Розалия Петрова: «Хортуоппуй былырыыҥҥытааҕар элбэх буолсу»

Күһүнҥү хомуур

Норуокка иккис килиэбинэн аатырбыт хортуоппуй хомуура саҕаланна. Оҕуруот астарыттан саамай сүрүннэрэ уонна олордуута, көрүүтэ-истиитэ судургутун быһыытынан хаһаайыстыба буоллун, ыал буоллун бары олордобут.

Өктөм нэһилиэгин фермерэ Розалия Петрова бу күннэргэ хортуоппуйун хостоон саҕалаата. Хостооһун көрдөрөрүнэн үүнүү өлгөм уонна хортуоппуйа бөдөҥ.

Быйыл 15 га иэннээх сиргэ хортуоппуйу олортум. Билигин онтон сэттэ га хомулунна, аны аҕыһа хаалла. Атырдьах ыйын бастакы күнүттэн кыралаан хомуурусаҕалаабыппыт, 31 күнүттэн сүрүн үлэ бара турар. Манна ким баҕалаах кэлэн үлэлиэн сөп уонна хас 13-с куулун бэйэтигэр хамнас быһыытынан ылар. Кэнники сылларга үтүө үгэс быһыытынан Дьэр уонна Төхтүр нэһилиэктэрин оскуолалара көмөҕө кэлэн абыраан бараллар. Биллэн туран, дьон хото кэллэҕинэ түргэтиибит, үгүстэр хаһыс да сылларын сылдьаллар, бары сырыы аайы өттүк хараланан, сибиэһэй салгынҥа үлэлээн астынан бараллар.


Түгэнинэн туһанан, ким баҕалааҕы балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр ыҥырабын.
Хортуоппуй былырыыҥҥытынааҕар элбэх, куул түргэнник туолар, — диэн Розалия Петрова тиһэх сонуннарын кытта үөрэ-көтө үллэстэр.

Татьяна Владимирова