Бүгүн — Бөтүрүөп таҥара күнэ. Өбүгэ саҕаттан Бөтүрүөпкэ диэри от үлэтэ саҕаланара. Өскөтүн, от охсуутун саҕалаабатахтарына, «абааһылар мунньахтарын» (от ыйын 13 күнүн) аһардан баран киирэллэрэ, билигин да сорох сиргэ дьон маны тутуһар.

Хаҥалас улууһугар, күнү-дьылы былдьаһан, сорох нэһилиэктэргэ окко хайыы-үйэ бэс ыйын 30 күнүттэн киирбиттэрэ.

Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Андрей Архипов иһитиннэрбитинэн, быйыл окко маассабайдык киирии от ыйын 13 күнүн кэннэ буолуо.  От үүнүүтэ куһаҕана суох, күн туран биэрдэр, от былаана 100% туолуон сөп.

“Күн бүгүн окко уопсайа 106 тиэхиньикэ, 46 киһи, 43 механизированнай звено үлэлии сылдьар. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалартан —  Төхтүртэн  «Хахсык» ТХПК, Нөмүгүттэн «Туймаада» Экоферма ХЭТ, Улахан Аантан «Бөртө сылгы собуота», «Өктөмнөөҕү» ТХПК оттоон саҕалаабыттара, бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыбалартан Иван
Ушницкай 150 тн оту номнуо бэлэмнээтэ», — диэтэ Андрей Леонидович.

Улуус быйылгы сылга окко былаана 31 000 тн тэҥ, ол иһигэр кэтэх хаһаайыстыбалар — 12 000 тн, бааһынай хаһаайыстыбалар — 11
849 тн оттуохтаахтар. Ону кытта 3 000 тн сиилэс, 2 500 тн сенаж бэлэмнэниллиэхтээх.

Хоточчуга Леверьевтар уонна Заболоцкайдар дьиэ кэргэн оттууллар. Бүгүн 5-с отторун туруораллар.

Хаартыскаҕа түһэрдэ: Октябрина Леверьева уонна Алена Скрябина

Ольга ГЕРМОГЕНОВА, «Хаҥалас» хаһыат