Родион Христофоров аатын үйэтитэр үлэни биһириибит, киэн туттабыт

Саҥа 2024-2025 үөрэх дьыла саҕаламмытынан итии-истиҥ эҕэрдэ!
«Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон депутаттарын Сэбиэтин 2023 сыл сэтинньи 23 күнүнээҕи 3 №-дээх сессиятын 3-6 №-дээх Быһаарыытынан Орто Кытыл начаалынай оскуолатын маҥнайгы учуутала Родион Алексеевич Христофоров аата Тумул сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар иҥэриллибитин туһунан нэһилиэк олохтоохторо, чугас дьоно уонна аймахтара үөрэ истибиппит.
Р. А. Христофоров кыргыттара Елизавета Копырина, Татьяна Капустина өссө 2011-2012 үөрэх сылыттан оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччигэ анал стипендия анаабыттара. Кинилэр үөрэх дьылын бүтүүтэ, Тиһэх чуораан күнүгэр, бу стипендияларын туттарааччылар. Бу сыллар усталарыгар сүүрбэттэн тахса оҕо анал наҕараада тутан үөрбүттэрэ.

2013 сылтан учууталларга аналлаах улуустааҕы «Христофоровскай ааҕыылар» научнай-практическай конференция ыытыллар. Быйыл кулун тутарга VI-с НПК буолан ааспыта. Дьиэ кэргэн сылынан Гаврильевтар учуутал дьиэ кэргэннэрэ Христофоровскай ааҕыыга ситиһиилээх кыттыыларын иһин Р.А. Христофоров кыргыттарын, сиэннэрин, хос сиэннэрин аатыттан анал бириэмийэ туппуттара.

Былырыын Педагог уонна Уһуйааччы сылыгар, Учуутал күнүгэр түбэһиннэрэн, Тумул нэһилиэгин Орто Кытыл начаалынай оскуолатыгар үлэлээбит бастакы учууталларга — Макаров Михаил Иннокентьевичка уонна Христофоров Родион Алексеевичка анаан мемориальнай доска арыллыбыта.

Р.А. Христофоров чугас дьоно аҕаларын, эһээлэрин, хос эһээлэрин аатын үйэтитэр үлэлэрин биһириибит, киэн туттабыт. Баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, дьолу, мэлдьи үөрүү аргыстаах сылдьыҥ диэн баҕа санаабытын этэбит. Р.А.Христофоров аатын сүгэр Тумул сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын үөрэнээччилэригэр уонна учууталларыгар үөрэххэ, үлэҕэ үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

Лидия Христофорова, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ, Уус Алдан, Хаҥалас улуустарын үөрэҕириилэрин сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэлэр хаһаайыннара.