Покровскай куорат кубогар тхэквондоҕа күрэхтэһиигэ 130 оҕо кытынна

Ааспыт субуотаҕа Покровскайга Споркомплекска тхэквондоҕа бастыыр иһин өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэхтэһии буолан ааста.

Манна Покровскайтан, Дьокуускайтан, Уус Алдантан спортивнай кулууптартан, оскуолалартан 130 оҕо кэлэн кыаҕын тургутуста. Ол курдук, «Саха прайд», «Темпл», «Рандори» о.д.а. хамаандалара кэлэн Покровскай куорат бирииһигэр кытыннылар.

Күрэхтэһии түмүгүн Покровскайдааҕы «Хотой» бойобуой искусстволар кииннэрин тириэньэрэ Иван Самсоновтан иһитиннэрэригэр көрдөстүм:

— Түмүккэ кытаанах, сорох ыйааһыннарга элбэх кыттааччылаах киирсиилэр кэннилэриттэн Ньургун Сидоров (26 кг), Айаан Дмитриев (38 кг), Айыына Львова (26 кг), Санаайа Никифорова (30 кг), Айыылаана Тимофеева (35 кг), Темурхон Парпиев (57 кг), — «Кэскиллээх спортсмен» анал бириис), Настя Янышева (49 кг), Данил Андреев (59 кг, — «Кэскиллээх спортсмен» анал бириис), Юлиана Пахомова (59 кг) кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Хас биир күрэхтэһии оҕолорбут сыралаах үлэлэрин, дьарыктарын түмүгэ буолар, инники ситиһиилэргэ көҕүлүүр, — диэтэ тхэквондистар тириэньэрдэрэ Иван Александрович.

Мантан кыһын элбэх күрэхтэр эдэр спортсменнары күүтэллэр, олор утумнаах, дьаныардаах бэлэмнэниини ирдииллэр.

Людмила Мордовская.

Читайте дальше