Парасковия Максимова: «Билигин бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэрбит олус наада…»

Бу күннэргэ нэһилиэктэргэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар араас көмө оҥоһулларын туһунан хаһыаппытыгар, социальнай ситимҥэ сырдатан иһэбит. Ол курдук, кимнээх эрэ сылаас таҥас-сап бэлэмнээтилэр, сорохтор үбүнэн көмө оҥордулар, сорох сиргэ байыаннайдар дьиэ кэргэттэригэр мас-муус тастылар, араас аахсыйа тэрийдилэр.

Оттон Улахан Ааҥҥа «Көмүлүөк» эбээлэр түмсүүлэрэ, олохтоох общественнай сэбиэт, «Бөртө» дьахтар сэбиэтэ, оскуола оҕолоро көмөлөөн харыстанар сетка баайдылар.

«Харыстанар сетка оҥоруутугар дьоммут олус көхтөөхтүк кытыннылар. Аны нашлемник оҥоруохпутун сөптөөх таҥаспыт, матырыйаалбыт суоҕа үлэ хаамыытын атахтаата. Онон, амарах санаалаах биир эмит спонсор көһүннэр маскировочнай уонна хаки өҥнөөх таҥас кырадаһынын эбэтэр хаки өҥнөөх миэтирэлээх таҥас ылан биэрэрэ буоллар диэн баҕалаахпыт. Билигин бука бары биир сомоҕо буолан бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэрбит олус наада», — диэн 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин уонна улуус Общественнай сэбиэтин чилиэнэ Парасковия Максимова санаатын үллэһиннэ.

Ольга Гермогенова.