#Аҕамсаастаахтардекадалара
Аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн Покровскайга Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениетын иһинэн күнүскү отделениеҕа сылдьар дьоҥҥо анаан «Саха» НКИХ ыытааччыта, суруналыыс Георгий Белоусовы кытта олус истиҥ «Олох көмүс күһүнэ» диэн ааттаах көрсүһүү буолла.
Ыалдьыт кылгастык телевидениеҕэ үлэтин билиһиннэрдэ, таарыйа үгүс дьон биһирэбилин ылбыт «Өркөн өй» биэриититтэн араас ыйытыылары биэрэн көхтөөх көрөөччүлэрин оонньотто. Көрсүһүү кэмигэр аҕам саастаахтар отделение үлэтин, хайдах-туох дьарыктар манна тэриллэллэрин туһунан үөрэ-көтө кэпсээтилэр, бу күннэргэ маастар-кылаастарга оҥорбут оҥоһуктарын көрдөрдүлэр. Маны сэргэ, телевизорынан эрэ көрөр биллэр ыытааччыны кытта атах тэпсэн олорон интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрдилэр, санаа атастастылар. Георгий да, көрсүһүү кыттыылаахтара да астынан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Ольга Гермогенова.
Монтаж видео Мари Арс.