Музыка аан дойдутааҕы күнүгэр Покровскайдааҕы искусство оскуолата бу эриэккэс киһибит төрөөбүтэ 90 сылынан дьикти киэһэни бэлэхтээтэ.
«Оскуолаҕа бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан аан бастаан мандолинаны илиибэр ылбытым, оонньоон киирэн барбытым. Аны кулуупка хормуоска атыыласпыттарын истэн онно тиийдим. Ылан тардыалаан бардырҕатан көрбүтүм, доҕоор, мандолина курдук буолуо дуо, чыҥха атын сэп буолан таҕыста. Дьэ, ол хормуоскаҕа харааччы иирэн хааллым. Били мандолинаҕа тыҥкынатар мелодияларбын хормуосканан таһаарары эмиэ бэрт түргэнник үөрэнним. Дэриэбинэҕэ биллэр, ыҥырыыга сылдьар киһи буолан хааллым. Улахан дьон көрдөһөн үҥкүүгэ оонньотор үгэстэннилэр. Ону билэн оскуолам салалтата моһуоктаһан үөрэхпиттэн устаары кыһарыйда» — диэн 2003 сыллаахха биһиги кэрэспэдьиэммит Виктор Тапыевка «Хаҥалас» хаһыакка ыстатыйатыгар Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, педагог Гаврил Куприянов 70-нус хаарын уулларары сылдьан оҕо сааһыттан быктаран турардаах.
Дьэ, итинтэн саҕаланнаҕа олоҕун аргыһа байаанын кытары түбүктээх дьылҕата, 54 сыллаах искусствоҕа айана. Гаврил Иосифович оҕо сааһын, үлэтин-хамнаһын, музыкаҕа анаабыт олоҕун бу ахтыы киэһэтигэр кыыһа, медколледж преподавателэ, быраас Екатерина Никитина, педагог киһи быһыытынан наҕыл, чуолкай кэпсээнинэн сиһилии сырдатта, хаартыскалары көрдөрө-көрдөрө билиһиннэрдэ. Музыкальнай оскуола кэнниттэн Булуҥ Күһүүр кулуубугарикки сыл байаньыыстаан баран Буотамабыт ыччатын Бүлүүгэ саҥа арыллар музыкальнай оскуолаҕа уонна кулуупка үлэҕэ ыыппыттара ахтылынна. Манна Гаврил Куприяновпыт Саха сиригэр бастакы музыкальнай оскуола дириэктэринэн 1957-1960-с сылларга үлэлии сылдьыбытын иһиттибит. Историяҕа киирбит салайааччыларын бу күн кэриэстээн ааһаары бүтэй Бүлүүттэн Марк Жирков аатынан искусство оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солб. Мария Тихонова кэлэн ахтыы оҥордо. Дьэ, Бүлүүттэн оччолорго биһиги киһибит Ыччат бастакы фестивалыгар уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын кытары 25 байаньыыһы бэлэмнээн киллэрэн Дьокуускай стадионугар бараакка «Саха маршын» оонньоон ньиргиппиттэр, оннооҕу оркестр мэктиэтигэр оонньуу туран тохтоон хаалбыт. Итиччэ элбэх байааннаах дьон ыллаан, үҥкүүлээн киирбиттэрэ ньиргийэн дьэ сонун көстүү буоллаҕа. Эчи, инструменнара, оонньооччута оччолорго элбэх эбитин сөҕө истэҕин, билигин биир байаньыыһы дэриэбинэҕэ булар уустугуран турар кэмигэр. Мандолинаны умнубуппут быданнаата… Гаврил Куприянов үс сыл буолан баран аны Мэҥэ Хаҥалас көхтөөх дьонноох Майатыгар ситиһиилээхтик үлэлээбит. Онтон Илин Хаҥалас уоллаах кыыһа – эдэр кэргэниилэр Клавдия, Гаврил дойдуларыгар төннөллөр.
— Биһиги Гаврил Иосифович баарына түөрт байаньыыһынан доҕуһуоллатан үҥкүүлүүрбүт хатыламмат көстүү этэ. Дьэ, ньиргитии буолара, — ахтыыны салгыыр «Эркээни эдэр сааһа» норуот ансаамбылын салайааччыта, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василиса Романова, сир-дойду бөҕөтүн кинини кытары гастроллаан кэрийбит киһи. Култуурабыт үлэһиттэрэ Петр Архипов, Зинаида Кампеева, Анна Тимофеева, Наталья Кузьмина, суруйааччы Павел Харитонов, «Ямщицкий перезвон»ансаамбыл бэтэрээннэрэ ахтыы оҥордулар. Урукку репетицияларга байааҥҥа оонньоон бэлэмниини санаатахха, киһи сөҕөр — түүн үөһүгэр диэри түбүгү, үс кыра оҕолордоох хаалар кэргэнэ Клавдия Егоровна эрэ билэн эрдэҕэ… Гаврил Иосифовичпытын ахтан-санаан кэлбит биир идэлээхтэригэр Алексей Уваровка, Галина Рахимовнаҕа о.д.а. барҕа махтал! Киһи истэ олоруох кэпсээннэрэ элбэх. Онно барытыгар Гаврил Куприяновпыт көрүдьүөстээх түгэннэрэ, агитбиригээдэлэр мүччүргэннээх сырыылара уустаан-ураннаан ахтыллан аастылар. Ол быыһыгар ылбаҕай ырыа бөҕөтө ылланна, скрипка, байаан ыллаата, кэрэ куолас иһилиннэ. Улууспут чулуу музыканнара Валерий Варфаломеев, Петр Саввинов, Николай Макаров байаан доҕуһуоллаах ырыаларын бэлэхтээтилэр. Оҕолор барахсаттар үҥкүүлээн тэйдилэр, бэтэрээннэргэ сибэкки туттардылар. Сардаана сибэккилээх кэрэттэн кэрэ хартыынатын оскуолатыгар Гаврил Иосифовиһы, педагогтарын санаан Саха тыйаатырын худуоһунньуга Лена Гоголева ыыппытын Екатерина Гаврильевна дириэктэр Вероника Алексееваҕа туттарда.
Бу киэһээ Хаҥаласка биллибит култуура үлэһиттэрин Егор Кампеев, Тимофей Стручков, Петр Костарев, Валерий Степанов о.д.а. ааттара элбэхтик ахтылынна.
Тэрээһин оскуола педагога Людмила Артамонова салайар хуорун «Саргылардаах сахалар» ырыаны Гаврил Куприянов байааҥҥа оонньоон хаалбыт доҕуһуолунан уонна хаҥаластар өрөгөй ырыабытынан түмүктэннэ. Олус истиҥ, уоскулаҥ арыаллаах ахтылҕан биэчэрэ кэрэни илгийдэ, үйэлээҕи түстээтэ. Онно төрүөтүнэн үтүөкэннээх киһи, Киһи Киһитэ Гаврил Куприянов буолла.
Видео: https://t.me/gazetahangalas/29815
Людмила Аммосова.