«Президент М. Е. Николаев биһиги нэһилиэкпитигэр» ахтыы киэһэҕэ

Улахан Ааҥҥа Саха сирин бастакы президенэ Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр аналлаах «Президент М. Е. Николаев биһиги нэһилиэкпитигэр» ахтыы киэһэтэ буолан ааста.

Тэрээһин «Дьүөгэлиилэр» үҥкүү бөлөҕүн толоруутунан аһылынна. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбытынан буоллулар урукку кэмнэргэ олохтоох дьаһалтаҕа баһылыгынан үлэлии сылдьыбыт Игнатий Иванов, Григорий Сысоев, Александр Максимов уонна баһылык солбуйааччыта Николай Иванов. Кинилэр Михаил Николаевтыын алтыһан ааспыт, үлэлээбит сылларын сырдатан кэпсээтилэр. Быыһыгар 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Марина Васильева «Үйэ чулуу киһитигэр» хоһоонун аахтылар, ылбаҕай ырыаһыт Марианна Григорьева «Сахам сирэ» ырыаны бэлэх уунна.

Бу күн нэһилиэк иһинэн биллэриллибит Бастакы президеҥҥэ анаммыт хоһоон айыытыгар күрэх түмүгэ таҕыста. Ол курдук,
1 миэстэни Вера Соломонова-Күндүүнэ ылла,
2 миэстэ Зинаида Иванова-Чөмчүүк уонна
3 миэстэ Людмила Андреева-Өрүкүй сыдьаана Кыыча буоллулар. Зинаида Иванова «Бастакы президеҥҥэ» суруйбут хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ.

Түмүккэ бары мустубут дьон В. Григорьев тылыгар, А.Егоров мелодиятыгар «Бастакы президеҥҥэ» ырыаны хорунан толордубут.
Кэлбит ыалдьыттарбытыгар, оскуолабыт үөрэнээччилэригэр, көрөөччүлэрбитигэр махталбытын биллэрэбит!

Римма Черемкина, Улахан Аан с.

Читайте дальше