Сэтинньи 25 күнүгэр саха дьоно Олоҥхо күнүн бэлиэтиибит. Олоҥхо норуот тылынан уус-уран айымньытын саамай улахан көрүҥэ буолар, бухатыырдар дьоруойдуу охсуһууларын хоһуйан көрдөрөр айымньы. Саха норуота  хайдах олорон ааспыт историята, дьарыга барыта олоҥхоҕо суруллар. Тыла-өһө ыарахан, ол гынан баран, үчүгэйдик толкуйдаан аахтахха билиэххэ, өйдүөххэ сөп дии саныыбын.

Биһиги бэһис кылаастан олоҥхону үөрэтэбит. Бэһис кылааска “Мөҥүрүүр Бөҕө”, алтыс кылааска “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхону үөрэппиппин өйдөөн хаалбыппын. Олоҥхоҕо  бухатыыр  айыы дьонун көмүскүүргэ ананан төрүүр, айылҕаттан күүстээх, толкуйдаах, булугас өйдөөх ыарахан балаһыанньаттан түргэнник сатаан тахсар. Ааҕарга ыарахан, элбэх оҕо ыарырҕатар, ону ол диэбэккэ биһиги ааҕыахтаахпыт, билиэхтээхпит.  Интернеккэ олоҥхону ырытыылар элбэхтэр, ону ааҕан, аахпыт олоҥхону тэҥнээн көрөр сөп. 

Олоҥхоҕо мин сири-дойдуну ойуулааһыны  уонна Айыы бухатыыра абааһы бухатыырын кыайан-хотон кэлиитигэр дьоно-сэргэтэ хайдах үөрэн-көтөн көрсөрүн, киниэхэ хайдах  эрэммиттэрин туһунан кэпсэнэрин ааҕарбын сөбүлүүбүн. Атын айымньылар курдук кыайыынан-хотуунан түмүктэнэр, элбэх билбэт тыллары билэбит, ол билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах. Олоҥхобут туругура турарыгар бары кыһаллыахтаахпыт.

Кира Винокурова, Покровскай 1 №-дээх 7 кылааһын үөрэнээччитэ.