Арчы дьиэтигэр Айыыһыт Айыыттан бэриһиннэрбит илиилэригэр талба талааннаах, кэрэ нарын куоластаах Сунтаар ырыаһыттара, Саха өрөспүүбүлүкэтин мелодистарын түмсүүлэрин чилиэнэ Фатина Иванова — Дунаайа, СӨ үтүөлээх артыыһа Тамара Попова — Хадаана, талааннаах ырыаһыттара Екатерина Львова — Кыталык Куо, Екатерина Софронова СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Людмила Спиридонова, СӨ норуодунай суруйааччыта, култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ суруйааччыларын сойууһун, Россия суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ Наталья Михалева — Сайа ыалдьыттаан аастылар.
Сунтаар кэрэ далбар-хотуттара хоһоонньуттарын, мелодистарын, ырыаһыттарын таһынан тарбахтарыгар талааннаахтарын бигэргэтэн бэйэлэрэ тутан-хабан, айан-дьүһүйэн, иискэ илиилэринэн оҥорбут дьоһун үлэлэрин быыстапкатын, олоххо көрүүлэрин,инники былааннарын билиһиннэрдилэр.
Тэрээһини ыытааччылар Арчы дьиэтин үлэһиттэрэ Мотрена Гаврильева, Светлана Никифорова ыалдьыттарга кэрэ тыллары этэн туран Махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттардылар, көрсүһүүгэ кэлбиттэр ыалдьыттары кытары хаартыскаҕа түстүлэр. Сунтаар айар талааннаахтарын быыстапкалара сөхтөрдө.
— Мин бу кыракый хоруомкалаах кэрэ суумкалары кэрэхсии көрдүм, оһуора-мандара эчи үчүгэйин!, — диэтэ култуура бэтэрээнэ Галина Ильина.
— Онтон мин бу сым- сымнаҕас түнэттэн оһуордаах кып-кыракый оҕолор этэрбэсчээннэрин көрөн үөрдүм, кэлин сиэннэннэххэ тигиэххэ баар эбит, — диэтэ истэнньэҥ, норуот маастара Анисия Фадеева.
Людмила Мордовская. «Хаҥалас» хаһыат.
Ааптар уонна Мария Федулова хаартыскаҕа түһэриилэрэ.