиэ кэргэммин, чугас дьоммун мэлдьи минньигэс аһынан маанылыы үөрүйэхпин, ис сүрэхпиттэн астынан туран бэлэмниибин. Бу дьыалабын саҕалыырбар дьиэ кэргэним тута өйөөбүтэ. Киһи сатыыр уонна сөбүлүүр дьарыктаах буолара дьол диэн санааны тутуһабыт. Оттон бу дьарык дохуот аҕалар буоллаҕына икки бүк үчүгэй, — диэн Ольга күлэ-үөрэ кэпсиир.
Хайа баҕарар хаһаайка курдук Ольга бурдук аһы дьиэтигэр кыралаан астыыр, аймахтарын күндүлүүр эбит. Онон үлэтэ суох хаалан баран Ольга баһылаабыт идэтинэн үлэ булаары Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинигэр тиийбит. Онно киниэхэ бэйэ дьарыктаах буоларга (самозанятый) диэн 150 тыһыынча солкуобай суумалаах харчынан өйөбүл баарын сиһилии кэпсээн, сүбэлээн биэрбиттэр. Тэҥинэн Ольга улуустаҕы социальнай харалта управлениетыгар бизнес-бырайыак көмүскээн социальнай хантыраак баттаспыт уонна эбии 350 тыһыынча солкуобай ылбыт. Ол үбүнэн туттар тэрилин ылыммыт, оһоҕун, сыаҕыгар анаан миэбэлин саҥардыбыт.
— Социальнай хантыраакка бастакы сырыыбар хапсыбатаҕым, онтон бырайыакпын сиһилии толкуйдаан, санаабын түһэрбэккэ иккистээн киирсэммин ылбытым. Онон саҥа саҕалааччыларга сүбэлиэм этэ, биир аан сабылыннаҕына иккис аан хайаан да аһаҕас буоларын умнумаҥ диэн. Сыалы ситиһэргэ үлэлээҥ, быыс-хайаҕас баар, судаарыстыба өйөбүлүнэн туһаныҥ, чахчы саҥа саҕалыыр киһиэхэ маннык бырагыраамалар бааллара төһүү күүс-көмө буолар, — диир билигин номнуо бэйэтэ туһунан ас астыыр анал сыахтаах асчыт Ольга.
— Үлэм күнэ сыахпар сарсыарда алта чаастан саҕаланар. Тиэстэбин охсон туруорабын, көтөҕүллэр кэмигэр бастакы баартыйа бэрэскилэрим начыынын буһарабын. Онтон дьэ астаабытынан саҕалыыбын. Бурдук аһым барыта оһоххо буһар. Күҥҥэ ортотунан 200 бэрэскини астыыбын. Ону таһынан тиэстэҕэ сууламмыт сосиска, пицца оҥоробун. Сайда-үүнэ таарыйа, аны, кондитерскай оҥоһуктары астаан саҕалаатым. Барытын бэйэм илиибинэн гынабын, онон, биллэн турар, сылаалаах, күнү быһа атахпар тура сылдьабын, ол да буоллар үлэбин сөбүлүүбүн. Ардыгар уруу киэһэлэригэр, малааһыҥҥа, үбүлүөйдэргэ минньигэс бөрүөктэри, каравайдары сакааска ылааччыбын. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн кэлэн сакаастаһааччылар. Астаммыт аспын билигин Покровскай куорат аҕыс маҕаһыыныгар атыылыыбын, ону сэргэ Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэр биир маҕаһыыҥҥа туттарабын. Мин бородууксуйабын амсайбыт дьон сөбүлээн ыла тураллара үөрдэр. Сотору кэминэн бу сыахпар маҕаһыын арынаары бэлэмнэнэбин, онон дьиэтээҕи бурдук аһы сөбүлүүр биир дойдулаахтарбын долгуйа күүтэбин!
Ольга Гермогенова.